Олунньу 19
Олунньу 19 диэн Григориан халандаарыгар сыл 50-с күнэ. Сыл бүтүө 315 күн (ордук хонуктаах сылга 316 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
- Киит уонна дэлпиин аан дойдутааҕы күннэрэ
- Арассыыйа — Орнитолог күнэ
- Армения — Кинигэ бэлэхтиир күн
- Васил Левскайы кэриэстиир күн. Көҥүл Апостола диэн ааттаммыт болгар омугун дьоруойа, Осмаан импиэрийэтиттэн босхолонуу тосхолун оҥорбут киһи
- Шиваджи Бхонсале I (1630-1680) — маратхи омук ыраахтааҕыта
- Кыргыстаан — Үп-харчы бэлииссийэтин үлэһитин күнэ
- Миэксикэ — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Константин Брынкуши төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
- Түркменистаан — Былаах күнэ
Түбэлтэлэр
- 197 — Септимий Север импэрээтэр узурпатор Клодий Альбины Лугдун аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыт, бу кыргыһыы Рим аарымыйаларын ыккардыгар саамай элбэх хаан тохтуулаах кыргыһыы этэ.
- 356 — Констанций II ыраахтааҕы Рим импиэрийэтигэр эмэгэттэргэ үҥэри боппут.
- Речь Посполита хоруола Сигизмунд III Швеция хоруола буолбут.
- 1600 — Перуга Уайнапутина стратовулкан эстибит. Соҕуруу Америка устуоруйатыгар саамай күүстээх эстии этэ.
- Үрдүкү Кистэлэҥ Сүбэ тэриллибит. Сүбэни алта Екатерина I сүбэһиттэрэ (ол иһигэр Бүөтүр I чугас киһитэ Александр Меншиков) тэрийбиттэрэ. Сүбэ эһиилигэр бүрүстүөлгэ олорбут Петр II оннугар импиэрийэни салайбыта. 1730 сыллаахха Сүбэ Анна Иоанновнаны ыраахтааҕынан талбыта, ол эрээри биир ыйынан саҥа ыраахтааҕы байыаннайдар көмөлөрүнэн Сүбэ чилиэннэрин былаастан үтүрүйбүтэ, Сибииргэ көскө ыыталаабыта.
- 1793 — Екатерина II өрөбөлүүссүйэ буолбут Франциятын кытта сыһыаны быһар туһунан ыйаах таһаарбыт, ол иһигэр Арассыыйаҕа Францияттан биэдэмэстэри (оччотооҕу хаһыаттары), сурунааллары уонна атын айымньылары киллэрэри боппут.
- Александр II ыраахтааҕы «Крепостной быраабы ууратыы туһунан манифест» диэн докумуону таһаарбыт.
- 1878 — Америка айааччыта Томас Эдисон фонограбы патеннаабыт.
- 1905 — Хотугу Кытайга Арассыыйа-Дьоппуон сэриитин саамай улахан кыргыһыыта — Мукден кыргыһыыта — саҕаламмыт.
- 1913 — Педро Ласкуран 45 эрэ мүнүүтэҕэ Миэксикэ бэрэсидьиэнэ буолбут. Бу аан дойду рекорда.
- 1920 — Дьокуускайга Байыаннай-революционнай трубинал тэриллибит. Сотору кэминэн кыһыллар өттүлэриттэн эрипиэссийэлэр саҕаламмыттар.
- 1921 — «Труд» хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт.
- 1942 — Аан дойду иккис сэриитэ: АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Д. Рузвельт 9066 № ыйаахха илии баттаан, дьоппуон төрүттээх американецтары аналлаах лааҕырдарга хаайары байыаннайдарга көҥүллээбит.
- 1954 — ССРС салалтата Кырыым уобалаһын РСФСР-тан в Украина ССР-гар биэрбит.
- 1985 — Оҥоһуу сүрэхтээх киһи (Уильям Дж. Шредер) аан бастаан балыыһаттан тахсыбыт.
- 1992 — «Якуталмаз» тэрилтэлэрин түмэр "«Арассыыйа-Саха алмаастара» (нууч. Алмазы России-Саха) аахсыйалаах хампаанньа тэриллиитин туһунан" диэн №158-С Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсыбыт. Саҥа хампаанньа алмаас 95 бырыһыанын бэйэтэ атыылыыр бырааптаммыта, 5 бырыһыанын судаарыстыба "Алмазювелирэкспорт" хампаанньата атыылыыр буолбута. Биир ыйтан арыый ордугунан кулун тутар 31 күнүгэр Арассыыйа уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин ыккардыларыгар түһэрсиллибит экэниэмиэкэ сөбүлэҥинэн алмаас 20% Саха өрөспүүбүлүкэтэ атыылаһар кыахтаммыта. Күһүн аламааһы кыраныысса таһыгар «Арассыыйа-Саха аламаастара» эрэ атыылыахтаахтарын туһунан ыйаах тахсыбыта.
- Фидель Кастро улахан бэлиитикэттэн барарын туһунан биллэрбит.
Төрөөбүттэр
- 1473 — Николай Коперник — Польша астронома, математига. Аан дойду күнү тула эргийиитин туһунан түөрүйэ ааптара.
- 1878 — Емельян Ярославскай — революционер, Хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС-ка итэҕэли утары хамсааһын салайааччыта. «Союз воинствующих безбожников» бэрэстээтэлэ. Кини 1913 с. бэс ыйын 14 (27) күнүттэн 1917 сыл ыам ыйыгар дылы Дьокуускайга көскө олорбута.
- 1911 — Федор Винокуров — Даадар (12.06.1949 өлб.) — саха бэйиэтэ. 23 саастааҕар суруйааччы сойууһун чилиэнэ буолбута, Ойуунускайдыын доҕордоспута, олоҕо суох репрессияҕа түбэһэ сылдьыбыта, 38 сааһыгар өлбүтэ.
- Сапармурат Ниязов — 1991-2006 сылларга Туркменбаши диэн титуллаах Туркменистан бэрэсидьиэнэ.
Өлбүттэр
- 1997 — Дэн Сяопин — кытай бэлиитигэ уонна реформатора, Кытай Хомуньуус баартыйатын диэйэтэлэ, 1970-с уонна 1980-с сылларга дойду дьиҥнээх салайааччыта. Кини салайыытынан Кытай экэниэмикэтэ балысхан сайдыы суолугар турбута.
- 2000 — Гавриил Ефимов (24.02.1920 төр.) — өр сылларга Чурапчы улууһугар уонна Дьокуускайга салайар үлэҕэ сылдьыбыт киһи, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, тылбаасчыт, бэйиэт. РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун ытык киһитэ (1970).
|