Ыам ыйын 18

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыам ыйын 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 138-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 139-c күнэ). Сыл бүтүө 227 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Түмэл аан дойдутааҕы күнэ. Сылын ахсын бу күн ханнык эрэ тиэмэҕэ ананар. 2021 сыл тиэмэтэ: «Түмэл кэскилэ: барҕарыы уонна саҥа көрүү» (The Future of Museums – Recover and Reimagine), түмэллэри үлэҕэ саҥа уопуту атастаһалларыгар, аныгы кыһалҕалары быһаарарга көҕүтэр.
  • Бу күн Саха сирин киин өттүгэр буҕарҕана кэлэр.
  • АрассыыйаВМФ Балтиятааҕы флотун күнэ
  • ГаитиFlag of Haiti.svg Гаити — Бастакы былаах күнэ.
  • Кырыым ӨрөспүүбүлүкэтэДепортация сиэртибэлэрин күнэ. Кырыым татаардарын быраабын туһугар охсуһуу күнэ
  • УругвайFlag of Uruguay.svg Уругвай — Лас-Пьедрас аннынааҕы кыргыһыы (Battle of Las Piedras (1811)) күнэ
  • ТүркменистаанБарҕарыы, сомоҕолоһуу уонна Махтумкули Фраги күнэ
  • Ньургуһун күнэ. Айылҕа харыстабылын кэллиэгийэтигэр суруналыыс Уйбаан Уһуунускай көҕүлээһининэн бигэргэммитэ


Түбэлтэлэр

  • Антиохия куораты сэриилээн ылбыттар.
  • Акраны ылбыттар — крестоносецтар "Сибэтиэй сиргэ" тиһэх кириэппэстэрин.
  • Туупак Амару II диэн ааттаммыт киһини испанецтар кырыктаахтык өлөрбүттэр. Бастаан ойоҕун, биир уолун, атын чугас дьонун көрөн турдаҕына өлөртөөбүттэр, онтон бэйэтин түөрт атынан хайа тартарбыттар. Бу киһи инкалар бүтэһик ыраахтаҕыларын Туупак Амару сыдьаана этэ, өбүгэтин аатын ылыммыта.
  • 1804Наполеон Бонапарт Франция императорынан ааттаммыт.
  • 1944Кырыым татаардарын күүһүнэн көһөрүү (депортация) саҕаламмыт.
  • 1951Кэриэйэ сэриитэ: ХНТ Кытайы утары, Хотугу Кэриэйэни өйүүрүн иһин, экономическэй санкция биллэрбит.
  • 1957 — ССРС Миниистирдэрин сэбиэтин уурааҕынан ССРС Наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаата төрүттэммит.
  • 1974 — "Мичилийэр Будда" бырайыак чэрчитинэн Индия бэйэтин бастакы атомнай буомбатын дэлби тэптэрбит. Онон аан дойдуга атомнай сэрии сэптээх алтыс дойду буолбут.
  • 1989 — Литва ССР-ын Үрдүкү Сэбиэтэ Литва суверенитетын туһунан Декларация ылыммыт.
  • 2000 — Владимир Путин ыйааҕынан Уһук Илин федеральнай уокурук тэриллибитэ.
  • 2001
    • Лиэнскэйгэ 17 чыыһыла буолар түүнүгэр куораты ылбыт халаан уута бу күн муҥутуур 20,12 м үрдүккэ тахсыбыт, Михаил Николаев ЧС биллэрбит. Халаан түмүгэр алта киһи өлбүт, уопсайа 30,8 тыһ. киһи эмсэҕэлээбит. 193 мас уонна 44 таас дьиэ урусхалламмыт эбэтэр сорҕото алдьаммыт, 249 бырамыысыланнас эбийиэгэ эмсэҕэлээбит. Хоромньу кээмэйэ 6 млрд. солк. тэҥнэспит.
    • "Орто Дойду" зоопарка бастакы ыалдьыттарын көрсүбүтэ.

Төрөөбүттэр

  • Омар Хайям (1131 өлб.), перс уонна таджик бэйиэтэ, математик, бөлүһүөк.
  • 1866 — Василий Никифоров-Күлүмнүүр (15.09.1928 өлб.)  — Саха уһулуччулаах түмэт, бэлиитикэ диэйэтэлэ, юрист, краевед учуонай, суруйааччы, публицист, "Сахалар сойуустарын" салайааччыта, Саха сиригэр земствоны киллэрии көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ.
  • Николай II (1918 өлб.), Арассыыйа импиэрийэтин тиһэх ыраахтааҕыта (1894—1917).
  • 1869Сулейман Стальскай (дьиҥнээх араспаанньата Гасанбеков; 1937 өлб.), лезгин ашуг бэйиэтэ, Дагестаан норуодунай бэйиэтэ.
  • 1896 — Скрябин Адам Васильевич (1938 өлб.) — саха бастакы хормейстера. Бу Нөмүгүттэн төрүттээх киһи Москубаҕа консерваторияҕа үөрэммитэ, 1917 сыллаахха саха бастакы хуорун тэрийбитэ, оттон 1931 сыллаахха — бастакы хомус ансаамбылын.

Өлбүттэр

  • 1800Александр Суворов (1730 төр.), нуучча полководеһа.
  • 1944 — Ленинград уобалаһыгар Чурапчы Хайахсытыттан төрүттээх буойун Николай Илларионов кыргыһыыга охтубут. Кини биир ыалтан сэриигэ кыттыбыт 7 уолтан биирдэстэрэ этэ. Кэргэнэ огдообо хаалбыт.
  • Алексей Балабанов (1959 төр.), кинорежиссёр, сценарист, продюсер уонна артыыс. Киинэлэригэр саха артыыстарын устара.