Боткин Сергей Петрович
Боткин Сергей Петрович | |
---|---|
Билэ:S P Botkin.jpg | |
Төрөөбүт күнэ | 5 (17) балаҕан ыйын 1832[1] |
Төрөөбүт сирэ | |
Өлбүт күнэ | 12 (24) ахсынньы 1889 (57 сааһыгар) |
Өлбүт сирэ | |
Дойду | |
Үлэтэ | быраас |
Аҕата | Пётр Кононович Боткин[d] |
Супруга | Анастасия Александровна Крылова[d] |
Оҕолор | Евгений Сергеевич Боткин[d], Сергей Сергеевич Боткин[d], Боткин, Пётр Сергеевич[d] и Александр Сергеевич Боткин[d] |
Наҕараадалар уонна бириэмийэ | |
Автограф | |
Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр |
Боткин Сергей Петрович (1832—1889) — Арассыыйа аатырбыт бырааһа.
Сергей Петрович Боткин 1832 сыллаахха Москубаҕа чэйинэн эргинэр дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Москубатааҕы университет медицина салаатыгар үөрэммит. Үөрэнэ сылдьан Сеченовтыын доҕордоһор эбит. 1854 сыллаахха Москубаҕа холера эпидемиятын утары охсуһууга кыттыбыт. 1855 сыллаахха университеты бүтэрбит. Кырыымҥа сэриигэ Н. И. Пирогов салалтатынан быраастаабыт, Симферополь госпиталыгар ординатордаабыт.
1860 сыллаахха Петербурга көспүт, медицина дуоктарын учуонай истиэпэнигэр диссертация көмүскээбит (тиэмэтэ: «О всасывании жира в кишках»). 1861 сыллаахха, 29 сааһыгар клиника салайааччытынан анаммыт, профессор сыбаанньатын ылбыт.
1865 сыллаахха эпидемиологтар уопсастыбаларын тэрийбит. Ол уопсастыба иһинэн чума, холера, тиф, гепатит А диэн аатынан биллэр.
1874 сыллаахха дьахтар биэксэллэр оскуолаларын арыттарбыт, 1876 сыллаахха — «Дьахтар быраастар куурустарын». 1866 сыллаахха Боткин ис дьыала министиэристибэтин Медицинэҕэ сэбиэтин чилиэнэ буолбут. 1878 сыллаахха Нуучча быраастарын уопсастыбатын бэрэстээтэлинэн талыллыбыт, өлүөр дылы салайбыт.
1889 сыллаахха ахсынньы 24 күнүгэр Францияҕа Ментона куруорка өлбүт. Москубаҕа Новодевичье кылабыыһаҕа көмүллүбүт.
- ↑ Боткин, Сергей Петрович // Русский биографический словарь — Санкт-Петербург: 1908. — Т. 3.
- ↑ 2,0 2,1 Боткин Сергей Петрович // Большая советская энциклопедия (рус.): [в 30 т.] / под ред. А. М. Прохоров — 3-е изд. — М.: Советская энциклопедия, 1969.