Хрущёв Никита Сергеевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Nikita Khrusjtsjov.jpg

Никита Сергеевич Хрущев (1894 – 11.9.1971), советскай партийнай уонна государственнай деятель.

Курскай күбүөрүнэҕэ Калиновка дэриэбинэтигэр шахтер дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Церковно-приходской оскуолаҕа бастакы сүһүөх үөрэхтэммит. 1908 сылтан слесарынан хочуол ыраастааччыннан үлэлээбит, профсоюзтарга киирбит, стачкаларга кыттыбыт. 1938 сыллаахха тохсунньуга Украина коммунист партиятын Киин комитетын бастакы сэкиритээринэн анаммыт. Ол сыл Политбюро кандидаатынан, 1939 сыллаахха - чилиэнинэн буолбут. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Хрущев үрдүкү раангалаах политическай комиссар дуоһунаһыгар сылдьыбыт. 1943 сыллаахха генерал-лейтенант буолбут; партизааннар хамсааһыннарын салайбыт. Сэрии кэнниттэн Каганович салайар кэмэ. 1947 сыл тохсунньутугар Хрущев эмиэ Украина компартиятын баһылаабыт; 1949 сыллаахха Москуба куоратын баартыйатын кэмитиэтин бастакы сэкиритээринэн уонна Киин кэмитиэт сэкиритээринэн үлэлээбит.

Лаврентий Берияны былаастан туоратыы сүрүн сҕалааччылартан биирдэстэрэ буолбута. 1953 с. алтынньытыгар Хрущёв ЦК бастакы сэкиритээринэн талыллыбыта. 1958 сылтан — ССРС миниистирдэрин сэбиэтин бэрэстээтэлэ. Бу сололорго 1964 сыл алтынньы 14 күнүгэр дылы олорбута. Киин кэмитиэт алтынньытааҕы пленума судаарыстыбаннай уонна партийнай дуоһунастарыттан устубута. Ол кэннэ Никита Хрущёв дьиэ хаайыытыгар олорбута. 1971 сыллаахха балаҕан ыйын 11 күнүгэр өлбүтэ.