Винокуров Федор Григорьевич - Даадар
Винокуров Федор Григорьевич — Даадар (19.02.1911—12.06.1949) — саха бэйиэтэ.
Олоҕун олуктара
- 1911 сыллаахха олунньу 19 күнүгэр Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайы с. төрөөбүт.
- Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбит.
Үлэлээбит сирдэрэ
- «Кыым» хаһыат эрэдээксийэтэ, эппиэттиир сэкирэтээр
- Педтехникум, преподаватель
- Педрабфак, преподаватель
- Сельхозтехникум, преподаватель
- Кэбээйи уонна Горнай улуустар оскуолалара, учуутал
- 1934 с. — ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- П. А. Ойуунускайдыын доҕордоспут уонна бииргэ үлэлээбит.
- Кэбээйи уонна Горнай улуустарыгар учууталлыыр кэмнэригэр эдэр ыччаты литэрэтиирэҕэ уһуйан, литэрэтиирэ куруһуоктарын тэрийэн ыыппыт.
- Сокуона суох репрессияҕа түбэспитэ. 1949 сыллаахха 38 сааһыгар күн сириттэн барбыт.
Айар үлэтэ
Литэрэтиирэҕэ айар үлэтин 30-с сылларга саҕалаабыта. Саха поэзиятыгар биллэр суолун хаалларбыта. Биллиилээх бэйиэт буола үүнүөҕүн, 38 эрэ саас олорбут.
Олорор кэмигэр 1935 сыллаахха биир кинигэтэ «Первые шаги» бэчээттэммитэ. Хоһоонноро «Кыhыл ыллык» сурунаалга, «Эдэр бассабыык», «Бэлэм буол» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ.
1981 сыллаахха биллиилээх фольклор хомуйааччыта П. Н. Попов, кини хоһооннорун уонна поэмаларын хомуйан, «Крылья мечты» диэн кинигэни бэчээттэппитэ, бэйиэт олоҕун, айар үлэтин туһунан суруйбута.
Бастыҥ хоһоонноро
- Мин ыллыам
- Ол хонуктар суохтар
- Кэрэтиэн хотугу сирим
- Oҕoҥ туhугар
- Үрүйэ
- Тэҥ пааралар
Сигэлэр
- Национальная библиотека Республики Саха (Якутия):90 лет со дня рождения Ф. Г. Винокурова — Даадар
- Охлопков С. Сүөдэр Даадар: (Поэт Винокуров Федор Григорьевич. 1911—1949 сс.) // «Чолбон». — 1996. — № 2. — С. 133—134.
- Биографический интернет-справочник якутской литературы: Писатели Якутии: Федор Винокуров — Даадар
Бу суруйааччыга сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |