Ахсынньы 9

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ахсынньы 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 343-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 344-c күнэ). Сыл бүтүө 22 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • ХНТFlag of the United Nations.svg ХНТДойдулар ардыларынааҕы хоруупсуйаны утары охсуһуу күнэ. 2022 сыл тиэмэтэ: «Сайдыы, эйэ уонна куттал суох буолуутун туһугар аан дойду хоруупсуйаны утары сомоҕолоһуута»
  • ХНТFlag of the United Nations.svg ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы геноцид сиэртибэлэрин кэриэстиир күн. Армения көҕүлээһининэн 2015 сыллаахха балаҕан ыйын 11 күнүгэр ХНТ Сүрүн ассамблеята биллэрбитэ. Бу күн 1948 сыллаахха ХНТ геноциды утары конвенцияны бигэргэппитэ, билиҥҥи туругунан ол докумуону 149 дойду ратификациялаан олорор
  • Антигуа уонна БарбудаFlag of Antigua and Barbuda.svg Антигуа уонна Барбуда — Дойду дьоруойдарын күнэ
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Аҕа дойду дьоруойдарын күнэ
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg АрассыыйаТимир суол сэбилэниилээх харабылын күнэ
  • ШвецияFlag of Sweden.svg Швеция, ФинляндияFlag of Finland.svg Финляндия — Аана күнэ. Бу күн Ороһооспоҕо сиэнэр лютефиск диэн бүлүүдэни астаан саҕалыыллара. Билигин таарыйа Аана диэн ааттаах дьахталлары эҕэрдэлииллэр
  • ПеруFlag of Peru (state).svg Перу — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
  • ТанзанияFlag of Tanzania.svg Танзания — Танганьика Британияттан 1961 сыллаахха тутулуга суох буолуутун бэлиэтиир күн
  • Шри-ЛанкаFlag of Sri Lanka.svg Шри-Ланка — Байыаннай байҕал флотун күнэ

Түбэлтэлэр

  • 536 — Византия-гот сэриитин кэмигэр Велизарий салайар Византия (Илин Рим импиэрийэтэ) аармыйата Рим куоратын остготтартан былдьаабыт. Варвардар 60 сыллаах Рими баһылааһыннара түмүктэммит.
  • 730 — Мардж-Ардебиль аттынааҕы кыргыһыы: Хазаардар Омейяд аармыйатын урусхаллаабыттар уонна баһылыктарын Аль-Джарра ибн Абдаллах Аль-Хаками диэн киһини өлөрбүттэр.
  • 1824 — Аякучо таһынааҕы сэриигэ Испания колонизатордарын аармыйатын кыайан Перу тутулуга суох буолбут.
  • Красноярскай өрөспүүбүлүкэтин биллэрбит. Ахсынньы 27 күнүгэр ыраахтааҕы сэриилэрэ куораты хонтуруолга ылбыттара, өрө турааччылары төгүрүйбүттэрэ, өссө аҕыс хонугунан бэриннэрбиттэрэ.
    • Франция сокуонунан сыаркабы судаарыстыбаттан араарбыт.
  • 1917Кырыым татаардарын Курултаайа Кырыым норуот өрөспүүбүлүкэтин биллэрбит.
  • 1941 — Елец уонна Венев куораттар ньиэмэстэртэн босхоломмуттар.
  • 1950Тымныы сэрии: АХШ атомнай буомбатын оҥорбут Манхэттэн бырайыагын кистэлэҥнэрин Сэбиэскэй Сойууска арыйарга көмөлөспүт Гарри Голд 30 сыллаах түрмэ хаайыытыгар ууруллубут.
  • 1968Сан-Францискоҕа Дуглас Энгелбарт аан бастаан киэҥ араҥаҕа көмпүүтэр мышкатын уонна гипертиэкиһи көрдөрбүт.
  • Тыа хаһаайыстыбатын института тэриллибит. Факультет ССРС Минвуһун бирикээһинэн 1956 сыллаахха атырдьах ыйын 28 күнүгэр баар буолбута. 1995 сыллаахха институт академия буолбута, 2020 сыллаахха РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирикээһинэн университет буолбута.
  • интифада саҕаламмыт.
  • 1990Лех Валенса быыбарга кыайан Польша аан бастакы быһа куоластааһынынан талыллыбыт бэрэсидьиэнэ буолбут.
  • 2016Соҕуруу Кэриэйэ бэрэсидьиэнигэр Пак Кын Хега дойду түмэнэ импичмент биллэрбит. Төрүөтэ — удаҕан дьүөгэтигэр судаарыстыба кистэлэҥнэрин арыйара, суолталаах быһаарыы ыларыгар кинини кытта сүбэлэһэрэ, ону таһынан кини сүбэтинэн бэрик ыла сатаабыта биллибит. Былаастан туоратыллан баран бу дьахтар сууттаммыта, 25 сыл хаайыыга ууруллубута.

Төрөөбүттэр

  • Анатолий Вассерман — Арассыыйа суруналыыһа, политконсультант, тэлэбиидэнньэҕэ ыытыллар интеллектуальнай оонньуулар элбэх төгүллээх кыайыылаахтара.
  • 1954 — Жан-Клод Юнкер — 2014-2019 сылларга Еврокомиссия бэрэстээтэлэ, 1995-2013 сылларга Лүксембург премьер миниистирэ, Эуро олохтооһунун көҕүлээччитэ.
  • Масако (төрүүрүгэр аата Масако Овада) — 2019 сылтан Дьоппуон ыраахтааҕыта.
  • Людмила Кузьмина — опера ырыаһыта, меццо-сопрано, СӨ Опера уонна балет тыйаатырын артыыһа.

Өлбүттэр

  • Абу Райхан Аль-Бируни (973 төр.), Орто Азия дэгиттэр учуонайа.
  • Леонид Броневой (1928 төр.), тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, ССРС норуодунай артыыһа.