Акимов Егор Егорович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Акимов Егор Егорович — ырыаһыт, ырыа айааччы, СӨ култууратын туйгуна.

От ыйын 17 күнүгэр 1970 сыллаахха Бүлүү Хампатыгар элбэх оҕолоох ыалга үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Хампаҕа ааспыта, орто оскуоланы онно бүтэрбитэ.

Бииргэ торообуттэриттэн убайа ыллыыр. Хайа ба5арар ырыаьыт да, ырыа айааччы да саамай кунду чугас киьилэригэр ийэлэригэр ырыа аныыллар. Ол курдук, Егор «Ийэбэр» диэн ырыатын оскуоланы бутэрэн баран суруйбута. Дьэ онтон ылата ырыа кэрэ алыбыгар уйдаран ырыа ыллаан, айбытынан барбыта. 1993—1996 сс. Дьокуускай куорат Култуура уонна Искусство колледжыгар эстраднай отделениятыгар уорэнэр сылларыгар, «Бабочкалаах уолаттар» диэн Неустроевтарга ылласпыта. Уорэнэ сылдьан кэргэнин Надежданы корсон, ыал буолуохтарыттан уьук хоту Өлөөн улууһун Дьэлиндэ боьуолэгэр кэлэн, иккис дойду оностон, бултаан-алтаан олорбута. Биэс оҕолоохтор. Дьэлиндэҕэ тиийиэ5иттэн олохтоох кулуупка, худругунан таьаарыылаахтык улэлээбитэ. Элбэх о5ону, улахан дьону ырыа алыптаах кэрэ эйгэтигэр угуйар. Хоту дойду кэрэ айыл5атын собулээн, дойдуга тапталын инэрэн, Дьэлиндэ туьунан элбэх ырыа автора буолар. Сахалыы ырыа фестивалларыгар куруутун кыттар. Кэргэнинээн Надеждалыын уонна оҕолорун кытта бары бииргэ ыллыыллар. Сыралаах улэтин туоьулуур элбэх грамоталардаах, дипломнардаах.

2015 сыл от ыйын 6 күнүгэр Егор Акимов ыараханнык ыалдьан өлбүтэ.

Наҕараадалара

  • СӨ култууратын туйгуна
  • 1995 с. Үс дьоруой Н. С. Степанов, Н. А. Кондаков, А. А. Миронов ааттарыгар анаммыт «Киэһээҥҥи Бүлүү» ырыа күрэһин дипломаана.
  • 1999 с. «Өлөөн үрэҕин үрдүгэр» IX улуустааҕы ырыа бэстибээлин аранжировкаҕа анал бирииһэ.
  • 2006 сыл «Анаабыр үрүҥ түүннэрэ» бэстибээлгэ «Ааптар ырыата» номинаана.
  • 2006 г. награждается за вклад в развитие и сохранение культурного наследия кочующих эвенков среди подрастающего поколения Оленекского эвенкийского национального района.
  • 2007 г. Успешное участие VII Республиканском вокальном конкурсе среди мальчиков и юношей «Ыллаа-туой, уол о5о», посвященном 375-летию вхождения Якутии в состав Российского государства и Дню защитников Отечества.
  • 2010 с. бочуотунай грамотанан на5араадаланар Дьэлиндэ нэьилиэгин культурнай киинин музыкальнай салайааччыта. Олоон эбэнки национальнай оройуон социальнай-экономическэй сайдыытыгар улахан тус кылаатын уонна ор сыллаах утуо суобастаах улэтин иьин.
  • 2011 г. награжден за подготовку участников к III районному туру Республиканского телевизионного конкурса «Полярная звезда — 2011»
  • 2011 г. «Лучший мелодист по созданию детского репертуара».
  • 2011 г. Благодарственное письмо от комитета по делам семьи и детства при Президенте РС(Я)
  • 2012 г. Гран-при — конкурса семейных дуэтов «Ты и я».
  • 2013 г. признан победителем «Лучший по профессии» с занесением на районную Доску почета по итогам районного смотра 2012 года среди работников культуры.
  • 2013 г. благодарность от постоянного секретаря государственного собрания (ИЛ ТУМЭН) РС (Я).