Нобель бириэмийэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Халыып:Infobox Award Нобель бирииһэ — уһулуччу ситиһиилэр уонна өҥөлөр иһин сыл аайы биэриллэр аан дойдутааҕы наҕараада, Скандинавияҕа баар комитет талыытынан култуура уонна наука айыылар иһин биэриллэр. 1885 сылтан биэриллэр. Физикаҕа, химияҕа, медицинаҕа уонна литератураҕа биэриллэр. Эйэ иһин охсуһуу бирииһэ 1901 сылтан биэриллэр.

Эйэ иһин бириис Норвегия Осло куоратыгар биэриллэр, атын бириистэрэ Швеция Стокгольм куоратыгар биэриллэр. Нобель бирииһэ бэйэтин уобалаһыгар саамай престижтааҕынан билиниллэр.[1]

Sveriges Riksbank саҥа бирииһи олохтообут — Экономикаҕа чинчийии иһин. Бастаан бириис 1969 сыллаахха бэриллибит. Официальнай Нобель бирииһэ буолбатах эрээри атын бириистэри кытары бииргэ бэриллэр.

Хас бирииһи ылбыт киһи көмүс мэтээл, диплом уонна харчы ылар. Ол харчытын сууммата Нобель фондуттан тутулуктаах уонна хас сыл аайы уларыйар. 2009 сыллаахха 10 мөлүйүөн швеция кроната эбит, ол эбэтэр 1,4 мөлүйүөн АХШ дуоллара. Чинчийэччи өлбүтүн кэннэ бирииһи биэрбэт эбиттэр. Биир бириис үс чинчийээччигэ түҥэтиллиэн сөп.[2]

Быһаарыылар

  1. Shalev, Baruch Aba (2005). p. 8. 
  2. Jürgen Schmidhuber (2010): Evolution of National Nobel Prize Shares in the 20th Century, arXiv: http://arxiv.org/abs/1009.2634 , web site http://www.idsia.ch/~juergen/nobelshare.html