Бэс ыйын 9
Бэс ыйын 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 160-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 161-c күнэ). Сыл бүтүө 205 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ Генеральнай Ассамблеята олохтообута. Сыала-соруга: биирдэ тургутуллубут табаар аан дойду үрдүнэн билинниллиэхтээх, хос тургутууну ааһыа суохтаах.
- ХНТ — Архыыптар аан дойдутааҕы күннэрэ
- Уругвай — Соҕуруу Америка футболун күнэ[1]
- Жозе ди Аншиета күнэ
- Уганда — Дьоруойдар күннэрэ
- Иордания — Абдалла II хоруол бөрүстүөлгэ олорбут күнэ
- Аланд арыылара — Автономия күнэ
- Коралл Үс муннугун күнэ — Индонезия, Малайзия, Пилипиин, Папуа-Саҥа Гвинея, Соломон арыылара уонна Илин Тимор бэлиэтииллэр. Коралл Үс муннуга диэн экваторга Ииндийэ уонна Атлантика далайдарга сытар сүдү улахан уу
- Ла-Риоха — Ла-Риоха күнэ (Испания автономиялаах региона)
- Мурсия — Мурсия күнэ (Испания автономиялаах региона)
Түбэлтэлэр
- 68 сыл — 14 сааһыттан импиэрийэни салайбыт Рим импэрээтэрэ 30 саастаах Нерон бэйэтигэр тиийинэн өлбүт. Төрүөтүнэн сенат кинини "дойду өстөөҕүнэн" биллэриитэ буолбут. Бу кэнниттэн Римҥэ кылгас кэмҥэ гражданскай сэрии саҕаламмыта, бу кэм устуоруйаҕа Түөрт Импэрээтэр сыла диэн ааттанар.
- Аббасидтар өрө туруулара: Хорасан күбүрээтэрэ Абу Муслим Омейядтар утары аһаҕастык өрө турбут. Бу өрө туруу түмүгэр Дамааскайга кииннээх Омейядтар династиялара сууллубута, былааска Аббасидтар кэлбиттэрэ, импиэрийэ киин куоратынан Багдаад буолбута. Бу өрө туруу төрүөтүнэн арааб төрүттээх Омейядтар атын төрүттээх мусульмааннары бэйэлэригэр тэҥнээбэттэрэ, кинилэри кытта булкуһары бобуулара буолбута. Импиэрийэ атын итэҕэллээхтэрэ эмиэ өрө турууну өйөөбүттэрэ.
- Сиб. Лаврентий өрүһүн арыйбыт уонна бу сири "Канадалар дойдулара" диэн ааттаабыт.
- 1815 — Венатааҕы кэнгириэс түмүктэммит, манна Наполеон сэриилэрин кэннилэриттэн Европа дойдуларын ыккардыларыгар саҥа бэрээдэк олохтоммута.
- күбүөрүнэлэри провинцияларга уонна уйуостарга араарбыт.
- 1739 — Хотугу Муустаах далай кытылын чинчийбитинэн биллибит Харитон Лаптев Дьокуускайтан хоту аттаммыт.
- Джордж Стефенсон (1781—12.08.1848) төрөөбүт, Англия айааччыта, бастакы паровозтартан биирдэстэрин туппут, бастакы уопсастыбаннай тимир суолу (Дарлингон — Стоктон) туттарбыт киһи.
- кыргыһыы буолбута. Түмүгэр бастаанньыстар соҕуруу бөлөхтөрө ыһыллыбыта, кыһыл Дьокуускайга соҕурууттан суоһуур куттал суох буолбута.
- 1945 — «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин», «Будапеһы ылыы иһин», «Венаны ылыы иһин», «Варшаваны босхолооһун иһин», «Берлиини ылыы иһин», «Кенигсбери ылыы иһин», «Прааганы босхолооһун иһин» мэтээллэр олохтоммуттар.
- 1948 — ЮНЕСКО эгидатынан Архыыптар аан дойдутааҕы сүбэлэрэ олохтоммут.
- 1986 — Михаил Горбачёв Венгрияҕа сылдьан «Демократияны элбэтиэххэ, социализмы элбэтиэххэ» диэн луоһуну эппит.
- 1994 — Казахстаан бэрэсидьиэнэ Нурсултан Назарбаев киин куораты Алма-Атааттан Акмолаҕа көһөрбүт (сэбиэскэй кэмҥэ Целиноград, 1998 сылтан — Астана, 2019 сылтан — Нур-Султан).
- Леонид Кучма уонна Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Черноморскай флоту араарар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
- 1999 — Косово сэриитэ: Югославия уонна НАТО эйэ сөбүлэҥин түһэрсибиттэр. Бу кэнниттэн Югославия сэриилэрэ Косовоттан тахсан биэрбиттэрэ.
- 2000 — Владимир Путин Чечняҕа быһаччы бэрэсидьиэн салайыытын киллэрбит.
- Касым-Жомарт Токаев кыайбыт.
Төрөөбүттэр
- 1661 — Фёдор III Алексеевич (1682 өлб.), нуучча ыраахтааҕыта (1676 сылтан).
- 1672 — Бүөтүр I (1725 өлб.), нуучча ыраахтааҕыта (1682 сылтан), Арассыыйа бастакы импэрээтэрэ.
- 1938 — Петр Ильяхов (09.06.1938—19.05.2004) — Абый Мугурдааҕар ойууннааһыны чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- Прасковья Адамова — СӨ үтүөлээх артыыһа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.
- 1971 — Александр Варламов — эбэҥки уос номоҥун чинчийэр учуонай, түмэт диэйэтэлэ, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
- Чарльз Диккенс (1812 төр.), Англия суруйааччыта.
- 1968 — Эргис — Георгий Гермогенов (03.04.1908 төр.) — саха уһулуччулаах учуонайа, саха уос номоҕун хомуйааччы.
|
- ↑ "Recuerdan a la celeste en el Día del Fútbol Sudamericano" (in es). LARED21. 2003-06-10. http://www.larepublica.com.uy/deportes/116550-recuerdan-a-la-celeste-en-el-dia-del-futbol-sudamericano. Retrieved on 2018-06-09.