Тохсунньу 11

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тохсунньу 11 диэн Григориан халандаарыгар сыл 11-с күнэ. Сыл бүтүө 354 күн (ордук хонуктаах сылга 355 күн) баар.

Бэлиэ күннэр

  • АрассыыйаFlag of Russia.svg АрассыыйаЭркээйи сирдэр (заповедниктар) уонна национальнай пааркалар күннэрэ
  • АлбанияFlag of Albania.svg Албания — Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1946)
  • АХШFlag of the United States.svg АХШДьонунан эргинии туһунан билии-көрүү күнэ
  • Пуэрто РикоЭухенио Мария де Хостос күнэ. Эухенио Мария де Хостос (1839-1903), «Эль Гран Сьюдадано де лас Америкас» («Америка улуу гражданина») диэн аатынан биллэр учуутал, бөлөһүөк, юрист, социолог, суруйааччы уонна Пуэрто-Рико тутулуга суох буолуутун көмүскээччи
  • МароккоFlag of Morocco.svg Марокко — Утарылаһыы уонна тутулуга суох буолуу күнэ. 1956 сыллаахха бу дойду Францияттан уонна Испанияттан тутулуга суох буолуутун сөргүппүтэ
  • НепалFlag of Nepal.svg Непал — Притхви Джаянти. Притхви Нараян Шах (1723–1775), сомоҕолоспут Непал бастакы хоруолун төрөөбүт күнэ. 1951 сылтан 2006 сыллаахха диэри федеральнай күн этэ, билигин сорох регионнар эрэ бэлиэтииллэр
  • ТунисFlag of Tunisia.svg Тунис — Оҕо күнэ[1]
  • ДьоппуонFlag of Japan.svg Дьоппуон — Кагами-бираки (аһаҕас сиэркилэ) — Күн таҥарата сиэркилэ көмөтүнэн босхоломмут күнэ. Аныгы Японияҕа үтүө мөкүнү, сырдык хараҥаны кыайыытын бэлиэтиир.

Түбэлтэлэр

  • 630 — Муhаммад уонна кинини батыһааччылар Мекканы сэриилээн ылбыттар.
  • Ляо династия ыраахтааҕыта Тай Цзун (Кидань импиэрийэтэ), Хойукку Цзинь судаарыстыбатыгар саба түспүт, түмүгэр бу дойду суох буолбута.
  • 1654 — Арауко сэриитэ: Олохтоох мапуче-уилличе омуктар Соҕуруу Чиилигэ Буэно өрүскэ Испания аармыйатын кыайбыттар.
  • 1700Арассыыйаҕа Византия халандаарын оннугар Юлиан халандаара киллэриллибит. Онон 7208 сыл ахсынньы 31 күнүн кэнниттэн 1700 сыл тохсунньу 1 күнэ буолбут. Сыл саҕаланыыта тохсунньу 1 күнүгэр көһөрүллүбүт.
  • 1917 — Арассыыйаҕа бастакы эркээйи сир, Баргузиннааҕы киис эркээйи сирэ, тэриллибит.
  • продразверстканы киллэрэр туһунан дэкириэт таһаарбыт.
  • 1922 — 14 саастаах Канаада олохтооҕо Леонард Томпсон аан дойдуга бастакынан диабеты утары эми — инсулины ылбыт.
  • 1942 — Аан дойду иккис сэриитэ: Дьоппуон аармыйата Малайзия киин куоратын Куала-Лумпуру ылбыт.
  • 1964 — АХШ сүрүн хируура Лютер Терри, «Табах тардыы уонна доруобуйа» диэн киэҥник биллибит отчуотун таһаарбыт. Отчуокка табах тардыы доруобуйаҕа сэрэхтээҕэ этиллибит, мантан сылтаан дойду иһигэр уонна аан дойду да үрдүнэн табахтааһыны утары миэрэлэр ылыллыбыттар.
  • 1972 — Илин Пакистан аатын Бангладеш диэҥҥэ уларыппыт.
  • Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар олорор сирдэрин испииһэгин» бигэргэппит. Бу испииһэккэ кэлин икки уларытыы 1993 с. алтынньы 7 уонна 2000 с. тохсунньу 23 күннэригэр киллэриллибиттэрэ.
  • Судаарыстыбаннай Дуума (алын палаата) уонна Бэдэрээссийэ Сэбиэтэ.
  • Духуобунас акадьыамыйатын мунньаҕар СӨ Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев икки киһиэхэ акадьыамык дьупулуомун туттарбыт: бэйиэт, драматург суруйааччы Владимир Федоровка уонна литературовед Иван Спиридоновка.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1933Виталий Вонгродскай (1856 с.т.) — Саха уобалаһыгар бастакы Кыһыл Кириэс амбулаториятын 1887 с. арыйбыт, олохтоох эмчиттэри бэлэмниир бастакы үөрэх кыһатын арыйбыт киһи.
  • Георгий Лангемак ытыллыбыт (1898 төр.), ракетнай техника салаатыгар үлэлээбит сэбиэскэй учуонай, Социалистыы Үлэ Дьоруойа (өлбүтүн кэннэ).
  • Эмануил Ласкер (1868 төр.), ньиэмэс саахыматчыта уонна математига, саахымакка аан дойду иккис чөмпүйүөнэ (1894 сылтан 1921 сылга диэри).
  1. Праздники в Тунисе, тунисский календарь памятных дней и национальные традиции государства(нууч.). WebPlus.info — Календарь Туниса. Тургутулунна 10 Тохсунньу 2020.