Шарин Павел Петрович
Шарин Павел Петрович (24.06.1955) — XX үйэ рекордсмен ыанньыксыта.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьаҥхаады нэһилиэгэр Төхтүргэ төрөөбүтэ.
1972 с. — Төхтүр орто оскуолатын бүтэрээт «Оскуола — производство — үрдүк үөрэх» диэн ыҥырыынын «Герой Попов» совхозка ыанньыксыттыы тахсар. 1973-1975 сс. — Советскай Армия кэккэтигэр службалаан кэлбитэ.
1972-1992 сс. — Төхтүр отделениетын дояра. Наставниктара: республика биллиилээх доярдара Ленин орденын кавалера П. С. Винокуров, «Октябрьскай революция» орденын кавалера А. З. Колмакова, «Үлэ Кыһыл Знамятын», «Октябрьскай революция» орденнар кавалердара Е. Н. Попов этилэр.
1983 с. — Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн зооинженер специальностаах.
«Герой Попов» совхоз 1976 с. Төхтүргэ сүөһүнү кииннэн иитиини саҕалаабыта. Племенной сүөһүнү үөскэтиини Амвросьева С. А. салайан ыыппыта. Искусственнай сиэмэлээһин инструкторынан Макарова А. Ф. үлэлээбитэ. Племенной үлэ түмүктээх буолуутун искусственнай сиэмэлээһин хааччыйбыта. Амвросьева С. А. сыралаах үлэтин түмүгэр «Герой Попов» совхоз 1973 с., 1974 с. племенной үлэҕэ Россияҕа II, III миэстэлэммитэ. Ити сылларга Павел Шарин үүт ыаһыныгар чаҕылхай ситиһиилэммитэ.
Сыллар 1 ынахтан ыата кг. Валовай үүт тн. 1980 1981 1982 1983 1984 1985 3320 3654 4853 5344 5711 6071 62,4 65,1 72,5 72,6 69,0 109,2
1985 с. ахсынньы 26 күнүгэр хас биирдии сыһыарыллыбыт 18 ынаҕыттан 6071 кг. үүтү ыабыта, XX үйэ чаҕылхай рекордун олохтообута. 4 ынаҕа элита — рекорд, 8 ынаҕа — элита, 1 ынаҕа — бастакы кылаастаах.
Үүттээх ынахтара
Песня — 6335 кг, Нуоралдьын — 5998 кг. Уһулуччу үүтү Надежда — 7827 кг биэрбитэ, госплем кинигэҕэ киирбит 4-с поколениета этэ. Зональнай выставкаларга 2-тэ кыһыл көмүс медалы ылбыта. «Биирдии ынахтан ортотунан 6000 кг. үүтү ыан республикаҕа да, Союзка да сүөһү иитиитигэр Саха сирин тымныы кыһыннаах, куйаас сайыннаах усулуобуйатыгар наука дакаастаабыт ирдэбилин дьиҥнээх олоххо көрдөрүү — Павел Шарин үлэтин түмүгэ буолар»,- Т/х министерствотын департаменын специалистара А. И. Никифорова, Н. Н. Неустроева. «Становление племенной работы в РС(Я)», 2001 с., стр. 38-39. 1992-1995 сс. — «Төхтүр» КП племенной хаһаайыстыбатын селекционер-зоотехнига.
1995-2002 сс. — «Төхтүр» ТХПК директора.
2002-2006 сс. — СР Тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын племенной дьыалатын Департаменын специалиһа. 2006 с. СР Агропромышленнай комплексын «Консультационно — методологическай центрын» главнай специалиһа.
Наҕараадалара, ситиһиилэрэ
- -Лауреат премии имени Героя Попова 1977, 1979, 1980гг.
- -Почетная грамота ЦК ВЛКСМ в связи с 60-летием ВЛКСМ.
- -Почетные дипломы от имени МСХ СССР и ЦК профсоюза работников сельского хозяйства.
- -Именная премия министерства сельского хозяйства ЯАССР 1983-84гг.
- -Полный кавалер знаков ЦК ВЛКСМ «Трудовая доблесть», «Ленинская проверка», «Молодому передовику животноводства», «Молодой гвардеец пятилетки» I-II-III степеней 1981г.
- -Золотая медаль (дважды), серебряная, бронзовая медали ВДНХ СССР. 1982г.
- -Орден Трудовой Славы III степени. 1982г.
- -Знак ЦК КПСС, СМ СССР, ВЦСПС и ЦК ВЛКСМ «Ударник XI пятилетки» 03.12.1983г. со взятием 5000-го рубежа.
- -Лауреат премии Ленинского комсомола 1985г.
- -Депутат Верховного Совета ЯАССР XI созыва 25.02.1985г. по Техтюрскому избирательному округу № 64.
- -Делегат XXVII съезда КПСС. 1986г.
- -ЧЛЕН ЦК КПСС (единственный представитель-животновод). Избран XXVII съездом КПСС.
- -Почетный гражданин Жанхадинского наслега.
- -Почетный гражданин Мегино-Кангаласского улуса. 27/XII-1985г.
- -Орден «Полярная звезда». 2000г.
- -Рекордсмен — дояр Якутии XX века. 2001г.
- -Заслуженный работник сельского хозяйства РС(Я). 2005г.
- -Ветеран сельского хозяйства РС(Я). 2007г.
- -Медаль им. Т. С. Мальцева. Удостоверение № 2747. Решением Правления Центрального Совета Аграрной партии России от 12 сентября 2008г.
- -Медаль «Гражданская доблесть». 2010г.
- -Почетный работник агропромышленного комплекса РФ.
- -Отличник профсоюзного движения РФ.
Литература
1. «Ленинскэй знамя» 1985 с. ахсынньы 28 күнэ. 2. Становление племенной работы В РС(Я). г. Якутск 2001г. 3. Автономное учреждение "Консультационно — методологический центр агропромышленного комплекса РС(Я)». 4. Плакат «XX-с үйэ чулуу көрдөрүүлэрэ».