Решетников Петр Михайлович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Решетников Петр Михайлович (24.06.1915—09.09.1960) — Саха тыйаатырын артыыһа, киинэ артыыһа.

Олоҕун олуктара

  • 1915 сыл бэс ыйын 11 (саҥа ааҕыынан Мэҥэ улууһун Бахсы нэһилиэгэр (билигин Чурапчы улууһа) дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
  • 1923 сыллаахха түөрт кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ киирэр.
  • 1930 сыллаахха Дьокуускайга сибээс курсугар киирэр. Үөрэнэ сылдьан театрга сылдьар буолбута.
  • 1932 сыллаахха икки сыллаах театр студиятыгар киирэн үөрэммитэ.
  • 1934 сыллаахтан Саха тыйаатырын артыыһа.
  • 1960 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр Дьокуускайга өлбүтэ.

Дьиэ кэргэнэ уонна аймахтара

Кыыһа — Решетникова Аиза Петровна (10.02.1945), пианист, Россия үтүөлээх артыыһа.

Айар үлэтэ

Маҥнайгы оруола Алешка М. Горькай «Олох түгэҕэр» драматыгар. Петр Михайлович 28 сыл устата барытын ааҕан көрдөххө, 103 песаҕа, 130 араас оруолу оонньообута.

Ол иһинэн: сахалыы — оригинальнай 41 пьесаҕа 63 оруолу:

Классическай (нуучча уонна да атын омуктар) — 17 пьесаҕа 21 оруолу:

  • Ять-телеграфист «Сыбаайба» (А. П. Чехов)
  • Алешка саппыкыһыт «Олох түгэҕэр» (М. Горькай)
  • Робинзон «Энньэтэ суох» (А. Н. Островскай)
  • Вральман «Төннүбүт төрүөх» (Д. Фонвизин)
  • Кантаньяк «Кини ойоҕо» (А. Дюма)
  • Бобчинский «Ревизор» (Н. В. Гоголь)
  • Хлестаков «Ревизор» (Н. В. Гоголь)
  • Скапен «Скапен албастара» (Ж. Мольер)
  • Петрович «Биир да харчы суоҕар, эмискэ биэс харчы» (А. Н. Островскай)
  • Нарков «Талааннар уонна сүгүрүйээччилэр» (А. Н. Островскай)
  • Гофмаршал фон Кальб «Таптал уонна уодаһын» (Ф. Шиллер)
  • Павлин аҕабыт «Егор Булычев уонна атыттар» (М. Горькай)

Советскай — 45 пьесаҕа 46 оруолу.

Ону таһынан сүүрбэччэ араас пьесалары режиссердаан сценаҕа туруорбута радионан биэрбитэ.

1955 сыллаахха «Ленфильмҥа» сахалартан биир бастакынан Саха Сирин туһунан, Н. Брянцев сэһэнинэн, «Следы на снегу» уус-уран киинэҕэ уһуллубута. Быкадыров диэн саха булчутун оруолун оонньообут.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха АССР үтүөлээх артыыһа (1941)
  • «За трудовое отличие» мэтээл (1947)
  • Саха АССР норуодунай артыыһа (1955)
  • РСФСР үтүөлээх артыыһа (1955)
  • РСФСР норуодунай артыыһа (1957)
  • «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан (1958)

Өссө маны көр

Саха норуодунай артыыстарын тиһигэ

Ылыллыбыт сирэ

  • П. Решетников — легенда якутского театра хомуурунньук. — Дьокуускай: «Бичик», 2005.

Сигэлэр