1883
Туох буолбута
- Ыам ыйын 7 — үс өҥнөөх (маҥан, халлаан күөх, кыһыл) былаах Россия официальнай былааҕынан буолбут.
- Бэс ыйын 8 — Историческай музейы Москвага үөрүүлээхтик арыйбыттар. Уон сыл тутуллубут.
- От ыйын 21 — Боотуруускай улууһун кулубата Дьөгүөр Ньукулаайап (Улахан Дьөгүөрдээн) маннык суруйбут: «Сыылынайдар сир оҥоһуутугар саамай табыгастаах сири ылан баран түргэн баҕайытык уоҕун бараан кэбиһэллэр уонна эбии сахалартан ордубут сирдэрин куортамҥа ылаллар […] Инньэ гынан, сыылынайдар сахалары букатын да сирэ суох хааллараллар».
Алтынньы
- Алтынньы 4 — Аатырбыт Илиҥҥи экспресс бастакы рейсэ Парижтан Стамбулга айаннаабыт.
- Алтынньы 22 — Нью-Йоркка «Метрополитен Опера» аһыллыбыт — аан дойдуга биир саамай биллиилээх опера тыйаатыра.
Төрөөбүттэр
- Бэс ыйын 5 — Дьон Мейнард Кейнс, Британия экономиhа
- Алтынньы 30 — Никифоров Дмитрий Михайлович (1883—1965), саха бастакы идэтийбит муосчута.
- Ахсынньы 5 — Михаил Тимофеев-Терешкин (05.12.1883—06.10.1957) — саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, поэт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944), экономист, этнограф.
- Алексеев Егор Николаевич (1883—1957) аатырбыт саха муосчута, ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ.
Өлбүттэр
- Кулун тутар 14 — Карл Хайнрих Маркс (Karl Heinrich Marx) — ньиэмэс устуоруга уонна экэнэмииһэ, хомуньууһум үөрэҕин олохтооччу.
- Сэтинньи 7 — Неустроев Константин Гаврильевич - Урсик, революционер - народоволец, саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ.