Гоголев Захар Васильевич
Захар Васильевич Гоголев | |
---|---|
Төрөөбүт күнэ: | 1 атырдьах ыйын 1911 |
Төрөөбүт сирэ: | Чэриктэй нэһилиэгэ, Дүпсүн улууһа, Саха уобалаһа |
Өлбүт күнэ: | 24 ахсынньы 1974 (63 сааһыгар) |
Дойдута: |
Россия империята, ССРС |
Билим эйгэтэ: | Саха Сирин уонна Сибиир историялара |
Үөрэммит кыһата: | Москватааҕы история, философия уонна литература Института, 1940 |
Гоголев Захар Васильевич (01.08.1911, Чэриктэй нэһилиэгэ, Дүпсүн улууһа, Саха уобалаһа — 24.12.1974) — устуоруйа билимин дуоктара.
Олоҕун олуктара
- 1911 сыллаахха атырдьах ыйын 1 күнүгэр Саха уобалаһын Дүпсүн улууһугар[1] Чэриктэй нэһилиэккэ төрөөбүт.
- 1930-с сылларга, Дьокуускайдааҕы педагогическай техникуму бүтэрээт, Саха АССР Киин толоруулаах Комитетын уонна ЫБСЛКС обкомун аппараттарыгар үлэлээбит.
- 1940 сыллаахха Москватааҕы история, философия уонна литература Институтун бүтэрбит.
- 1940—1941 сс. — Москватааҕы история, философия уонна литература Институтун аспирана.
- 1942—1948 сс. — Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт. Киев Краснознаменнай байыаннай пехотнай училищетыгар преподаватель.
- 1948 с. — история билимнэрин кандидатыгар «Советско-турецкие отношения в 1919—1923 гг.» тиэмэҕэ суруйбут диссертациятын Киев государственнай университетыгар көмүскээбит.
- 1949—1963 сс. — ССРС билимин Академиятын Дьокуускайдааҕы филиалыгар Тыл, литература уонна история Институтун дириэктэринэн үлэлээбит.
- 1963 сылтан — ССРС билимин Академиятын Сибиирдээҕи салаатын история, филология уонна философия Институтугар история уопсай кыһалҕаларын үөрэтэр салаатын старшай научнай үлэһитэ, сэбиэдиссэйэ.
- 1972 с. — история билимнэрин докторыгар диссертациятын көмүскээбит; көмүскэлэ, өлбүтүн кэннэ, 1976 сыллаахха бигэргэтиллибит.
- 1974 сыллаахха ахсынньы 24 күнүгэр күн сириттэн барбыт.
З. В. Гоголев туһунан
- Башарин Г. П. Обозрение историографии дореволюционной Якутии. — Якутск, 1965. — С. 39—52, 57, 62, 63, 64.
- Демидов В. А. Гоголев З. В. «Социально-экономическое развитие Якутии (1917—июль 1941)». — Новосибирск, 1972 // Изв. Сиб. отделения АН СССР. Сер. обществ, наук. — 1973. — Вып. 2. — № 6. — С. 147—149.
- Антипин В. Н., Айкаров А. Н., Софронеев П. С. Гоголев З. В. «Социально-экономическое развитие Якутии (1917 — июль 1941)». — Новосибирск, 1972 // Вопросы истории. — 1973. — № 6. — С. 154—156.
- Башарин Г. П. Социально-экономические отношения в Якутии второй половины XIX—начала XX в. (По поводу книги З. В. Гоголева «Якутия на рубеже XIX—XX вв.). — Якутск, 1974. — 216 с.
- Памяти З. В. Гоголева // Изв. Сиб. отделения АН СССР. Сер. обществ. наук. — 1975. — Вып. 1. — № 1. — С. 155—156.
- Федоров В. Буойун-ученай (Воин-ученый) // Ленинскэй тэрийээччи (Бороҕон). — 1984. — Ахсынньы 8 к.
Быһаарыылар
- ↑ Билиҥҥинэн Уус-Алдан улууһугар.