Муус устар 9

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Муус устар 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 99-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 100-c күнэ). Сыл бүтүө 266 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • БоливияFlag of Bolivia (state).svg Боливия — Төрүт сокуон күнэ
  • ГрузияFlag of Georgia.svg Грузия — Дойду сомоҕолоһуутун күнэ
  • ДанияFlag of Denmark.svg Дания — Ньиэмэстэр саба түһүүлэрин күнэ
  • КанаадаFlag of Canada.svg Канаада — Вими-Ридж күнэ (Францияҕа 1917 с. Вими-Ридж кыргыһыытыгар өлбүт Канаада саллааттарын ахталлар)
  • Косово ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Kosovo.svg Косово Өрөспүүбүлүкэтэ — Көнөстүүссүйэ күнэ[1].
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — Аппоматтокс кыргыһыытын күнэ. 1865 сыллаахха АХШ Гражданскай сэриитин кэмигэр буолбута, манан сэрии түмүктэммитэ
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — Билиэннэйдэри ахтар күн. 1942 сыллаахха 65 тыһ. Филипиин уонна 10 тыһ. АХШ саллаата Батаан тумул арыыга дьоппуоннарга бэриммиттэрэ, бу кэнниттэн "Батаан өлүү марша" саҕаламмыта — билиэннэйдэри бастаан сатыы, онтон пуойас богуоннарыгар туруору симэн, онтон эмиэ сатыы хаамтаран лааҕырга илдьибиттэрэ, дьон уонча бырыһыана аара өлбүтэ. 1988 сыллаахтан АХШ Кэнгириэһин быһаарытынан бэлиэтэнэр
  • ТунисFlag of Tunisia.svg Тунис — Сиэртибэлэр күннэрэ
  • ПилипиинFlag of the Philippines.svg Пилипиин, Албан аат күнэ
  • ФинляндияМикаэль Агрикола күнэ).

Түбэлтэлэр

  • Илиҥҥи Хань судаарыстыбатыгар былааһы күүһүнэн ылбыт генерал Дун Чжо бэйэтин сэриитигэр дойду киин куоратын Лоянтан тахсарга уонна уоттуурга дьаһайбыт.
  • 537 — Рим куораты төгүрүктээһин: Византия генераала Велизарийга көмөҕө 1600 аттаах киһи кэлбит, үгүстэрэ гуннар эбэтэр славяннар.
  • Лигниц аттынааҕы кыргыһыыга Байдар диэн Чыҥыс Хаан сиэнэ баһылыктаах монгуол сэриитэ Генрих II баһылыктаах ньиэмэстэр уонна поляктар холбоһуктаах сэриилэрин үлтүрүппүт.
  • 1699 сыллаахха Петр I ыраахтааҕы «О наблюдении чистоты в Москве и о наказании за выбрасывание сору и всякого помету на улицы и переулки» диэн ыйаах таһаарбыт.
  • Попов В.В., П.Е. Баранов. Уобаластааҕы земство мунньаҕа Совнаркому киин былааһынан билиммэтэх, Петроград Саха уобалаһын салайыытыгар орооһорун утарбыт.
  • 1925 — РКП(б) Саха сиринээҕи обкомун бүрүөтүн дьаһалынан Дьокуускайга Народнай тыйаатыр иһигэр Саха национальный турууппата тэриллибит. Турууппаҕа сүрүннээн "Саха омук" культурнай-сырдатар уопсастыба тыйаатыр сиэксийэтин актыбыыстара киирбиттэр.
  • Якутстрой" трест олохтоммут. Бастакы салайааччытынан Ефим Жорницкай буолбут. Бу тэрилтэ Дьокуускайга бастакы водопроводы (1939), атахха турар бастакы таас дьиэни (1941), сыбаайаҕа турар бастакы дьиэни (1944, 9-с оскуола дьиэтэ) туппута.
  • 1940 — Германия Норвегияҕа уонна Данияҕа саба түспүт.
  • 1945 — маршал Василевскай сэриилэрэ Илин Пруссия киинин Кенигсберг куораты сэриилээн ылбыттар. Комендант Отто Ляш куорат капитуляциялаабытын туһунан аактаҕа илии баттаабыт. Бу уоттаах кыргыһыыга саха буойуттара кыттыыны ылбыттара.
  • 1971 — «Якуталмаз» холбоһук иккис баабырыкатын силиэсэригэр Сергей Коростелевка уонна «Мир» карьер эскэбээтэрин массыньыһыгар Николай Титовка Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
  • 1989 — Тбилиситээҕи дьалхаан: Грузия тутулуга суох буолуутун ирдээбит эйэлээх демонстрацияны Сэбиэскэй аармыйа сэриилэрэ ыспыттар, түмүгэр 20 киһи өлбүт, сүүһүнэн киһи бааһырбыт.
  • 1991Грузия Үрдүкү Сэбиэтэ Грузия тутулуга суох буолуутун туһунан быһаарыы ылыммыт.

Төрөөбүттэр

  • 1336 — билигин Шахрисабз диэн ааттанар куоракка аатырбыт сэрииһит Тамерлан (чаҕатайдыы Тимуур, تیمور, Temür‎ — «тимир») төрөөбүт.
  • 1898 сыллаахха Өлүөхүмэ Маачатыгар Иван Редников төрөөбүтэ (1898-1974). Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кадровай байыаннай, Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр политрук, полковник, хомуньуус баартыйа уонна сэбиэт үлэһитэ.
  • 1964 — Дьокуускайга Наталья Николаева — саха живописеһа, АГИКИ преподавателэ.

Өлбүттэр

  • 1626Фрэнсис Бэкон (1561 төр.), Аангылыйа бөлүһүөгэ, устуорук, бэлиитикэ дьайыксыта(диэйэтэлэ).


  1. Constitution Day of the Republic of Kosovo in Kosovo(ааҥл.). — timeanddate.com. Тургутулунна 20 февраля 2016.