Атырдьах ыйын 13
Атырдьах ыйын 13 диэн Григориан халандаарыгар сыл 225-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 226-c күнэ). Сыл бүтүө 140 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Дьахтар күнэ (1956 сыллаахха Тус бэйэ туругун кодекса олоххо киирбит)
- КАӨ — Тутулуга суох буолуу күнэ (Франциятттан, 1956 сыллаахха)
- Обон саҕаланар — өлбүттэри ахтар сиэр-туом (атырдьах ыйын 13—15 күннэрэ).
Түбэлтэлэр
- ацтек киин куоратын Теночтитланы ылбыттар.
- Людовик XVI хаайыллыбыт уонна норуот өстөөҕүнэн биллэриллибит.
- квагга өлбүт.
- Михаил Пономарев анаммыт. Кини бу солоҕо үс аҥаар ый эрэ үлэлээбит. Кини кэнниттэн бу дуоһунаска Рудольф Витте уонна барон Тизенгуазен үлэлээбиттэрэ.
- 1913 — Англияҕа бастакы дьэбинирбэт ыстаал уһаарыллыбыт.
- Гульельмо Маркони бастакы микро долгуннаах араадьыйаны үлэлэппит. Билигин маннык долгуннар туттуллар эйгэлэрэ олус киэҥ: суотабай сибээс, рация, Bluetooth, Wi-Fi уо.д.а.
- 1939 — бэлиитикэ ыстатыйатынан 20 сыл хаайыыга ууруллубут Саха тыйаатырын дириэктэрэ Тарас Местников НКВД силиэдэбэтэллэрэ билинэргэ күһэйбиттэрин туһунан САССР Үрдүкү суутугар үҥсүү суруйар, ол суругар «Социалистическая Якутия» хаһыаттан САССР Ис дьыалатын комиссарын солбуйаччыта И.А.Дорофеев "социалистическэй сокуоннаһы куруубайдык кэспитин иһин" баартыйаттан уһуллубутун туһунан биллэриини (09.04.1939 нүөмэр) кыбытар. Төһө да бириигэбэр "бүтэһиктээх уонна хат көрүүгэ ыытыллыбат" диэн суруктааҕын үрдүнэн, суут бу дьыаланы көрөр, уонна артыыһы босхолуур.
- Халыма-Индигир уокуруга тэриллибит. Уокурук састаабар Аллараа Халыма, Орто Халыма, Аллайыаха, Абый уонна Муома оройуоннар киирбиттэр.
- 1941 — Румыния уонна Германия сэриилэрэ Одесса илин өттүттэн Хара байҕалга тахсыбыттар уонна куораты сиринэн төгүрүктээбиттэр.
- 1946 — АХШ-ка индеецтэр олохторун-дьаһахтарын чинчийэр федеральнай хамыыһыйа олохтоммут.
- 1980 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин уурааҕынан Абый улууһугар "Сайылык" резерват быһыытынан тэриллибит. 1997 сыллаахха эркээйи сиргэ кубулутуллубута.
- 1990 — ССРС бэрэсидьиэнэ Михаил Горбачёв «20-50-с сыллардааҕы политическэй репрессияҕа түбэспиттэр туох баар бырааптарын сөргүтэр туһунан» ыйаахха илии баттаабыт.
- 1991 — Туох баар Саха сиригэр баар тэрилтэлэр баайдарын-дуолларын Саха ССР бас билиитигэр биэрэр туһунан сокуон ылыныллыбыт. Бу атырдьах ыйын 20 күнүгэр баттаныахтаах (баттана илик!) Сойуус сөбүлэҥин балаһыанньаларыгар сөп түбэһэрэ. Оччотооҕу Саха сирин салайан олорбут Михаил Николаев бу хардыыттынан Сойуус сөбүлэҥин халбаҥнаабакка ылынары ситиһэ сатаабыта. Маннык хардыыга биир да атын өрөспүүбүлүкэ быһаарымматаҕа. Аҕыйах хонугунан путч буолбута, сөбүлэҥҥэ илии баттаммакка хаалбыта.
- 2011 — Мииринэй оройуонугар Айхал бөһүөлэк олохтоммута 50 сылын бэлиэтээбиттэр. Рудник бастакы дириэктэрин, бөһүлэги төрүттээбит Георгий Кадзовы ахта-саныы биир дойдулааҕа Хотугу Осетия-Алания бырабыытылыстыбатын бэрэстээтэлин солбуйааччы Валентин Базров кэлэ сылдьыбыт. Айхалга параад буолбут, Кадзовка мэҥэ өйдөбүнньүк аһыллыбыт.
- 2020 — COVID-19 утары бастакы быһыы "Гамковидвак" (Спутник-V) регистрацияны ааспыт.
Төрөөбүттэр
- 1829 — Иван Сеченов — физиолог, биолог, Москуба университетын бочуоттаах профессора, психология наукатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- 1899 — Альфред Хичкок (1980 өлб.), аатырбыт киинэ режиссёра, «Оскар» лауреата.
- 1913 — Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа Георгий Шавкунов төрөөбүт.
- 1915 — Амма Эмиһигэр Василий Чемезов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, устуоруйа хандьыдаата.
- 1929 — Саха АССР үтүөлээх тутааччыта М.И. Машкович төрөөбүт.
Өлбүттэр
- Рене Лаэннек (1781 төр.), француз бырааһа уонна анатома, мэдиссиинэҕэ клинико-анатомическай ньыманы төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, стетоскобу айбыта.
- Эжен Делакруа (1798 төр.), француз худуоһунньуга.
- 1900 — Владимир Соловьёв (1853 төр.), нуучча бөлүһүөгэ, бэйиэт, публицист, литэрэтиирэ кириитигэ.
- 1910 — Флоренс Найтингейл (1820 төр.), англия сиэстэрэтэ, Кырыым сэриитин (1853—1856) кэмигэр саньытаардар этэрээттэрин тэрийбитэ уонна салайбыта. Кини төрөөбүт күнүгэр аан дойду Сиэстэрэ күнүн бэлиэтиир.
|