Уоспа
Уоспа | ||
---|---|---|
Уоспана ыалдьыбыт оҕо, 1973 сыл, Бангладеш. | ||
МКБ-10 | B03. | |
МКБ-9 | 050 | |
DiseasesDB | 12219 | |
MedlinePlus | 001356 | |
eMedicine | emerg/885 | |
MeSH | D012899 |
Уоспа, эбэтэр натуральнай уоспа (саха литературатыгар Аран ыарыы диэнинэн биллэр, былыр сахалар 80% ыалдьыбыт ыарыылара нууччалартан сыстан) диэн вирус айылҕалаах олус элбэх өлүүлээх ыарыы. Икки арааһа баар - Variola major уонна Variola minor
Киһи эрэ ыалдьар. Variola major ыалдьыбыт дьонтон 20%тан 40%ҥҥа дылы өлөрөр. Variola minor быһа холоон 1% ыалдьыбыт дьону өлөрөр. Ыалдьан баран эмтэммит дьон үксүгэр хараҕа суох хааллар, тоҕо диэн вирус харахха улахан урусхалы оҥорор. [1]
XX үйэ бастакы аҥарыгар уоспаттан 300 мөлүйүөнтэн 500 мөлүйүөҥҥэ дылы киһи өлбүт. Оннооҕор 1967 сыллаахха 15 мөлүйүөн киһи ыалдьыбыт, онтон Аан дойду доруобуйа тэрилтэтин этэринэн икки мөлүйүөн өлбүт.
Бастакы быһыыны Эдвард Дженнер арыйбыт. Ону ынах уоспатын ыарыытын үөрэтиитин түмүктэриттэн ылбыт. Аан дойду доруобуйа тэрилтэтэ уоспаны утары охсуһар быһыыны тарҕатарга соруйбут уонна 1963 сыллаахха суох оҥорор былаан үлэтин саҕалаабыт, уонна 1980 сыллаахха уоспанан дьон ыалдьыбат буолбуттар диэн иһитиннэрбит. [2], ол кэнниттэн биир да киһи ыалдьа илик. Ол гынан баран уоспа кыра холобурдара аҕыйах олус харыстабыллаах лабораторияларга сыталлар. Билигин быһыыны номнуо тарҕаппат буолбуттара, ол гынан баран олус кырдьаҕас дьоҥҥо наада буолуон сөп.
Сорох дьон уоспа сэриилэргэ биологическай оружие быһыытынан туттуллуон сөп дии саныыллар.
Быһаарыылар
- ↑ CNN.com. "Smallpox".
- ↑ WHO smallpox FAQ