1974 сыл
Сыллар |
---|
1970 1971 1972 1973 — 1974 — 1975 1976 1977 1978 |
Уоннуу сыллар |
1940-с 1950-с 1960-с — 1970-с — 1980-с 1990-с 2000-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1974 сыл.
Туох буолбута
Күнэ-дьыла чопчуланыахтаах
- Саас өрөспүүбүлүкэҕэ Сэмэн Данилов көҕүлээһининэн уус-уран тылбааска үөрэниэн баҕалаахтарга күрэс биллэриллибит. 40 киһи кыттыбытыттан 10 киһи талыллыбыт. Онтон иккитэ Москубаҕа эксээмэни ааспатахтар, онон 8 киһи Литэрэтиирэ институтугар үөрэххэ киирбит. Биир киһи үһүс куурустан үөрэҕин тохтоппута, онон 1979 сыллаахха 7 киһи бүтэрбитэ.
- Дмитрий Дыдаев "Ор сыллаах ахтылҕаным" кинигэтэ тахсыбыт (бэйиэт өлбүтүн кэннэ). Онно киирбит "Хара быраат хара убайыгар суруйбут суруга" диэн хоһоону сэбиэскэй былааһы хараардыыга буруйдаан кинигэни боппуттара, эрэдээктэрдээн таһаарбыт Михаил Тимофеевы үлэтиттэн устубуттара.
Тохсунньу
- Суут күнүн сэриитин түмүктээбиттэр.
- ССРС-ка Үлэ Албан аатын уордьана уонна "Үлэ бэтэрээнэ" мэтээл олохтоммуттар.
- Соҕуруу Кытай байҕалыгар Кытай уонна Соҕуруу Вьетнам флоттарын күөн көрсүһүүлэрин кэннэ Кытай мөккүөрдээх Парасель арыыларын бас билбит. Билигин бу арыылары Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтиттэн Вьетнам уонна Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань) былдьаһаллар.
Олунньу
- Олунньу 7 — Гренада Холбоһуктаах Хоруоллуктан тутулуга суох буолбут.
- Александр Солженицын, 1970 сыллааҕы Нобель бириэмийэтин лауреата, Сэбиэскэй Сойуустан үүрүллүбүт.
- Лахорга (Ислаам кэмпиринсийэтин тэрилтэтин мунньаҕа саҕаламмыт. 37 дойдуттан бэрэстэбиитэл уонна 22 дойду эбэтэр бырабыыталыстыба баһылыга кыттыбыттар. Бу мунньахха Бангладеш туспа дойду быһыытынан билиниллибитэ.
Алтынньы
- Алтынньы 2 — Саха сиригэр сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэптэриилэртэн биирдэстэрэ 1,7 килотонналаах «Кристалл» оҥоһуллубут. Билиҥҥи Мирнэй улууһун Удачнай куоратыттан 2,5 км хоту диэки 98 метр дириҥҥэ Хайа-байытар комбинат хвостохранилищетын быһытын тутаары дэлби тэптэриллибит. Былаан быһыытынан бу 8 дэлби тэптэрииттэн бастакыта эбит. Ол эрээри бастакы сырыыга радиациялаах былыт халлааҥҥа өрө күөрэйэн тахсыбыт уонна тыалынан тулалыыр иччитэх сирдэринэн тарҕаммыт. 5 хонугунан радиация таһыма намтаан дьон бу территорияҕа киирэр кыахтаммыттар. 1992 сылтан саҕалаан радиациялаах буору Удачнай карьерын отвалынан саба көмөн, тоҥ буорунан дьапталҕа оҥорон «саркофаг» туппуттара.
Сэтинньи
- Сэтинньи 24 — Эфиопияҕа палеонтологтар Дональд Йохансон уонна Том Грей 40%-на бүтүн хаалбыт австралопитек дардьаматын булбуттар. Дьардьаманы Битлз бөлөх ырыатынан «Люси» диэн ааттаабыттар.
- Ахсынньы 8 — Плебисцит түмүгүнэн Греция монархия буолан бүппүт.
- Майотта Франция салайыытыгар хаалар.
Төрөөбүттэр
- Тохсунньу 27 — Уле Эйнар Бьорндален — Норвегия улуу биатлониһа, 13 олимпийскай мэтээл хаһаайына (13 мэтээл, 8-кыһыл көмүс)), 19 төгүллээх аан дойду чөмпүйүөнэ, 95 төгүллээх Аан дойду куубагын этээбин кыайыылааҕа, 6 төгүл Аан дойду куубагын хаһаайына буола сылдьыбыта.
- Кулун тутар 8 — Амма оройуонун Болугур сэлиэнньэтигэр Григорьев Семен Егорович, реликтовай фаунаны чинчийбит биллэр саха учуонайа, Сэлии түмэлин дириэктэрэ.
- Атырдьах ыйын 12 — Винокурова Надежда Ивановна, лингвистика философиятыгар доктор.
- Сэтинньи 11 — Леонардо ДиКаприо — киинэ артыыһа.
Өлбүттэр
- Кралин (Иванов) Алексей Евсеевич (29.03.1893—1974) — Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, салайааччы, политик.
- Олунньу 22 — Иван Редников — 1956-1960 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлин солбуйааччы, хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, Аан дойду иккис сэриитин кыттыылааҕа, полковник.
- Муус устар 22 — Крылов Евграф Михайлович, саха худуоһунньуга.
- Муус устар 24 — Павлов Валентин Васильевич (1916—1974), Сэбиэскэй Сойуус Геройа.
- Атырдьах ыйа 23 — Протодьяконов Гавриил Дмитриевич, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Чурапчы улууһун ытык киһитэ.
- Василий Шукшин (1929 төр.), суруйааччы, киинэ артыыһа, киинэ режиссера, сценарист.
- Зинаида Ермольева (1898 төр.), сэбиэскэй микробиолог, эпидемиолог, антибиотик айааччы.
- Ахсынньы 24 — Гоголев Захар Васильевич (1911—1974), история билимнэрин доктора.