Балаҕан ыйын 18

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 261-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 262-c күнэ). Сыл бүтүө 104 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Доруобуйаны бөҕөргөтөр сүүрүү күнэ (2021, ыам ыйын уонна балаҕан ыйын үһүс өрөбүллэригэр)
  • Аан дойдутааҕы уу хаачыстыбатын кэтээһин күнэ
  • АзербайджанFlag of Azerbaijan.svg Азербайджан — Национальнай музыка күнэ
  • АрменияFlag of Armenia.svg Армения — Астрономия күнэ
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — дойду үрдүнэн ВИЧ/СПИД уонна кырдьыы туһунан кэпсиир күн
  • ИраанFlag of Iran.svg Ираан — Персия литэрэтиирэтин уонна поэзиятын күнэ
  • ЧиилиFlag of Chile.svg Чиили — 1810 сыллааҕы Чиили бастакы бырабыыталыстыбатын ахтар күн, Dieciocho
  • ХорватияFlag of Croatia.svg Хорватия — ВМФ күнэ
  • ДьоппуонFlag of Japan.svg Дьоппуон, Окинава — арыы түөлбэ тылын күнэ

Түбэлтэлэр

  • Византия уонна сельджуктар аармыйаларын кытта Капетрон аттынааҕы кыргыһыылара буолбут.
  • 1810Чиилигэ бастакы бырабыыталыстыба хуунтата тэриллибит. Испанияҕа сэрии буола турар кэмигэр эрэ тэриллэ сылдьыбыта, ол эрээри Испанияттан тутулуга суох буолуу бастакы хардыыта этэ.
  • Иван Голубев буолбут. Кини бу солоҕо 1834 сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр диэри сулууспалаабыт.
  • 1927 — Конфедералистар хамсааһыннарын хам баттааһын кэмигэр ОГПУ Василий Никифоров - Күлүмнүүрү хаайбыт. Бастаан ОГПУ кэллиэгийэтин быһаарыытынан ытарга ууруллубута, онтон бириигэбэр 10 хаайыыга уларытыллыбыта. Эһиилигэр балаҕан ыйын 15 күнүгэр кини Новосибирскай куорат түрмэтин балыыһатыгар 62 сааһыгар өлбүтэ. 1992 сыллаахха реабилитацияламмыта.
  • 1931Мукден инциденэ буолбут, Кытайга Дьоппуон бас билэр Ляодун тумул арыытыгар тимир суол дэлби тэптэриллибит. Дьоппуоннар бу инцидени сылтах оҥостон сотору кэминэн Маньчжурияны сэриилээн ылбыттара.
  • Наассыйалар Лиигаларыгар киирбит.
  • Лотарингиятыгар ньиэмэс уонна АХШ таанкалара кыргыспыттар. Үгүс чинчийээччилэр бу кыргыһыыга АХШ кыайбыта диэн сыаналыыллар.
  • 1962Аллараа Халыма улууһун Черскэйиттэн (оччотооҕу аата Нижние Кресты) Чукоткаҕа Билибино бөһүөлэгэр көтөн испит Ил-14 көтөр аал саахалламмыт. Аалга олорсон испит 32 киһи бары өлбүттэр.
  • 1973ХНТ-га ФРГ уонна ГДР киирбиттэр.
  • 1976Мао Цзэдуну кытта быраһаайдаһыы буолбут. Өлүгүн анаан тутуллубут мавзолейга сытыарбыттара.
  • 1980 — «Союз-38» хараабыл икки космонаавы (ол иһигэр Кууба киһитин) ​​«Салют-6» станцияҕа таһаарбыт.
  • 1997 — Сатыы сэриини утары миналары бобор туһунан конвенция ылыллыбыт (Оттава конвенцията).
  • Шотландияҕа тутулуга суох буолуу туһунан референдум буолбут. Дьон үксэ, о.э. 55%, Улуу Британия састаабыгар хаалар туһугар куоластаабыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1995 — Михаил Алексеев — педагог, методист, ССРС норуодунай учуутала. Саха Сиригэр физмат оскуолалар хамсааһыннарын саҕалаабыт тэрийээччи.