Бэс ыйын 29

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс ыйын 29 диэн Григориан халандаарыгар сыл 180-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 181-c күнэ). Сыл бүтүө 185 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • АрассыыйаБартыһааннар уонна подпольщиктар күннэрэ. 2010 сыллаахтан Брянскай уобалас дууматын көҕүлээһининэн бэлиэтэнэр. 1941—1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитигэр фашистары утары өстөөх тыылыгар охсуспут дьону кэриэстииллэр.
  • ИиндийэFlag of India.svg Ииндийэ — Статистика күнэ
  • ВенесуэлаСан-Паулу, ЧиилиFlag of Chile.svg Чиили, ИспанияFlag of Spain.svg Испания — Арыгы кыргыһыыта (Batalla de Vino). Олохтоохтор кыһыл арыгыннан бэйэ-бэйэлэрин ыһыахтыыллар, ол кэнниттэн "борооскулар кыргыһыыларын" ыыталлар (оҕустар кыргыһыыларын курдук эрээри, борооскулары өлөрбөттөр).
  • НидерландFlag of the Netherlands.svg Нидерланд — Бэтэрээннэр күннэрэ
  • НКРНКР — Ийэ дойду иһин охтубуттар күннэрэ[1]
  • СейшелларFlag of the Seychelles.svg Сейшеллар — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан 1976 сыллаахха)
  • ЭквадорFlag of Ecuador.svg Эквадор — Инженер күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1444Скандербег Албанияҕа саба түспүт осмааннар сэриилэрин Торвиолл хочотугар үлтүрүппүт.
  • Афон аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт.
  • Саха аймах" култуурунай сырдатар уопсастыба тэриллибит.
  • Ефим Курашов хамандыырдаах кыһыл этэрээт Майа сэлиэнньэтин ылбыт.
  • Жигалово - Усть-Кут - Киренскай - Бодойбо - Витим - Өлүөхүмэ - Дьокуускай холонон көрүү маршрутунан көтөн кэлбит. Мантан ыла регулярнай рейстэр саҕаламмыттар. Бу иннинэ Дьокуускайтан Москубаҕа айан ыйтан ордук, онтон саас суол алдьаннаҕына икки ыйтан ордук буолар эбит. Ол иһин Саха сирин салалтата көтөр аалынан сырыы аһылларын 1923 сыллаахтан ыла туруорсубут.
  • 1934 — Саха АССР Норуотун хамыһаардарын Сэбиэтин (СНК) «Учууталлар үөрэхтэрин кэтэхтэн үрдэтинэр институуттарын тэрийии туһунан» диэн уурааҕа тахсыбыт.
  • 1938Исидор Бараахап дьыалатыгар доппуруос бастакы боротокуола суруллубут. Олунньу 3 күнүгэр хаайыллыбыт эрээри, архыыпка баар дьыалаҕа ол кэнниттэн 146 хонук иһигэр туох буолбута биллибэт. Бу тухары НКВД хаайыытыгар сытан «буруйун» билиммэтэх буолан, доппуруос боротокуола суох диэн устуорук Е. Алексеев суруйар.
  • 1945 — Сэбиэскэй Сойуус Чехословакияҕа киирэр Карпатскай Русь диэн сири бэйэтигэр холбообут, Украина састаабыгар киллэрбит.
  • 1958Бразилия аан бастаан футболга аан дойду чөмпүйүөнэ буолбут. Билиҥҥи туругунан Бразилия аан дойду чөмпүйэнээттэригэр биэс төгүл бастаабыта, бу курдук көрдөрүүлээх атын дойду суох.
  • 1964 — Телевизор дистанционнай пульта айыллыбыт.
  • 1971 — «Союз-11» хараабыл түһээри атмосфераҕа киирэн иһэн саахалламмыт, үс космонавт өлбүт. Георгий Добровольскай, Владислав Волков уонна Виктор Пацаев — космос куйаарыгар өлбүт бастакы дьон.
  • Михаил Барышников Кировскай тыйаатыр Канаадаҕа гастроллуу сырыттаҕына Сэбиэскэй Сойуустан күрээбит.
  • 1976 – Сейшел арыылара Холбоһуктаах Хоруоллуктан тутулуга суох буолбуттар.
  • 1984 — «Якутуглестрой» кэмбинээт биригэдьииригэр Михаил Михеевкэ Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
  • 1995 — "Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былаастарын уорганнарын ыккардыгар дьаһайар предметтэрин уонна боломуочуйаларын араартыыр туһунан сөбүлэҥҥэ" илии баттаммыт. Маны таһынан бырабыыталыстыбалар ыккардыларыгар бу сөбүлэҥҥэ олоҕурар араас хайысхалаах (экэниэмикэҕэ, бүддьүөккэ, айылҕа хостонор баайыгар, тас ситимнэргэ, айылҕа харыстабылыгар уо.д.а.) 15 сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Бу сөбүлэҥнэри бэлэмниир үлэни Василий Власов салайбыт.
  • 2007АХШ-га Apple хампаанньа бастакы мобильнай төлөппүөнэ, iPhone, атыыга тахсыбыт.
  • 2012Дьокуускай аэропордугар 17,5 тыһ. кв. м. иэннээх саҥа терминал арыллыбыт. Аэропорт комфорт уонна куттал суох буолуутунан "С" кылаастаах ирдэбилгэ хоруйдуур буолбут, оттон дьону аһарыытын кыаҕа чааска 700 пассажирга диэри улааппыт.

Төрөөбүттэр

  • Антуан де Сент-Экзюпери, боронсуус бэйиэтэ уонна лүөччүгэ (1944 өлб.).
  • 1916 — Пантелеймон Тулааһынап (1949 сылга өлбүт), бэйиэт.
  • 1937 — Герман Комраков, композитор, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
  • 1946 — Иннокентий Голиков, физикаҕа уонна математикаҕа билим дуоктара, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, 1994-1996 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ миниистирэ, СГУ педагогическай институтугар ректорынан өр сылларга үлэлээбитэ.

Өлбүттэр