Рис
Рис | ||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Билим классификацията | ||||||||||
|
||||||||||
Латыынныы аата | ||||||||||
Аан дойдуга биллэр аата ыйыллыбатах Вы можете помочь проекту, поставив latin=название внутри шаблона taxobox в тексте статьи |
[[Категория:Үүнээйилэр алпабыытынан]]
Рис (Oryza sativa) диэн туорахтаах үүнээйилэр ыалларын биир өлүүлээх от үүнээйитэ. Рис туораҕа аан дойдутааҕы киһи аймах биир сүрүн аhа. Бастатан туран тропик Латин Америка, Кариб, Илин, Соҕуруу уонна Соҕуруулуу-илин Азия олохтоохторугар.
Рис биир сыллаах үүнээйи курдук үүннэриллэр, ол гынан баран тропик сирдэргэ элбэх сыллаах буолуон сөп уонна 20 сыл устата үүнүү биэриэр кыахтаах. Рис ото 1-1.8 м үрдүктээх, ол кырыhын арааhыттан уонна иҥэмтэтиттэн тутулуктаах. Сэбирдэхтэрэ 50-100 см уhуннаахтар уонна 2-2.5 см халыҥнаахтар. Туораҕа 5-12 мм уhуннаах уонна 2-3 мм халыҥнаах.
Рис культивацията үлэ күүһэ намыhах сыаналаах уонна өлгөм сөҥүүлээх дойдуларга уонна регионнарга барсар, тоҕо диэтэр рис үүннэрии олус сыралаах уонна элбэх ууну эрэйэр. Рис ханна баҕар үүнүөн сөп, оннооҕор туруору томторго эбэтэр хайаҕа.
Алдьамматах рис- сырьену бэрэбиэркэлииргэ кыра бөҕү тиэйэн баран шелушат (сиҥнэллэр), ол эбэтэр чехтуҥтан араараллар. Шлифованнай (полярнай, үрүҥ) уруһуйдарын туруупкаттан ыраастыыллар уонна бүтүн уонна бытарытыллыбыт бурдугу (рис сечканы) сортуолууллар.