Илларионов Николай Афанасьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Илларионов Николай АфанасьевичАҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

Хайахсыт нэһилиэгэр Чурапчы улууһугар Анна Федоровна, Афанасий Михайлович Илларионовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Бу ыал 11 уол оҕолоохторуттан 7 сэриигэ кыттыбыттар. Николай биир суруга 1943 с. бэс ыйын 22 күнүгэр суруллубут. Онно аармыйаҕа ыҥырыллыбытым бүгүн биир сыла туолла диэбит.[1]

1915 сыллаахха төрөөбүт. Кыһыл Аармыйаҕа 1942 сыллаахха бэс ыйыгар Чурапчы оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбыт. 1944 сыл ыам ыйын 18 күнүгэр кыргыһыыга өлбүт (Ленинград уобалаһа[2], Новоржевскай оройуон, Задолжье д.). Кэргэнэ: Илларионова Марфа Ивановна. Бүтэһик сулууспатын сирэ: 391-с СД, 1024-с СП, п/п 37681, красноармеец. [3][4][5]

Көмүллүбүт сирэ: Псковскай уобалас, Пушкиногорскай оройуон, Новгородкинскай волость, Васильевскай с/с, Чёртова Гора д.[6]

Быһаарыылар

  1. М. Г. Старостин. Өлбөөдүйбэт үйэ аҥаара. — Дь.: Бичик, 1995.
  2. Билиҥҥинэн Псковскай уобаласка.
  3. Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
  4. Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
  5. Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
  6. Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»