УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Атырдьах ыйын 3 диэн Григориан халандаарыгар сыл 215-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 216-c күнэ). Сыл бүтүө 150 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Гуинея-Биссау Гуинея-Биссау — Пиджигитигэ дьону кыргыы күнэ. Португалия полицията 1959 сыллаахха хамнастарын үрдэттэрээри забастовкалаабыт куруусчуттары ытыалаабытын түмүгэр 25 киһи өлбүт. Бу кэнниттэн Гвинея-Бисауга төрүт олохтоохтор колонизатордары утары сэбилэниилээх утарсыыны оҥорбуттара, тиһэҕэр дойду Португалияттан босхоломмута
- Экватор Гвинеята Экватор Гвинеята — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Венесуэла Венесуэла — Былаах күнэ. Дойду гвардиятын күнэ
- Нигер Нигер — Тутулуга суох буолуу күнэ. 1960 сыллаахха Францияттан тутулуга суох буолбут
- Бу күн маны таһынан кумах куйаар тарҕаныытын кыччатаары Нигер хас биирдии олохтооҕо мас олордор.
Түбэлтэлэр
- Тиберий Далмация сэриитин Босна өрүс үрдүгэр үлтүрүппүт.
- 435 — Константинопольга олорбут Аан дойду патриархын Несторийы (кини үөрэҕин батыһааччылары несторианнар диэн ааттыыллара) импэрээтэр Феодосий II Эгиипэккэ манастыырга көскө ыыппыт.
- 1492 — Христофор Колумб үс хараабыла «Санта-Мария», «Пинта» уонна «Нинья» Испания Андалусиятыттан бастакы айаннарыгар туруммуттар.
- Трансильванияны сэриилээн ылбыт.
- 1645 — Отут сыллаах сэрии: Нёрдлинген аттынааҕы иккис кыргыһыыга Франция сэриитэ Рим импиэрийэтин сэриитин кыайбыт.
- Улуу Хотугу эспэдииссийэ Баһылай Прончищев салайааччылаах төрдүс этэрээтэ Өлөөн өрүһүн төрдүттэн байҕал устун айаннаан Анаабыр өрүһүн төрдүгэр тиийбит. Тохтоон баран геодезист Чекины өрүһү ойуулата уонна олохтоохтор кэпсээбит тимирдэрин көрдөтө ыыппыт.
- 1778 — Италия Милан куоратыгар аатырбыт Ла Скала опера тыйаатыра аһыллыбыт.
- Лхасаҕа киирбиттэр.
- Албаан тылын оскуолаҕа үөрэтэри көҥүллээбит.
- 1914 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Германия Францияҕа сэриини биллэрбит.
- 1918 — Саха сиринээҕи Оробуочай, бааһынай уонна саллаат дьокутааттар сэбиэттэрин исполкома уонна куоракка олорор кыһыл этэрээт үрүҥнэртэн куотан икки борохуотунан Бүлүүгэ айаннаабыттар. Сотору кэминэн Дьокуускайга өрөбөлүүссүйэни утарар Уобаластааҕы Сэбиэт үлэтин салҕаабыт. Бу былаас Саха сиригэр балтараа сыл кэриҥэ, 1919 сыл ахсынньытыгар диэри олорбута.
- 1930 — Саха АССР Эргиэн наркоматын быһаарыытынан Дьокуускайга эргиэн уонна сырье техникума тэриллибитэ. Билиҥҥитэ Дьокуускайдааҕы потребительскай кооперация эргиэн уонна экэниэмиэкэ кэллиэһэ.
- 1940 — Аан дойду иккис сэриитэ: Италия сэбилэниилээх күүстэрэ Британия Сомалилендыгар кимэн киирбиттэр.
- XV Олимпиада сабыллыытын сиэригэр-туомугар ССРС спортсменнара аан бастаан кыттыбыттар.
- I Москубатааҕы дойдулар ыккардыларынааҕы кинофестиваль аһыллыбыт.
- 1960 — Нигер Францияттан тутулуга суох буолбут.
- 1980 — Москубаҕа Лужники стадиоҥҥа XXII Олимпиада сабыллыыта буолбут.
- 1992 — Кулаковскай А.Е. аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтоммут.
- 1994 — Арассыыйа Федерацията уонна Башкортостаан Өрөспүүбүлүкэтэ боломуочуйа тырыы туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
- 2010 — Пакистааҥҥа Карачи куоракка бэлиитиги өлөрүү кэнниттэн бөдөҥ дьалхаан саҕаламмыт, ол түмүгэр 85-тэн итэҕэһэ суох киһи өлбүт, хоромньу 17 миллиард Пакистаан рупиятыгар тиийбит (200 мөл. АХШ дуоллара).
Төрөөбүттэр
- 1940 — Степан Эверстов — Саха сирин таас үйэтинээҕи устуоруйатын чинчийбит археолог, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- П.И. Дудкин аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ сибээһин үтүөлээх үлэһитэ.
Өлбүттэр
- Константин Рокоссовскай — Cэбиэскэй Сойуус маршала, икки төгүллээх Cэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- Александр Солженицын — нуучча суруйааччыта, Нобель бириэмийэтин лауреата.