1964 сыл
Сыллар |
---|
1960 1961 1962 1963 — 1964 — 1965 1966 1967 1968 |
Уоннуу сыллар |
1930-с 1940-с 1950-с — 1960-с — 1970-с 1980-с 1990-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1964 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 8 — АХШ бэрэсидьиэнэ Линдон Б. Джонсон дойдуга «дьадайыыны утары сэриини» биллэрбит. Уон сыл иһигэр дьадаҥы дьон ахсаана 17,3%-тан 11,1%-ҥа диэри намтаабыт.
- Тохсунньу 11 — АХШ сүрүн хируура Лютер Терри, «Табах тардыы уонна доруобуйа» диэн киэҥник биллибит отчуотун таһаарбыт. Отчуокка табах тардыы доруобуйаҕа сэрэхтээҕэ этиллибит, мантан сылтаан дойду иһигэр уонна аан дойду да үрдүнэн табахтааһыны утары миэрэлэр ылыллыбыттар.
Олунньу
- Битлз» бөлөх АХШ-ка хит буолбут бастакы ырыатын «I Want to Hold Your Hand» таһаарбыт.
- Олунньу 25 — Ленинградка кардиохирург Василий Колесов ССРС-ка бастакынан ситиһиилээхтик үлэлии сытар сүрэх тымырыгар шунт туруорбут.
Алтынньы
- Алтынньы 1 — Дьоппуоҥҥа «Синкансэн» диэн түргэн пуойастар сырыылара аһыллыбыт. Маҥнай кинилэр Токио уонна Осака куораттар ыккардыларыгар сүүрбүттэр.
- Алтынньы 14 — ССРС-ка Никита Хрущев былаастан туоратыллыбыт. Леонид Брежнев ЦК КПСС бастакы сэкирэтээринэн буолбут. Кини 18 сыл тухары, 1982 сыллаахха диэри ССРС баһылыгынан олорбута.
- Алтынньы 15 — Аан дойдуга саамай уһун «Дружба» нефтепровод үлэтин саҕалаабыт. «Дружбанан» ниэп Волга-Урал эрэгийиэниттэн Илин Европа дойдуларыгар тиийэр.
- Алтынньы 16 — Кытай бастакы ядернай буомбатын тургутуутун ыыппыт.
- Алтынньы 16 — Синцзяҥҥа Тарим дэхси сиригэр Кытай бастакы атомнай бомбатын дэлби тэптэрбит.
Сэтинньи
- Сэтинньи 29 — Саха норуодунай бэйиэтэ диэн ытык аан аан бастаан бэйиэт Эллэйгэ иҥэриллибит.
Төрөөбүттэр
- Николас Кейдж — Америка артыыһа, кинорежиссёра уонна продюсера, «Оскар» бириэмийэ лауреата.
- Тохсунньу 12 — Джефф Безос — Эмиэрикэ урбаанньыта, Amazon.com интэрниэт-маҕаһыын төрүттээччитэ уонна тойоно, Blue Origin аэрокосмическай компания төрүтээччитэ уонна бас билээччитэ, уонна бэчээттиир дьиэ The Washington Post бас билээччитэ. 2017-2021 сылларга аан дойду саамай баай киһитэ.
- Герман Греф — Арассыыйа бэлиитигэ уонна баҥкыыра, 2007 сыллаахтан Сбербаан бырабылыанньатын бэрэстээтэлэ.
- Кулун тутар 8 — Ушницкай Василий — саха омугун эрдэтээҥи устуоруйатын үөрэтэр чинчийээччи, историческай билим кандидата.
- Ыам ыйын 9 — Михалева Наталья Владимировна — Сайа, поэтесса.
- От ыйын 30 — Боякова Сардана Ильинична, история билимнэрин доктора.
- Афанасий Максимов — “Якол”, "Илин", “Илин Тур” тэрилтэлэри төрүттээччи урбаанньыт, СӨ бэлиитигэ, Ил Түмэн II, III, IV ыҥырыыларын дьокутаата, Дьокуускай куорат дууматын III ыҥырыытын дьокутаата, 2003-2008 сылларга “Саханефтегаз” ННГК ААО бэрэсидьиэнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин авиациятын үтүөлээх үлэһитэ.
- Алтынньы 26 — Евсеев Матвей Николаевич, «Анаабыр алмаастара» алмаас хостуур тэрилтэ салайааччыта.
Өлбүттэр
- От ыйын 4 — Петров Прокопий Устинович (1913—1964), саха учуонайа, историк.
- Сэтинньи 26 — Горохов Кирилл Иванович (1928—1964), устуоруйа билимин хандьыдаата.
- Ахсынньы 10 — Павел Кугаевскай — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
- Ахсынньы 16 — Слепцов Николай Дмитриевич (Туобулаахап) (1912—1964), суруйааччы, драматург, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.