Тимофеев-Терешкин Михаил Николаевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Михаил Николаевич
Тимофеев-Терешкин
Төрөөбүт аата: Тимофеев Михаил Николаевич
Төрөөбүт күнэ: 22 сэтинньи (4 ахсынньы) 1883({{padleft:1883|4|0}}-{{padleft:12|2|0}}-{{padleft:4|2|0}})
Төрөөбүт сирэ: Иккис Нөөрүктээйи нэһилиэгэ, Сунтаар улууһа,
Саха уобалаһа
Өлбүт күнэ: 6 алтынньы 1957({{padleft:1957|4|0}}-{{padleft:10|2|0}}-{{padleft:6|2|0}}) (73 сааһыгар)
Өлбүт сирэ: Ангарск, Иркутскай уобалаһа
Дойдута:

Россия империята, ССРС

Дьарыга: поэт, экономист, этнограф
Айымньыларын тыла: саха, нуучча

Михаил Николаевич Тимофеев-Терешкин (04.12.1883, Иккис Нөөрүктээйи нэһилиэгэ, Сунтаар улууһа — 06.10.1957, Ангарск, Иркутскай уобалаһа) — саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, поэт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944), экономист, этнограф.

Төрдө-ууһа

Сунтаар улууһун кулубата Георгий Петрович Терешкин күтүөтэ — кини соҕотох кыыhын, Евдокия Георгиевна кэргэнэ. Бэйэтэ Тимофеевтар диэн халыҥ Сунтаар аймаҕын тутаах ыалын аҕатын баhылыгын, Николай Иванович Тимофеев уола. Николай Иванович эмиэ өр сылларга Сунтаар улууhун кулубата буола сылдьыбыт киһи, эбиитин кини аҕата — Уйбаан Тимофеев (Токур Уйбаан) эмиэ Сунтаар аатырбыт, өр сылларга кулубалаабыт киһи.

Бу Токур Уйбаан, уонна бары да Тимэппиэйэптэр удьуордара улахан, модьу, аарыма күүстээх дьоннорунан биллэллэр. Токур Уйбаан дьону кытта төбөтүн оройунан кэйсэринэн аатырбыт. Элбэх киhини оннук гынан охторон турардаах.

Георгий Терешкин буоллаҕына Өлүөхүмэттэн төрүттээх Сунтаарга кэлии киһи. Ол эрээри сатабылынан Бүлүү сүнньүгэр саамай баай киhи буолбутунан аатырар. Харчыта элбэх этэ. Бэйэтэ кэтэх үбүлээн сүүрбэччэ таҥара дьиэтин, элбэх оскуола туттарар. Парижка сотору-сотору суксуруhар үhһ баайын харайа уонна Николай-2 ыраахтааҕыттан орден Святой Анны ылар. Ол сылдьан баар-суох кыыhын, Дусяны, Тимофеевтар улахан уолларыгар Михаилга биэрэр.

Ньукулай, Михаил аҕата көмүс бөҕөтүн кутан биэрэр Терешкиҥҥа («На рубеже веков» диэн кинигэни ааҕыҥ. Автора М. Н. Тимофеев-Терешкин). Ол эрэн, син биир — Терешкин соҕотох кыыhын биэрэрин иhин мин араспаанньыйабын бэйэҥ ааккар эмиэ кыбыт диэбит. Ол курдук биhи биллэхпит буо — Тимофеев-Терешкиннар хайдах үөскээбиттэрин.

Олоҕун олуктара

Поэт, экономист, этнограф Михаил Николаевич Тимофеев-Терешкин 1883 с. Сунтаар улууһун 2-с Нөөрүктээйи нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Дьоно «абааһыттан куоттараннар» ыалга иитиллибитэ. 1896 сыллаахха ыам ыйыгар Сунтаар сыаркап приходун оскуолатын бүтэрбит. Балаҕан ыйыгар Дьокуускайдааҕы духуобунай училищеҕа үөрэнэ киирэр. 1900 сыллахтан 1902 сыл муус устарыгар дылы Дьокуускайдааҕы духуобунай семинарияҕа үөрэнэр, онтон дойдулуур. Иккис Нөөрүктээйи нэһилиэгэр сир үллэһигин биэдэмэһин оҥорооччунан, аҕатын лааппытыгар бирикээсчигинэн үлэлиир. 1903 сыллаахха үөрэҕин салгыы диэн ааттаан Дьокуускайга бара сылдьар табыллыбакка төннөр. Төннөн иһэн «Сынок» борохуокка сыылынайдары кытта билсэр. Бу кэмҥэ бастакы хоһоонун суруйар. 1905 сыл сэтинньи 21 күнүгэр «Послание к якутской интеллигенции по вопросу земского управления в Якутской области» суруйар[1]. Томскайдааҕы государственнай университет юридическай факультетыгар үөрэммит. Революция иннинэ учууталынан, суруксутунан үлэлээбитэ.
Сэбиэскэй былаас сылларыгар атыы-эргиэн тэрилтэлэригэр, араас хаһаайыстыбаннай үлэҕэ үлэлээбитэ. 1926 с. «Пушное дело в Якутии» үлэни, Бүлүү уокуругун уонна Халыма эҥэр этнографияларыгар, экономикатыгар сыһыаннаах ыстатыйалары суруйбута.

Тимофеев-Терешкин айымньылара революция инниттэн кыралаан бэчээттэнэллэрэ. Ол эрээри ордук биллибит айымньыларынан «Сахалар сэриигэ», «Сахалар тыылга» диэн Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана суруйбут хоһооннорун хомуурунньуктара буолбуттара. Нууччалыы, сахалыы уонча кинигэни таһаартарбыта.

«

Тылбыт, өйбүт, хааммыт, сүрэхпит,
Тыыммыт, күүспүт баарын тухары,
Фашистары барыыры санаан,
Бары саха тыллаах, миигинниин,
Андаҕайыаҕыҥ: фашист үөрүн
Ааҥнаан туран алдьатыахпыт,
Ситэн туран сиҥнэриэхпит,
Сиэтиэхпит уотунан, ыстаалынан.
Төрдүттэн түөһэн,
Силиһиттэн ылҕаан,
Бүгүҥҥүттэн үйэ тухары,
Олох, букатын эһиэхпит.

»

Айымньылара

  • Сахалар сэриигэ. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1943. — 62 с.
  • Сахалар тыылга. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1944 — 58 с.
  • Коммунизм саһарҕата: поэмалар уонна хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1950. — 79 c.
  • Избранное: стихи. — Иркутск: [Обл. гос. изд-во], 1952. — 196 с.
  • Избранное: Стихи и сказки. — М.: гослитиздат, 1959.
  • Якуты на войне: Импровизация / пер. А. Ольхон. — Иркутск: Кн. изд.-во, 1942. — 52 с.; Якутск: Кн. изд-во, 1943. — 52 с.
  • Якуты в тылу: Импровизация/ пер. А. Ольхон. — Иркутск: ОГИЗ, 1944. — 60 с.
  • Сказанья о вождях/ пер. А. Ольхон. — Якутск: Кн. изд.-во, 1946. — 49 с.; Иркутск: Обл. изд-во, 1947. — 48 с.
  • Песни борьбы и труда: Стихи и поэмы. — Якутск: Кн. изд.-во, 1948. — 64 с.
  • Созвездие смелых: Стихи / пер. А. Ольхон. — М.-Л.:дет.лит. 1948. — 48 с.
  • Простые песни: Стихи и сказания. — М.:Сов. Писатель, 1952. — 164 с.
  • Якутские сказки. — Новосибирск: Кн. изд-во , 1952. — 61 с.
  • Таёжный календарь: Стихи мл. школ. Возраста/ Пер. Т. Стрешнева. — М.: Детгиз, 1954. — 31 с.
  • Якутские сказки / пер. П. Глазков, Л. Озеров. — Якутск: Кн. изд-во, 1957. — 68 с.

Быһаарыылар

  1. М. Н. Тимофеев-Терешкин олоҕун сүрүн кэрдиистэрэ. А. Гуринов-Арчылан. Кыым, 2013.12.12, 48№

Кини туһунан

Анисимов В. Саха народнай ырыаһата төрөөбүтэ 110 сыла туолуутугар// Чолбон. — 1993 — № 11 — с. 82—94

Туһаныллыбыт литература

  • Иннокентий Неустроев. «Саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэрэ» — «Кыым» хаһыат, 15.04.2007

Сигэлэр