Кулун тутар 17
Кулун тутар 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 76-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 77-c күнэ). Сыл бүтүө 289 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Баҥладеш — Оҕо көмүскэлин күнэ
- Хотугу Ирландия Монтсеррат, Сибэтиэй Патрик күнэ
- АХШ, Бостон — Эвакуация күнэ (1776 сыллаахха Англия сэриилэрэ Бостонтан эвакуацияламмыттар)
- Былыргы Римҥэ бу күн Либер, Либера уонна Церера таҥараларга анаммыт либералия күнэ бэлиэтэнэр эбит. Сири оҥоруу уонна өҥ үүнүү таҥаралара
- Муай Тай күнэ
День эвакуации(округ Саффолк, Массачусетс) День Святого Патрика, государственный праздник в Ирландии,Монтсерратеиканадской провинцииНьюфаундленди Лабрадор, широко распространен в русскоязычном мире и в меньшей степени в других частях мира.
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 45 сыл — Юлий Цезарь Тит Лабиен уонна Помпей Балыс баһылыктаах сэриини Мунда аттыгар кыайбыт. Бу кини өлүөн иннинэ бүтэһик кыайыыта этэ.
- 624 — мусульмааннар төрүт итэҕэллээх бэйэлэрин аймахтарын курайшиттары Бадра аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыттар. Бу мусульманнар бастакы бөдөҥ кыайыылара этэ. Уус төрүттээччитэ Курайш — ислаамы төрүттээбит Мухаммед өбүгэтэ.
- Дамаскай куораты ылбыт уонна халаабыт.
- Италия өрөспүүбүлүкэтэ Италия хоруоллуга буолбут, Наполеон дойду хоруолунан ааттаммыт.
- Николай Хапилин баһылыктаах үрүҥ этэрээт Булуҥу ылбыт.
- Якутзолототрест" төрүттэммит.
- 1950 – Берклигэ Калифорния университетын учуонайдара 98-с элэмиэни синтезтээбиттэр, «калифорний» диэн ааты иҥэрбиттэр.
- Далай-лаама XIV Тибиэттэн Ииндийэ Дхарамсала куоратыгар күрээбит. Онно Тибиэт үүрүллүбүт бырабыыталыстыбата олохтоммут, билигин да баар.
- Балига Агунг вулкан эстэн 1100-тэн тахса киһи өлбүт.
- Голда Меир Израильга бастакы дьахтар премьер-миниистир буолбут.
- Миирнэйгэ эмиэ сылдьыбыттар.
- 1991 — Бүтүн Сойуустааҕы референдум буолбут. Куоластаабыт дьон үс гыммыт биирэ ССРС оннунан хааларыгар этиммитэ. Ону кытта РСФСР олохтоохторун 70 % "РСФСР бэрэсидьиэнэ" диэн дуоһунас баар буоларыгар куоластаабыттара.
- 1992 — ЮАР-га буолбут референдумҥа (үрүҥ тириилээхтэр эрэ кыттыбыттар) саҥа конституция бигэргэтиллибит. Бу конституция хара уонна үрүҥ тириилээх дьон бырааптарын тэҥнээбитэ.
- 2007 — Бу иннинэ СӨ вице-бэрэсидьиэнинэн үлэлээбит Александр Акимов Москубаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэлинэн анаммыт.
Төрөөбүттэр
- Михаил Врубель, нуучча аатырбыт худуоһунньуга (1910 өлб.).
- 1901 — Генрих Литинскэй, композитор, Саха АССР Норуот артыыһа.
- 1923 — Илин-Хаҥалас улууһугар Наахара нэһилиэгэр Николай Устинов - Буйака — Нам улууһун Таастааҕар учууталлаабыт, саҥа суруйан испит суруйааччы, Аҕа дойду сэриитигэр баран 1945 с. өлбүтэ.
- Павловскай с. Юрий Коркин — Дьокуускай куорат горисполкумун бэрэссэдээтэлэ (1983—1988).
- 1938 — Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар Марта Михайлова, ССРС үрдүкү үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ (1998), филология билимин хандьыдаата, СГУ/ХИФУ профессора. Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Өлбүттэр
- 1938 — Тэки Одулок (22.05.1906 төр.) — дьүкээгир бастакы суруйааччыта, учуонайа.
|