Скрябин Адам Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Скрябин Адам Васильевич (18.05.1896—1938) — саха бастакы хормейстера, саха национальнай муусукатын култууратын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, саха ырыаларын тарҕатааччы[1].

Олоҕун олуктара

  • 1896 сыллаахха ыам ыйын 18 күнүгэр Нөмүгү нэһилиэгэр төрөөбүт.
  • Дьокуускайдааҕы духовнай училищеҕа үөрэммитэ, 1917 сыллаахха бастакы саха хуорун уонна саха национальнай ротатын духовой оркестрын тэрийбитэ. Бу хуор кини салайыытынан 1923 сыллаахха Москубаҕа I Бүтүн Сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар сахалыы ырыалары толорон ситиһиилээхтик кыттар. 1924 сыллаахха Москуба консерваториятыгар муусука түөрүйэтин салаатыгар үөрэнэ киирбит.
  • Дьокуускай оскуолаларыгар, педтехникумҥа үлэлээбит. 1927 сыллаахха Москубаҕа «Саха ырыаларын ноталара» диэн бастакы хомуурунньугу бэлэмнээн бэчээттэппит. Адам Скрябин ыллаан бирбитин мусукааннар К. П. Виноградов, Н. И. Аладов тупсаран нуотаҕа түһэрбиттэрэ[1].
  • 1931 с. — Саха театрын иһинэн Саха Сиригэр бастакы хомус ансаамбылын тэрийбит.
  • 30-с сыллар ортолоругар Дьокуускайдааҕы пединститут хормейстера.

Аатын үйэтитии

А. В. Скрябин аатынан Ой с. уулусса ааттаммыт.

Сигэлэр

  1. 1,0 1,1 Андросов В.Т. уо.д.а. Саха ырыатын антологията / Васильев С.И.. — Дьокуускай: Бичик, 2015. — Т. 1. — С. 10. — 432 с. — 5000 экз.