Жегусов Иван Пудович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Жегусов Иван Пудович — Саха судаарыстыбыннай пединституутун бастакы дириэктэрэ (1934-37).

1898 сыллаахха Тааттаҕа Дьиэбэгэнэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Чөркөөххө Таатта биир кылаастаах училищетыгар уонна көскө сылдьар киһи чааһынай оскуолатыгар үөрэммитэ. Дьокуускайдааҕы учуутал сэминээрийэтигэр үөрэнэ киирбитэ, онон ол тэрилтэ аата уларыйбытын кэннэ 1922 с. Дьокуускайдааҕы учуутал техникумун бүтэрбитэ. 1927 с. Надежда Крупская аатынан Хомуньуустуу иитии акадьыамыйатын (Академия коммунистического воспитания) оскуола факультетын бүтэрбитэ.

1928 с. Саха АССР үөрэҕин, доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччылыы хамыһаарынан анаммыта, 1932 сыллаахха диэри бу дуоһунаска үлэлээбитэ.

1934 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай педагогика иснтитута аһыллыбытыгар бастакы дириэктэринэн анаммыта, 1937 с. уһуллубута. Кини үлэлиир сылларыгар институт атаҕар турбута, онно кини туруорсуутунан Ленинградтааҕы Герцен аатынан пединститут шефствоҕа ылбыта туһалаабыта (холобур, бибилэтиэкэ бастакы кинигэлэрин Ленинградтан ыыппыттара)[1].

1938 с. ахсынньы 4 күнүгэр сымыйа буруйдааһынынан хаайыллыбыта. 1940 с. кулун тутар 28 к. холуобунай дьыалата тохтотуллубута, көҥүлгэ тахсыбыта. Ол эрээри, хаайыыга сытан туруга улаханнык эмсэҕэлээбит этэ, онон ол содулуттан 1941 сыллаахха олунньуга Дьокуускайга өлбүтэ. 2000 сыллаахха ыам ыйын 15 күнүгэр толору реабилитацияламмыта.

Быһаарыылар

  1. Д.А. Данилов, А.Е. Захарова, И.С. Портнягин. Первый вуз Якутии // А.Г. Башарина и др. Высшее образование Якутии/Саха сирин үрдүк үөрэҕэ. — Якутск: Издательство ЯГУ, 1994. — С. 112.