Хаҥастайдар аан дойдутааҕы күннэрэ
Хаҥастайдар аан дойдутааҕы күннэрэ (нууч. Международный день левшей, ааҥл. International Lefthanders Day) — сыл аайы атырдьах ыйын 13 күнүгэр сүнньүнэн хаҥас илиилэринэн туттар (дьэгин) дьон дьоҕурдарын уонна уратыларын бэлиэтиир аан дойдутааҕы күн. Бу күнү аан бастаан 1976 сыллаахха Дин Р. Кэмпбелл, хаҥастайдар кулууптарын төрүттээччитэ бэлиэтээбитэ. Бу күн үксүн уҥа илиилээх аан дойдуга хаҥас илиилээх дьон көрсөр кыһалҕаларын уонна дьылҕаларын туһунан өйдөбүлү тарҕатар соруктаах[1][2] .
Хаҥастайдар кыһалҕаларыттан биирдэстэрэ маннык диэн суруйаллар: оҥорон таһаарыыга туттуллар массыыналар уонна тэриллэр уҥа илиинэн туттарга табыгастаах оҥоһуллубут буолан, хаҥастайдар ол массыыналарга үлэлииллэригэр эбэтэр тэриллэринэн тутталларыгар табыгаһа суох эбит, мантан сиэттэрэн сабаҕалааһын үөскээбит — хаҥастайдар ордук элбэхтик оһолго түбэһиэхтэрин сөп. Ону бигэргэтэр чинчийиилэр кытта бааллар диэн буолар[3].
Быһаарыылар
- ↑ International Left-Handers Day: Here Are Some Famous Lefties . NDTV.com. Дата обращения: 23 Тохсунньу 2021. Архивировано 22 Балаҕан ыйын 2020 года.
- ↑ A 1983 newspaper feature cites that year’s observance as the «seventh annual»: Waga, Phil. «In the World of Lefties, Nothing Seems Right.» Yonkers (NY) Herald-Statesmen, 12 August 1983.
- ↑ TUT.BY | НОВОСТИ — Около 10 % белорусов отметят день Левши — Калейдоскоп — 12.08.2008, 13:18 . Дата обращения: 12 Атырдьах ыйын 2008. Архивировано из оригинала 23 Атырдьах ыйын 2008 года.