УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ыам ыйын 10 диэн Григориан халандаарыгар сыл 130-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 131-c күнэ). Сыл бүтүө 235 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- АзербайджанСибэкки күнэ
- Гуатемала Гуатемала, Миэксикэ Миэксикэ — Ийэ күнэ
- Германия Германия — Кинигэ күнэ
- Кыргыстаан Кыргыстаан — Баан үлэһитин күнэ[1].
- Мальдив арыылараМальдив арыылара — Оҕо көмүскэлин күнэ
- МикронезияМикронезия — Судаарыстыба биллэриллибит күнэ, Конституция күнэ
- Таиланд Таиланд — Бурдук ыһааччы күнэ
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ — байҕал таҥарата Мацу күнэ.
- Хотугу Каролина Хотугу Каролина, Соҕуруу Каролина Соҕуруу Каролина — Конфедерацияны ахтар күн
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 28 сыл — Хань династия) кэминээҕи астрономнар Күҥҥэ эбирдэри булбуттар.
- Юань династия импэрээтэринэн биллэриллибит.
- Кайман арыыларын булбут.
- Бастакы коалиция сэриитэ: Наполеон Италияҕа Австрия сэриилэрин Лоди күргэтин аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт. Австриялар 2000 кэриҥэ киһилэрин сүтэрбиттэр.
- Ииндийэҕэ 1857 сыллааҕы өрө туруу: Ииндийэҕэ Мирут диэн сиргэ сипай саллааттар ааҥыл хамандыырдарын утары өрө турбуттар. Ииндийэ тутулуга суох буолуутун иһин бастакы сэрии саҕаламмыт.
- 1877 — Румыния Осмаан Импиэрийэтиттэн тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1887 — Александр III ыраахтааҕы Москубаҕа Кыһыл болуоссакка баараҕай Үөһээ эргиэн эрээттэрин тутарга уураах таһаарбыт (кэлин ГУМ).
- Пётр Столыпин Госдуумаҕа аатырбыт тылларын эппит: «Эһиги улуу аймалҕаҥҥа дьулуһаҕыт, оттон биһиги — улуу Арассыыйаҕа».
- Василий Соловьев талыллыбыт.
- 1931 — ЯЦИК «О национальных районах и внешних границах Якутской АССР» диэн уурааҕа тахсыбыта. Бу уурааҕынан эбэҥкилэр олорор сирдэригэр хас да оройуон тэриллибитэ уонна Чукотка национальнай уокуруктан Саха АССР састаабар Арҕаа Туундара сирэ киирбитэ, ыам ыйын 20 күнүгэр Аллараа Халыма оройуона диэн ааттаммыта.
- 1933 — Германияҕа нацистар маассабай кинигэ уоттаһыннарын тэрийбиттэр.
- 1937 — ССРС-ка ЦИК уонна совнарком быһаарыыларынан аармыйаҕа хамыһаардары төннөрбүттэр. Бу аармыйаҕа барбыт репрессия кэмигэр баартыйа хонтуруолун күүһүрдэр ньыма этэ.
- 1939 — Халыма-Индигир пароходствота үөскээбит.
- 1940 — Аан дойду иккис сэриитэ: Германия Францияҕа, Нидерлааҥҥа, Бельгияҕа уонна Люксембуурга саба түспүт.
- Невилл Чемберлен уурайбытын кэннэ Уинстон Черчилль Улуу Британия премьер-миниистиринэн анаммыт.
- Улуу Британия Исландияны оккупациялаабыт.
- 1942 — Дьокуускайга Польша посольствотын үбүлээһининэн польскай начальнай оскуола аһыллыбыт. Бу оскуолаҕа депортацияҕа түбэспит поляктар оҕолоро үөрэммиттэр. Бастакы үөрэх сылыгар 86 оҕо үөрэммит. Бу оскуола 1944 сыллаахха от ыйыгар поляктар дьиэлэригэр барбыттарын кэннэ сабыллыбыт.
- 1957 — ССРС-ка саҥа сокуонунан[2] совнархозтар олоххо киирбиттэр, уларытыы соруга — дойду хаһаайыстыбатын салайыы аһара кииннэниитин суох гыныы этэ (децентрализация).
- 1975 — Sony хампаанньа Betamax видеомагнитофону көрдөрбүт.
- 1993 — Кыргыстаан бэйэтэ туспа харчыламмыт.
- 1994 — Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтигэр бэрэсидьиэнинэн маҥнайгы олохтоох хара нэһилиэнньэттэн төрүттээх киһи Нельсон Мандела талыллыбыт.
- 2009 — Иркутскай уобаласка бөртөлүөт саахалламмыт. Өлбүттэр ортолоругар күбүрүнээтэр Игорь Есиповскай баар эбит.
Төрөөбүттэр
- 1910 — Ньурба Куочай нэһилиэгэр Александровка сэлиэнньэҕэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Чусовской (26.07.1977 өлб.) төрөөбүт. ЯНВШ-ны бүтэрэн баран онно сулууспалаабыт, онтон Омскайдааҕы байыннай училищеҕа үөрэммит. Аҕа дойду улуу сэриитигэр 1945 сыллаахха аатырбыт Зеелов үрдэллэрин ылыыга аата-суола сураҕырбыта. Майор Чусовской сатабыллаах хамаандалааһынынан батальона өрүһү туораан, уулуссаҕа кыргыһыылар түмүктэригэр Зеелов куораты ылбыта.
- 1925 — Бастакы Моорукка "Кыым" фотокорреспондена Еремей Порядин, сэрии кыттыылааҕа.
- 1928 — Бэтинчэҕэ Татьяна Мыреева — Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1931 — Үөһээ Бүлүү Иккис Үөдүгэйигэр "Тыыннаахтар умнубат сыллара" ырыа ааптара, мэтэдиис учуутал Пётр Одорусов.
- 1951 — Бороҕоҥҥо Федор Васильев (20.07.1994 өлб.) — сахалар сэриигэ сыһыаннарын чинчийбит устуорук-этнограф, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1953 — Ааллаах Үүн оройуонун Доҕор бөһүөлэгэр Николай Оконешников (2009 өлб.) — уларыта тутуу саҕана аатыра сылдьыбыт, кэлин Анголаҕа тутууннан дьарыктаммыт саха урбаанньыта.
Өлбүттэр
- Эдо кэминээҕи уруhуйдьута.
- Владимир Богораз (төрүүрүгэр Натан Богораз; 1865 с.т.), этнограф, лингвист уонна суруйааччы.