1985 сыл
Сыллар |
---|
1981 1982 1983 1984 — 1985 — 1986 1987 1988 1989 |
Уоннуу сыллар |
1950-с 1960-с 1970-с — 1980-с — 1990-с 2000-с 2010-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1985 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 7 — Дьоппуон Сакигаке диэн планеталар ардыларынааҕы хараабылы космоска ыыппыт. Бу Сэбиэскэй Сойуустан уонна АХШ-тан атын дойдулар бастакы ыраах космоска ыыппыт аппаараттара буолар.
- Тохсунньу 28 — Ядернай сэриини утары Дели декларацията ылыныллыбыт.
Олунньу
- Олунньу 19 — Оҥоһуу сүрэхтээх киһи (Уильям Дж. Шредер) аан бастаан балыыһаттан тахсыбыт.
- Олунньу 24 — ССРС-ка союзнай уонна автономиялаах өрөспүүбүлүкэлэр Үрдүкү Сэбиэттэригэр тиһэх быыбар буолбут. Маны таһынан олохтоох сэбиэттэри быыбардаабыттар.
Кулун тутар
- Кулун тутар 11 — Миахил Горбачев ССКП генеральнай сэкиритээрэ буолбут.
Муус устар
- Муус устар 13 — Михаил Горбачев партия пленумугар «перестройканы» биллэрэр.
Балаҕан ыйа
- Николай Рыжков ССРС миниистирдэрин сэбиэтин бэрэстээтэлэ буолбут.
Алтынньы
- Алтынньы 17 — IBM көмпүүтэрдэргэ аналлаах бастакы 32-разрядтаах процессор тахсыбыт — Intel 80386.
- Алтынньы 26 — Австралия бырабыыталыстыбата аатырбыт Улуру хайаны аборигеннарга төннөрбүт. Австралия ортотугар истиэп курдук нэлэмэн сиргэ турар 348 м үрдүктээх Улуру таас хайа олохтоох омуктар үҥэр ытык сирдэрэ буолар.
Сэтинньи
- Гарри Каспаров Анатолий Карповы 13:11 счетунан хотон аан дойду 13-с чөмпүйүөнэ буолар.
- Женеваҕа (Швейцария) генсек Михаил Горбачёв уонна АХШ бэрэсидьиэнэ Рональд Рейган аан бастаан көрсүбүттэр.
- Сэтинньи 20 — Windows 1.0 (ааҥл. түннүктэр) операционнай систиэмэ атыыга тахсыбыт. 2019 сыллааҕы көрдөрүүнэн Windows араас версиялара аан дойду көмпүүтэрдэрин 88,5 %-гар тураллар.
Ахсынньы
- Тыа хаһаайыстыбатын института тэриллибит. Факультет ССРС Минвуһун бирикээһинэн 1956 сыллаахха атырдьах ыйын 28 күнүгэр баар буолбута. 1995 сыллаахха институт академия буолбута, 2020 сыллаахха РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирикээһинэн университет буолбута.
- Ахсынньы 19 — Дьокуускай-Нүөрүҥгүрү-Чита-Иркутскай хайысханан көтүөхтээх Ан-24 сөмөлүөтү иккис пилот угоннаабыт уонна Кытайга илдьибит. Сөмөлүөт Кытайга аэродром булбакка рис хонуутугар аварийнай посадка оҥорорго күһэллибит. Быһылаан түмүгэр ким да эмсэҕэлээбэтэх.
- Ахсынньы 26 — Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр ыанньыксыт Павел Шарин (24.06.1955 төр.) хас биирдии сыһыарыллыбыт 18 ынаҕыттан 6071 кг. үүтү ыабыта, Саха сиригэр XX үйэ чаҕылхай рекордун олохтообута.
Төрөөбүттэр
- Олунньу 5 — Криштиану Роналду — Португалия футболиһа, Европа чөмпүйүөнэ (2016).
- Олунньу 6 — Рустам Каженкин — бэйиэт, оскуола учуутала, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун эдэр литератордарын сүбэтин салайааччыта.
- Олунньу 9 — Роман Дорофеев — Саха тыйаатырын артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, режиссер.
- Муус устар 25 — Балынец Владимир Андреевич — XIV Паралимпийскай оонньууларга үрүҥ көмүс призер (пауэрлифтинг)
- Ыам ыйын 6 — Андросов Гаврил Гаврильевич — бэйиэт, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Өлбүттэр
- Литинскай Генрих Ильич, композитор, Саха АССР Норуот артыыһа,
- П. И. Филиппов, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, прозаик, литература критига (1915 с. төрөөбүт).
- Олунньу 4 — Ильин Дмитрий Иванович — саха биллиилээх муосчута.
- Кулун тутар 6 — Красильников Дмитрий Данилович (25.12.1920—06.03.1985) — физик-учуонай.
- Кулун тутар 9 — Александра Корнилова — 1967-1972 сылларга Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэстээтэлин солбуйааччы, 1972-1984 сылларга Саха АССР Статистикаҕа управлениетын салайааччыта, 1958-1959, 1967-1972 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата.
- Кулун тутар 10 — ССКП генеральнай сэкирэтээринэн Леонид Брежнев кэнниттэн сылтан арыый ордук олорбут Константин Черненко өлбүт. Кини эбэтэ Красноярскай кыраай Дьэһиэйигэр барбыт Ньурба бааһынайа этэ дииллэр (аҕата көскө кэлбит нуучча, ийэтэ саха).
- Бэс ыйын 7 — Романова Агния Васильевна (15.07.1912—07.06.1985) — педагогическай билим кандидата.
- Алтынньы 2 — Бурцева Елизавета Ивановна (12.07.1912—02.10.1985) — Социалистическай Үлэ Геройа.
- Ахсынньы 5 — Михаил Лорин — Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1944). Сэрии иннинэ Саха Сиригэр аэрофотосъемка инженеринэн үлэлээбитэ.
- Ахсынньы 26 — гориллалары чинчийбит учуонай Фосси Дайан.