Бэс ыйын 4
Бэс ыйын 4 диэн Григориан халандаарыгар сыл 155-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 156-c күнэ). Сыл бүтүө 210 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Аан дойдуга буруйа суох толук буолбут оҕолор күннэрэ. 1982 сыллаахха бу күн Ливан Бейрут куоратын Израиль авиацията буомбалаабытыгар өлбүт оҕолору кэриэстээн ХНТ Генассамблеятын 7-с сиэссийэтэ олохтообута
- ВОЗ - Кариеһы кытта охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ [1] (2013)[2]
- Крановщик күнэ (2014)[3]
- Казахстаан — Судаарыстыба бэлиэлэрин күнэ (1992)[4]
- Молдавия — Баан үлэһитин күнэ[5].
- Тонга — Тутулуга суох буолуу күнэ (1970)
- Финляндия — Көмүскэнэр күүстэр дуоҕаларын күнэ (1942)[6]
- Эстония — Дуоҕа күнэ[7].
- Ботсвана — Холбоһуктаах дойдулар күннэрэ
- АХШ — Ыал күнэ
- Кыргыстаан — Кэриэс күнэ
Түбэлтэлэр
- Монгольфье салгын шаардарын бастакы көрдөрүүтэ буолбут. Шаар 11 миэтэрэ кэриҥэ диаметрдаах эбит, 1830 миэтэрэ кэриҥэ үөһэ тахсыбыт уонна 1,6 километртан ордугу көппүт.
- 1800 — Вашингтон куоратыгар Үрүҥ Дьиэ тутуута түмүктэммит. Манна АХШ бэрэсидьиэнэ кэргэттэринээн олохсуйа киирбит.
- Василий Щербачев кэлбит. Аҕыйах ый уобалаһы салайбыт Иван Веригини солбуйбут. Сылтан эрэ ордук олорон баран 1833 с. балаҕан ыйын 18 күнүгэр Дьокуускайга өлбүт.
- 1928 — Халыма тардыытыгар көмүһү булуу кыттыылааҕа, геолог Юрий Билибин эспэдииссийэтин борохуота билиҥҥи Магадаан уобалаһыгар киирэр Ола диэн балыксыттар бөһүөлэктэрин кытылыгар тиксибит. Дворяннартан төрүттээх. Сталин бириэмийэтин ылбыта (1946). Кини аатынан Чукоткаҕа куорат, Дьокуускайга уонна Магадааҥҥа уулуссалар, үс хайа сиһэ (ол иһигэр биирэ Саха сиригэр), вулкан, билибинит уонна билибинскит таастар ааттаммыттара.
- 1942 — Элбэх саха аармыйаҕа ыҥырыллыбыт күнэ. Олор истэригэр кэлин саха тылын учебниктарын ааптара буолбут Бүлүү Тааһаҕарын 19 саастаах уола Игнатий Каратаев баара.
- Мидуэй кыргыһыыта саҕаламмыт. Бу кыргыһыыга АХШ кыайбыта, онтон Дьоппуон флотун сүрүн ударнай күүһэ тимирдиллибитэ. Инньэ гынан Чуумпу далай сэриитигэр тосту уларыйыы буолбут.
- 1969 — Израильга лиираттан шекельгэ көһөр туһунан сокуон ылыллыбыт.
- Иосиф Бродскай ССРС-тан эмиграциялыырга күһэллибит. АХШ-ка тиийэн ааҥыл тылын баһылаабыта, университеттарга нуучча литэрэтиирэтин кууруһун сүүрбэттэн тахса сыл аахпыта, ааҥыллыы суруйбут эсселара хоһооннорунааҕар кырата суохтук аан дойдуга биллибиттэрэ, литэрэтиирэ бириэмийэтигэр тиксибиттэрэ. Ааҥыллыы суруйбут хоһоонноро уонна хоһооннорун тылбааһа "ааҥыл просодиятын кэҥэттилэр, маны соҕотох киһи оҥорбута суох, холобур Набоков сатаабатаҕа" диэн кириитиктэр билинэллэр. 1987 сыллаахха литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтин ылбыта. 1996 сыллахха 56 сааһыгар сүрэҕинэн өлбүтэ.
- 1992 — Ингушетия Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит.
- 2012 — Саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр биир кэлим эксээмэни аан бастаан туттарыы буолбут[8]. 2012 сыллаахха оскуоланы бүтэрээччилэртэн 92 киһи бу эксээмэни талбыта биллэр[9].
Төрөөбүттэр
- 1938 — Петр Дмитриев — фольклорист учуонай, РФ суруйааччыларын уонна суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. Чинчийээччи фонотекатыгар 30-ча олоҥхо тыллара бааллар.
- 1981 — Татьяна Легантьева — Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыһа, киинэ уонна тыйаатыр артыыһа. Ленскэй куоракка төрөөбүтэ.
Өлбүттэр
- балкаар бэйиэтэ уонна прозаига, сэрии кэрэспэдьиэнэ.
- Георгий Милляр (1903 с.т.), тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, РСФСР норуот артыыһа. Аатырбыт режиссер Александр Роу 16 остуоруйа киинэтигэр Дьэгэ Баабаны уонна хас да омсолоох дьоруойу оонньообута. Аҕата Марсельтан төрүттээх француз этэ, ийэтин аҕата Иркутскайга көмүс хостуур бириискэлэрдээҕэ.
|
- ↑ http://www.passion.ru/amp/news/otdyh-i-dosug/mezhdunarodnyy-den-borby-s-kariesom-4-iyunya-04-06-2013.htm
- ↑ Международный день борьбы с кариесом
- ↑ День крановщика (День машиниста крана) в России - 4 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
- ↑ День государственных символов Республики Казахстан - 4 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
- ↑ День банковского работника Республики Молдовы - 4 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
- ↑ День знамени Оборонительных сил Финляндии - 4 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
- ↑ День государственного флага Эстонии - 4 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
- ↑ ЦМКО үөрэх управленияларыгар суруга 23.04.2012 № 01-14/54
- ↑ Интерфакс: В Якутии впервые пройдет ЕГЭ по якутскому языку и литературе