1990

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1986 1987 1988 1989 — 1990 — 1991 1992 1993 1994
Уоннуу сыллар
1960-с 1970-с 1980-с — 1990-с — 2000-с 2010-с 2020-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1990 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

Олунньу

  • Фредерик де Клерк Африка национальнай кэҥгириэһэ бобуллуута уһуллубутун биллэрбит уонна Нельсон Манделаны хаайыыттан таһаартарыам диэбит.
  • ССКП Киин кэмитиэтэ Горбачев туруорсуутунан хомуньуус баартыйа ССРС-ка былааска монополиятын тохтоппут.
  • Олунньу 11 — Соҕуруу Африкаҕа дьон бырааптарын туһугар турууласпыт актыбыыс Нельсон Мандела түрмэ хаайыытыттан 27 сыл буолан баран босхоломмут. Сотору кэминэн кини Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта.
  • Чехословакияттан сэбиэскэй сэриилэр тахсыылара саҕаламмыт.

Кулун тутар

  • Уйбаан Уһуунускай, Аммаҕа суруйааччы Баһылай Харысхал, Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Андрей Борисов (хос быыбарга) уо.д.а. эдэр дьон. Бу саҥа дьокутаат куорпуһа муус устар 25 күнүгэр Михаил Николаевы Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлинэн улахан утарылаһыыта суох талбыта[1].
  • Кулун тутар 4 — РСФСР народнай дьокутааттарын сийиэһэ (дойду сокуону оҥорор үрдүкү былааһа) 5 сыллаах болдьоххо талыллыбыт. 1993 сыллаахха балаҕан ыйын 21 күнүгэр бэрисидьиэн Борис Ельцин ыйааҕынан боломуочуйата тохтообут, алтынньы 4 күнүгэр күүһүнэн ыһыллыбыт.
  • Кулун тутар 9Берлиҥҥэ икки Германия холбоһоллорун туһунан кэпсэтии саҕаламмыт.
  • Литовскай ССР Сэбиэскэй Сойуустан тутулуга суоҕун биллэрбит, ССРС Конституциятын бэйэтин сиригэр дьайбатын туһунан эппит уонна 1938 сыллааҕы бэйэтин Конституциятын сөргүппүт.
  • Кулун тутар 14 — ССРС бэрэсидьиэнин быыбара буолбут, онно М. С. Горбачёв кыайбыт, ССРС бастакы уонна бүтэһик бэрэсидьиэнэ.
  • Кулун тутар 14 — ССРС Конституциятыттан ССКП салайар оруолун туһунан 6-с ыстатыйа сотуллубут.
  • Кулун тутар 15Михаил Горбачев Сэбиэскэй Сойуус бастакы бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт.
  • Кулун тутар 19 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан Алексеевскай оройуон аата Таатта оройуона диэн буолбута.

Муус устар

Муус устар 25 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин XII ыҥырыытын дьокутааттара Михаил Николаевы Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлинэн талбыттар[2].

Ыам ыйа

  • Латвийскай ССР өрөспүүбүлүкэ тутулуга суох буолуутун сөргүтэр туһунан декаларация ылыммыт, ССРС-тан тахсыбыт.
  • Ыам ыйын 8Эстония ССРС-тан тахсыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэ сүбүрүнүтүөтү өссө 1988 сыллаахха сэтинньи 16 күнүгэр биллэрбитэ, ол эрээри Сэбиэскэй Сойуустан тахсыбакка олорбута.
  • Ыам ыйын 9Кондаков Николай Алексеевичка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа аат иҥэриллибитэ.
  • РСФСР норуодунай дьокутааттарын I сийиэһэ саҕаламмыт (бэс ыйын 22 күнүгэр диэри буолбута). Бу сийиэскэ Арассыыйа сүбэрэнитиэтин туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтэ, ырытыллыбыта, уонна бэс ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа тутулуга суох буолуутун туһунан декларация ылыныллыбыта. Маны ССРС-тан тахса илик атын өрөспүүбүлүкэлэр бэлиитиктэрэ кыраҕытык кэтээн көрбүттэрэ.
  • Грузинскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.

Бэс ыйа

  • РСФСР норуодунай дьокутааттарын I сийиэһигэр Арассыыйа тутулуга суох буолуутун туһунан декларация ылыныллыбыт.
  • Узбекскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
  • Молдавскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.

От ыйа

  • Украинскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
  • От ыйын 18 — Саха ССР судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин туһунан Декларация бырайыага бэчээккэ дьүүлгэ тахсыбыт.
  • Николай Рыжковтуун, ССРС Үрдүкү сэбиэтин бэрэстээтэлэ Анатолий Лукьяновтыын, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Национальностар сэбиэттэрин бэрэстээтэллэрэ Рафик Нишановтыын көрсүтэлээбит. Ол эрээри, бу көрсүһүүлэр сүнньүнэн улахан түмүгү биэрбэтэхтэр, онон Борис Ельцинныын ситимнэһэр туһунан быһаарыы ылыллыбыт[1]
  • Белрусскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.

Атырдьах ыйа

  • Атырдьах ыйын 6 — РСФСР Үрдүкү сэбиэтин бэрэстээтэлэ Борис Ельцин Татарскай АССР-га тыл этэригэр: "Сүбэрэнитиэти төһөнү ыйыстаргытынан ылыҥ" диэн аатырбыт тылларын эппит. Бу этии тэлэбиидэнньэнэн эмиэ этиллибит, онтон Башкирскай АССР-га сылдьан эмиэ: "Былаастан төһөнү сатаан ыйстаргытынан ылыҥ" диэн бигэргэппит. Билигин бу этиитин иһин Ельцины буруйдууллар, ол эрээри, сорох устуоруктар санааларынан, бу этии Арассыыйа Федерациятын чөл хаалларбыта, өрөспүүбүлүкэлэр ыһыллан, арахсан барыыларын тохтоппута. Бу кэнниттэн урукку АССР-дар утуу-субуу сүбэрэнитиэт биллэрбиттэрэ эрээри федерацияттан тахсыбатахтара.
  • Карельскай АССР Арассыыйа Федерациятын өрөспүүбүлүкэлэриттэн бастакыннан сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри Арассыыйаттан арахсарын туһунан эппэтэҕэ.
  • ТУ-154 сөмүөлүөтү 15 хаайыылаах былдьаабыт, Красноярскайынан Ташкеҥҥа тиийбиттэр. Онно 45 пассажиры босхолообуттар, 4 хаайыылаах бэриммиттэр. Уоннааҕылара Пакистааҥҥа Карачи куоракка көппүттэр, онно хаайыылаахтары барыларын тутан хаайбыттар, сууттаан баран өлөрүүгэ уурбуттар. Икки террорист бэйэлэригэр тиийинэн өлбүттэр, биир итииттэн сылтаан хаайыыга өлбүт. 1991 сыллаахха атыттарын өлүөхтэригэр дылы хаайыыга сытарга диэн бириигэбэрдэрин уларыппыттар.
  • Туркменскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
  • Армянскай ССР ССРС-тан тахсарын туһунан биллэрбит.
  • Армянскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
  • Таджикскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
  • Татарскай АССР РСФСР өрөспүүбүлүкэлэриттэн иккиһинэн (бастакы Карельскай АССР этэ) сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри федерацияттан тахсарын туһунан эппэтэҕэ.

Балаҕан ыйа

  • Балаҕан ыйын 4Михаил Николаев Борис Ельцинныын аан бастаан сирэй көрсөн кэпсэппит. Бу көрсүһүү улахан суолталаах буолбута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүбэрэнитиэтэ Арассыыйаны мөлтөппөтө этиллибитэ. Борис Ельцин ылыныллыахтаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүбэрэнитиэтин туһунан декларацияны утарыа суох уонна ытыктыах буолан эрэннэрбитэ[1].
  • Балаҕан ыйын 27Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суверенитетын Декларацията ылыныллыбыт.

Алтынньы

В 1990 году, с 9 по 14 октября в Барнауле проходил фестиваль, на который были приглашены две якутские группы По итогам выступлений был признан супер-группой фестиваля.

Сэтинньи

  • Сэтинньи 12 — Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума Дьокуускайдааҕы бибилитиэкэҕэ «национальнай» стаатус иҥэрбит.
  • Сэтинньи 12Тим Бернерс-Ли Аан ситими тэрийэр туһунан этиитин бэчээттээбит.
  • Сэтинньи 14Арҕаа Германия бэйэтин конституциятыгар уларытыы киллэрэн Польшаны кытары Одер — Нейсе өрүстэринэн ааһар кыраныыссаны билиммит. Бу кыраныысса Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн олохтоммута. Кыайыылаах кыттыгастыы дойдулар Германия илиҥҥи өттүттэн элбэх сири былдьаан Польшаҕа биэрбиттэрэ уонна онно олорбут ньиэмэстэри арҕаа үүрбүттэрэ. Арҕаа Германия Одер — Нейсе лиинийэтин өр билиммэтэҕэ, оннооҕор урукку сирдэрин күүс өттүнэн төннөрүөх буолара. Ол эрэн Илин уонна Арҕаа Германиялар холбоһоллоругар тас дойдулар көҥүл биэрэллэрин мэктиэтигэр ити кыраныыссаны билиммитэ.
  • Европатааҕы көннөрү сэрии сэбин туһунан сөбүлэҥҥэ (нууч. Договор об обычных вооружённых силах в Европе) илии баттаммыт.
  • Сэтинньи 24 — Сүбэрэнитиэт биллэриллибин кэннэ Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсөн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ саҥалыы сайдыахтаах оҥкулун оҥорбуттар. Көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ совминын бэрэстээтэлэ Владислав Шамшин уонна быраабыыталыстыба атын чилиэннэрэ бааллара.
  • Сэтинньи 28 — Британия премьер-миниистирэ Маргарет Тэтчер Консерватордар партияларын салайан бүппүт, онон премьер дуоһунаһыттан уурайбыт. Икки дуоһунаһыгар иккиэннэригэр кинини Джон Мейджор солбуйбут.

Ахсынньы

  • Ахсынньы 9Лех Валенса быыбарга кыайан Польша аан бастакы быһа куоластааһынынан талыллыбыт бэрэсидьиэнэ буолбут.
  • Ахсынньы 11Албания үрдүнэн устудьуоннар уонна оробуочайдар уулуссаҕа тахсыбыттар, тиһэҕэр бу Албанияҕа хомуньуус былааһа сууллуутугар тиэрдибитэ.
  • Киргизскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
  • Ахсынньы 22 — "Солидарность" идэлээх сойуус тойоно Лех Валенса Польша бэрэсидьиэнэ буолбут.
  • Ахсынньы 22 — Маршалл Арыылара уонна Микронезия Федеративнай Штаттара ХНТ куттал суох буолууга Сүбэтин быһаарыытынан дьиҥнээхтик тутулуга суох буолбуттар.
  • Ахсынньы 26РСФСР совминын "Ырыынак сыһыаннарыгар көһүү кэмигэр Саха ССР социальнай-экэнэмиичэскэй кыһаҕаларын быһаарарыгар экэниэмикэ өттүнэн бэйэтин бэйэтэ дьаһаныытын кэҥэтэр туһунан" 603№ уурааҕа тахсыбыт. Бу уураах ый ынараа өттүгэр Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсүһүүтүн түмүгүнэн тахсыбыта. Уураахха айылҕа баайын туһаныы рентата өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнүөхтээҕэ, алмаас, көмүс уонна атын кыраныысса таһыгар тахсар бородууксуйа иһин валютанан төлөбүр киириэхтээҕэ, өрөспүүбүлүкэ валюта пуондалаах буолуохтааҕа ыйыллыбыт.
  • Ахсынньы 27Борис Ельцин Саха сиригэр көтөн кэлбит, бу иннинэ совмин 603№ уурааҕар суһаллык илии баттаттарбыт уонна ол уураах тиэксин аҕалбыт. Ол күн киэһэ Михаил Николаевтыын биир бииргэ олорон кэпсэппиттэр, Сойуус былааһын кытта сатаспатын, баҕар сэбилэниилээх утары турсуу буолуон сөбүн кэпсээбит (аҕыйах ыйынан, кырдьык, путч буолбута)[3]. Аҕыйах хонук иһигэр Мэҥэ Хаҥаласка, Анаабырга, Мииринэйгэ сырытыннарбыттар, өрөспүүбүлүкэ хайдах олорорун дьиҥнээхтик, нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн хайдах ыраахтарын көрдөрбүттэр.
  • Ахсынньы 27Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) Максим Аммосов аатын сүкпүт.
  • Ахсынньы 29 — Борис Ельцин Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин бэһис сиэссийэтигэр сылдьыбыт, Саха ССР сүбэрэнитиэтин билинэрин туһунан официальнайдык эппит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  1. 1,0 1,1 1,2 Николаев Иван Игнатьевич Объявление суверенитета // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 92-93. — 624 с. — 3000 экз.
  2. Николаев Иван Игнатьевич Новый депутатский корпус // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 73-76. — 624 с. — 3000 экз.
  3. Николаев Иван Игнатьевич Ельцин в Якутии // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 103-104. — 624 с. — 3000 экз.