Алтынньы 4
Алтынньы 4 диэн Григориан халандаарыгар сыл 277-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 278-c күнэ). Сыл бүтүө 88 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Хамсыыр харамайдар күннэрэ
- космос нэдиэлэтэ саҕаланар
- Арассыыйа — Космос сэриилэрин күнэ
- Арассыыйа — МЧС гражданскай оборона сэриилэрин күнэ
- Мозамбик — Эйэ уонна иллээх буолуу күнэ
- Лесото — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан, 1966)
- Швеция, Финляндия — Корицалаах буулка күнэ. Төһө да солуута суох курдугун уонна атыыны-эргиэни көҕүлээри тэриллибитин иһин, бу дойдуларга сүрдээх киэҥник бэлиэтэнэр буолбут, ону дьон төрүт үгэскэ тардыһыыларынан быһаараллар
Түбэлтэлэр
- 1582 — Рим паапата Григорий XIII уурааҕынан григориан халандаара ылыныллыбыт. Аныгыскы күн алтынньы 15 күнэ буолар диэн биллэриллибит. Бу халандаар Юлиан халандаарын сүрүн алҕастарын көннөрбүтэ, сыыйа аан дойду барыта көспүтэ.
- 1853 — Нуучча адмирала Геннадий Невельскай Сахалиҥҥа Арассыыйа былааҕын көтөхпүт.
- 1883 — Аатырбыт Илиҥҥи эспириэс бастакы эриэйсэ Парижтан Стамбулга айаннаабыт.
- 1957 — Байконур полигонуттан Сир бастакы оҥоһуу (искусственнай) аргыһа «Спутник-1» ыытыллыбыт. Куосумас эрата саҕаламмыт.
- 1959 — «Луна-3» куосумас аппаарата ыытыллыбыт. Бу аппараат бастакынан Ый улаҕа өттүн хаартыскаҕа түһэрбитэ. Инньэ гынан, Сэбиэскэй Сойуус Ый ньуурун улаҕа өттүнээҕи эбийиэктэригэр аат биэрэр кыахтаммыта.
- 1993 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Үрдүкү Сэбиэт үлэтин тохтотоору Москубаҕа тааҥкалаах сэриини киллэрбит уонна Үрүҥ Дьиэни ытыалаабыт. Икки нэдиэлэлээх былаас былдьаһыытын түмүгүнэн Борис Ельцин кыайыылаах тахсыбыт.
- 2006 — Исландияҕа WikiLeaks ситим-сир баар буолбут. Кэлин бу саайт туспа барыһы киллэриммэт тэрилтэҕэ кубулуйбута, элбэх кистэлэҥ докумуоннары бэчээттээн аан дойдуга элбэх айдааны таһаарбыта.
Төрөөбүттэр
- быһыты туттарбыт уонна кыыл-сүөл түмэлин арыйан үлэлэппит киһи.
- 1901 — Лука Харитонов — филология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, РСФСР уонна Саха АССР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ.
- Прокопий Яковлев — РФ уонна Саха АССР үтүөлээх бырааһа. 1979-1990 сылларга СГУ Медико-лечебнай факультетын декана, 1994-1999 сылларга СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ. Кэбээйи улууһун Ытык олохтооҕо.
Өлбүттэр
- 1669 — Рембрандт — Нидерланд уhулуччулаах уруhуйдьута.
- 1872 — Владимир Даль — нуучча суруйааччыта, фольклор хомуйаччыта, аатырбыт лексикограф, «Тыыннаах нуучча тылын быһаарыылаах тылдьытын» ааптара.
- квантовай механиканы арыйбытын иһин Нобель бириэмийэтин лауреата.
- Ньурба уонна Нуучча тыйаатырдарын дириэктэрэ, Саха араадьыйатыгар муусука эрэдээксийэтин эппиэттээх эрэдээктэрэ.
- 2005 — Георгий Бессонов — биллиилээх педагог, РСФСР оскуолатын үтүөлээх учуутала, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
|