1885
Сыллар |
---|
1881 1882 1883 1884 — 1885 — 1886 1887 1888 1889 |
Уоннуу сыллар |
1850-с 1860-с 1870-с — 1880-с — 1890-с 1900-с 1910-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1885 сыл.
Туох буолбута
Олунньу
- Олунньу 5 — Бельгия хоруола Леопольд II Конго Көҥүл судаарыстыбатын бэйэтин «тус бас билиитинэн» биллэрбит. Африка ортотугар сытар сирдэри билим өттүттэн чинчийбитэ буолан Леопольд хоруол олус киэҥ сирдэри бэйэтин бас билиитигэр ылбыт. Мантан ыла Конго хааннаах колонизацията саҕаламмыта. 1880-1920 сылларга Конго олохтоохторун ахсаана икки төгүл аҕыйаабыта.
- Олунньу 18 — АХШ-ка Марк Твен «Гекльберри Финн мүччүргэннээх сырыылара» диэн кинигэтэ тахсыбыт.
Сэтинньи
- Сэтинньи 10
- Ньиэмэс инженердара Готлиб Даймлер уонна Вильгельм Майбах мас бэлисипиэккэ бэйэлэрэ оҥорбут мотуордарын туруорбуттар.
- Нуучча айанньыта Николай Пржевальскай Киин Азияҕа, ол иһигэр хотугу Тибиэккэ айанын түмүктээбит.
- Луи Риэль диэн киһини "таҥнарбытын иһин" сууттаан өлөрбүттэр.
Төрөөбүттэр
- Нильс Бор — Дания физигэ, Нобель бириэмийэтин лауреата (1922).
- Алтынньы 13 — Вигго Брун — Норвегия математига.