Бокс
Бокс (бөҕө рефери), киирсии 1-3 мүн. кэрдиистэргэ (раунд) арахсар. Охтон баран 10 сөк. устата турбатах боксёр кыаттарар (нокаут), рефери санаатынан, улаханнык эчэйбит боксёр киирсииттэн туоратыллар (техник нокаут). Бэриллибит рауннар устата биир да боксёр нокауттамматаҕына эбэтэр киирсииттэн туораабатаҕына, сууттааччылар харах ааҕан кыайыылааҕы быhаараллар.