Варламов Александр Николаевич
Варламов Александр Николаевич — эбэҥки уос номоҕун хомуйар учуонай, түмэт дьайыксыт, филология билимин кандидата.
Олоҕун олуктара
- 1971 сыллаахха бэс ыйын 9 күнүгэр Амур уобалаһын Зея оройуонугар Мульмуга сэлиэнньэҕэ төрөөбүтэ.
- 1995 с. — Саха государственнай университетын бүтэрбитэ.
- 1993—1995 — Саха Сирин норуоттарын музыка уонна фольклор Музейын үлэһитэ.
- 1995—1996 сс. — Дьокуускай куорат салалтатын эдэр ыччакка, спортка уонна туризмҥа Управлениятын үлэһитэ.
- 1996—2003 сс. — «Бакалдын» этнография комплексын салайааччыта.
- 2002—2007 сс. — младшай научнай үлэһит.
- 2006 с. — филология билимин кандидатыгар «Игра в эвенкийском фольклоре» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.
- 2007 сылтан — РНА СС гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт эбэҥки филологиятыгар секторын научнай үлэһитэ
А.Н. Варламов — эбэҥкилэр фольклордарын чинчийэр.
Сүрүн үлэлэрэ
- «Игра в эвенкийском фольклоре» (2007) - монография.
- «Исторические образы в эвенкийском фольклоре» (2009) - монография.
- «Сказания восточных эвенков» (2004) - сборник фольклоров.
- Учебное пособие «Больше, чем просто игра» (2006).
- Кумулятивная сказка как форма детской игры (Наука и образование, 2006).
- Звукоподражательные запевы в эвенкийском эпосе (Социальные и гуманитарные науки на Дальнем Востоке, 2009).
- Христианские мотивы в мировоззрении и фольклоре и фольклоре эвенков (Религиоведение, 2009).
- Об историзме фольклора: по материалам фольклора эвенков (Известия РГПУ им. А.И. Герцена, 2009).
- Исторические корни мотива путешествия одинокого героя: по материалам фольклора эвенков (Известия РГПУ им. А.И.Герцена, 2009).
- Образ медведя - предка в фольклоре и мировоззрении эвенков (Известия РГПУ им. А.И. Герцена, 2009).
- Женский образ прародительницы в фольклоре эвенков (Известия РГПУ им. А.И.Герцена, 2009).
- «Эпическая история» бесписьменных народов: по материалам фольклора эвенков (Вестник Поморского ун-та, 2009).
- «Летописная история» в исторических преданиях эвенков (Вестник Читинского государственного ун-та, 2009).