Бэс ыйын 24

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс ыйын 24 диэн Григориан халандаарыгар сыл 175-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 176-c күнэ). Сыл бүтүө 190 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • АзербайджанFlag of Azerbaijan.svg Азербайджан — Массыына оҥорор бырамыысыланнас күнэ
  • ЛатвияFlag of Latvia.svg Латвия, ЭстонияFlag of Estonia.svg Эстония — Ян күнэ
  • ЛитваFlag of Lithuania.svg Литва — Иван Купала
  • ПеруИнти Райми, Инкалар импиэрийэлэригэр Кыһыҥҥы Күн туруутун кэмигэр саҥа дьылы бэлиэтииллэрэ.
  • ШотландияШотландия — Тутулуга суох буолуу күнэ[1]
  • ЭквадорFlag of Ecuador.svg Эквадор — Сан-Хуан Баутиста[2]
  • Конго ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of the Republic of the Congo.svg Конго Өрөспүүбүлүкэтэ — Балык күнэ
  • ЧувашияFlag of Chuvashia.svg Чувашия: Чувааш Өрөспүүбүлүкэтин күнэ (чуваш. Чăваш Республикин кунĕ). 1920 сыллаахха бу күн Казань уонна Симбиирскэй күбүөрүнэлэр сорох сирдэриттэн Чувааш аптаныамыйалаах уобалаһа үөскэтиллэрин туһунан ВЦИК уонна СНК дэкириэттэрэ тахсыбыт
  • КанаадаКвебек — Квебек күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1542Конкистадор Франсиско де Орельяна этэрээтэ Соҕуруу Америкаҕа улахан өрүһүнэн устан истэҕинэ кинилэргэ сэрииһит дьахталлар саба түспүттэр. Ол иһин бу өрүһү Амазонка диэн ааттаабыттар.
  • 1812Наполеон Улуу Аармыйата Неман өрүһүн туораан Арассыыйа Импиэрийэтин сиригэр киирбит.
  • 1922 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ өрөпкүөмүн бэрэстээтэлэ П. А. Ойуунускай байыаннай хирург Иван Скрябины Саха өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын сэбиэдиссэйинэн аныыр (кэлин Саха АССР доруобуйа харыстабылыгар бастакы наркома буолар). Бу Илин Хаҥалас Дьөппөнүттэн төрүттээх киһи Бастакы аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, ньиэмэс билиэнигэр сылдьыбыт киһи этэ.
  • Алданзолото трест тэриллиитин туһунан СТО ССРС уурааҕа тахсыбыт.
  • 1941 — Совинформбюро сэрии хаамыытын биллэрэр буолбут.
  • 1945 сыллаахха Москубаҕа Кыайыы параада буолбута. Бу параадка Саха сириттэн 14 киһи кыттыбыта.
  • 1947Америка олохтооҕо Кеннет Арнольд "көтөр тэриэлкэни" көрбүт. Бу сонун киэҥник тарҕаммыт уонна НЛО-ҕа дьон кэрэхсэбилин тарпыт.
  • 1950Соҕуруу Африкаҕа расалары араарар сокуону ылбыттар.
  • 1968 — Бастакы Манчаары оонньуулара Дьокуускайга саҕаламмыттар. Икки күн иһигэр атах оонньууларыгар, мас тардыһыытыгар, гиирэни анньыыга, хапсаҕайга уонна оҕунан ытыыга 12 улуустан 253 спортсмен кыттыбыт.
  • Цзян Цзэминь баһылаабыт.
  • 1990Виктор Цой уонна «Кино» бөлөх тиһэх кэнсиэрэ, Лужники стадиоҥҥа буолбута.
  • ЕС Сэбиэтин сиэссийэтигэр кыттыбыт РФ бэрэсидьиэнэ Ельцин Арассыыйа уонна Европа Сойууһун ыккардыларыгар сөбүлэҥҥэ илии баттаабыт. Бу сөбүлэҥ ахсынньы 1 күнүттэн олоххо киирбитэ, кини иһинэн Арассыыйа уонна ЕС ыккардыларынааҕы үлэлэһии Сэбиэтэ уо.д.а. уорганнар тэриллибиттэрэ.
  • 2008 — бэс ыйын 24-25 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһугар Исидор Барахов төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэ ыһыаҕа буолбут. Ыһыахха СӨ бэрэсидьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Айсен Николаев ыалдьыттаабыт, Харбалаахха Бараахап мэҥэтигэр сибэкки уурбут.
  • 2013 — «Синет» хамаандата inDriver сулууспаны тэрийбит — суоппардар уонна пассажирдар бэйэ-бэйэлэрин булар сиэрбистэрин.
  • 2013 — Хаҥалас улууһун Сиинэ сэлиэнньэтигэр икки үс саастаах кыыс сүппүттэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ улахан сүпсүлгэн буолбута, элбэх киһи көрдөөбүтэ, СӨ Ил Дархана 1 мөлүйүөн солкуобай манньа мэктиэлээбитэ, экстрасенстар утарыта ис хоһоонноох этиилэри оҥорбуттара. Оҕолор көстүбэтэхтэрэ.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр