Дойдулар ардыларынааҕы хоруупсуйаны утары охсуһуу күнэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дойдулар ардыларынааҕы хоруупсуйаны утары охсуһуу күнэ (тылларынан: ааҥл. International Anti-Corruption Day, араб. اليوم الدولي لمكافحة الفساد, исп. el Día Internacional contra la Corrupción, кыт. 国际反腐败日, нууч. Международный день борьбы с коррупцией, фр. la Journée internationale de lutte contre la corruption) — сыл аайы ахсынньы 9 күнүгэр Холбоһуктаах наасыыйалар тэрилтэлэрин быһаарытынан бэлиэтэнэр. Бу күн 2003 сыллаахха Миэксикэҕэ хоруупсуйаны утары Конвенция ылыныллыбыта.

Бу күн соруга хоруупсуйа суолтатын дириҥэтэн өйдүүргэ уонна Конвенция сэрэтэр уонна охсуһар суолтатын оруолун көрдөрүү.

Тиэмэлэрэ сылынан

  • 2022: Сайдыы, эйэ уонна куттал суох буолуутун туһугар аан дойду хоруупсуйаны утары сомоҕолоһуута
  • 2021: Эн быраабыҥ, эн оруолуҥ: хоруупсуйаҕа суох диэ.

Сигэлэр