Алтынньы 8

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алтынньы 8 диэн Григориан халандаарыгар сыл 281-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 282-c күнэ). Сыл бүтүө 84 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха ӨрөспүүбүлүкэтэСаха телевидениетин күнэ
  • Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха ӨрөспүүбүлүкэтэCаха сирин авиациятын күнэ
  • Аан дойдуга Космос нэдиэлэтэ салҕанар (алтынньы 4–10 күннэрэ)
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Уу үрдүнээҕи, уу аннынааҕы уонна көтөр аал хамандыырын күнэ
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — Олохтоох омуктар күннэрэ
  • ГавайиFlag of Hawaii.svg Гавайи — Бастакы арыйааччы күнэ
  • ИраанFlag of Iran.svg Ираан — Оҕо көмүскэлин күнэ
  • ИиндийэFlag of India.svg Ииндийэ — Халлаан сэбилэниилээх күүстэрин күнэ
  • ПеруFlag of Peru (state).svg Перу — Байҕал сэбилэниилээх күүстэрин күнэ
  • НамибияFlag of Namibia.svg Намибия — Мас олордуу күнэ
  • УкраинаFlag of Ukraine.svg Украина — Украина юриһин күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1480Москуба Улуу кинээһэ Иван III уонна Улахан Ордуу хаана Ахмат сэриилэрэ «Угра өрүһүгэр турууну» саҕалаабыттар. Түһээн төлөтө кэлбит татаар сэриитэ нуучча сиригэр ааһаары өрүһү туоруу сатаабытын Иван III тохтоппут. Биир ыйынан татаардар Москуба сэриитин кыайбакка, сыалларын ситиспэккэ төннүбүттэр. Манан нуучча сирдэригэр 2,5 үйэлээх монгол-татаар былааһа эстибит.
  • 1818Англияҕа бастакытын боксаҕа бэрчээккини туһаммыттар.
  • Пётр Фадеев Даркылаах бириистэнтэн көппүт уонна Күөх хонууга түспүт. Бастакы пассажирдарынан Бартыһаан Дьөгүөрэп, Былатыан Ойуунускай уонна А. П. Дмитриева буолбуттар.
  • 1934Дьокуускайга саҥа аһыллыбыт Педагогическай институкка бастакы үөрэх күнэ буолбут, билиҥҥитэ — М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет. Институт бастакы дириэктэринэн Иван Жегусов буолбут. Официальнайдык институуту Бүтүн Саха сиринээҕи сэбиэттэр сийиэстэригэр ахсынньыга арыйбыттара.
  • 1963Саха телевидениетэ тиһигэ быстыбакка эфиргэ тахсыытын саҕалаабыт. Дьокуускайга телецентр тутарга диэн быһаарыы ылыллыбытын кэннэ 4 сылынан телевидение үлэтин саҕалаабыт.
  • 1967Боливияҕа аатырбыт революционер, хомуньуус бартыһаана Че Гевара билиэҥҥэ түбэспит, сарсыныгар кинини өлөрбүттэр. Өлөн баран Че Гевара бүтүн аан дойдутааҕы контркултуура им бэлиэтэ буолбута.
  • 1978Мирнэй улууһугар Орто Ботуобуйа ньиэптээх сиригэр 1530 миэтэрэ дириҥҥэ 15 килотонналаах «Вятка» ядернай дэлби тэптэрии буолбут. Бу ньиэптээх сиргэ уопсайа 7 ядернай дэлби тэптэрии буолбута, сыаллара — ньиэп хостонуутун чэпчэтии.
  • 1990Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтин Сүбэринитиэтин Декларацията ылыныллыбыт.
  • Алекснадр Вешняков Михаил Николаев үһүс болдьоххо барар бырааба суоҕун туһунан этиммит.
  • 2005Пакистаҥҥа Азад Кашмир эрэгийиэнигэр 7.6 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. 100 тыһыынчаҕа тиийэ киһи өлбүт, 69 000–75 266 киһи бааһырбыт, 4 мөлүйүөн киһи дьиэтэ-уота суох хаалбыт.
  • Владикавказ, Малгобек, Ржев, Ельня уонна Елец куораттарга «Сэрии албан аатын куората» диэн ытык аат иҥэриллибит.
  • 2014Эбола ыарыытыттан АХШ-ка бастакы киһи өлүүтэ тахсыбыт.

Төрөөбүттэр

  • Александр Сибиряков (1933 өлб.), нуучча көмүс промышленнига, мэссэнээт, Сибиири чинчийээччи.
  • 1892Марина Цветаева — нуучча бэйиэтэ, тылбаасчыта, XX үйэ бөдөҥ бэйиэттэриттэн биирдэстэрэ.
  • 1933Валерий Скрябин — 1962-1966 сылларга РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Амма улууһун уонна Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
  • 1953Владимир МихайловСунтаар улууһун «Кириэстээх» тыа хаһаайыстыбатын кооперативын ыанньыксыта. Бочуот уордьанын кавалера (2013), Үлэ Албан аатын уордьанын толору кавалера, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера (2011), Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
  • 1956Василий Гоголев - Уйулҕан — суруйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

Өлбүттэр