Скрябин Иван Николаевич
Скрябин Иван Николаевич — хирург-быраас, Аан дойду бастакы сэриитин кыттыылааҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылыгар маҥнайгы наркома.
Скрябин Иван Николаевич 1 Дьөппөн нэһилиэгин Өһүнтүкэн диэн сиригэр кыахтаах ыалга төрөөбүтэ. Аҕалара, Николай Павлович оҕолоро үөрэхтээх буолалларыгар улахан суолтаны биэрэрэ, ол курдук, убайынаан иккиэн Дьокуускайдааҕы реальнай училищены бүтэрэллэр. Ол кэнниттэн аҕата соҕуруу, үрдүк үөрэххэ Томскай куорат университетын медицинскай факультетыгар ыыппыта. 1914 сыллаахха бутэрэр.
Скрябин И. Н. университеты бүтэрэр сылыгар Россия Германияны кытта сэриитэ буолар, онон кини фроҥҥа байыаннай бырааһынан-хирурунан барар. Арҕаа фроҥҥа генерал Брусилов армиятыгар лазарекка байыаннай бырааһынан анаммыта. Нуучча аармыйата хотторон, элбэх киһитэ ньиэмэстэргэ билиэҥҥэ түбэспит, олор истэригэр Скрябин И. Н. эмиэ. Үгүс билиэннэйдэри ньиэмэстэр ытан өлөрбүттэр. Скрябини быраас буоларын аахсан билиэннэйдэригэр бырааһынан хаалларбыттар. Кэлин, сэрии бүтүүтүгэр билиэннэйдэри атастаһыыга түбэһэн, И. Н. Скрябин Арассыыйаҕа төннүбүт. Кэлэн байыаннай бырааһынан үлэлиир, ол сылдьан 1919 с. Советскай сэриилэри кытта Колчагы утары фроҥҥа Сибииргэ байыаннай бырааһынан барар. Томскайга кэлэн кэргэнин Надежданы, кыыһын Надяны булар. И. Н. Скрябин Саха сиригэр 1920 с. кэлэр.
1922 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр 28№-дээх постановлениеҕа олоҕуран Дьокуускайдааҕы республиканскай ревком И. Н. Скрябины ревком бэрэссэдээтэлэ П. А. Ойуунускай Саха ҕрҕспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын сэбиэдиссэйинэн аныыр. Сэтинньи 1922 сылыгар Бастакы Саха сиринээҕи Советтарын учредительнай съеһэ буолар, онно Иван Николаевич республика иһигэр доруобуйа харыстабылын тула туох үлэ барарын туһунан дакылаатын биһирии истэллэр. Ол курдук, эмп-том тиийбэтин туһунан, ис тивын хайдах кыайбыттарын туһунан ахтыллан ааспыт. Постановление түмүгүнэн тохсунньу 19 күнүгэр 1923 сыллаахха Скрябин И. Н. Саха республикатын доруобуйа харыстабылыгар маҥнайгы наркома буолар. Кини дьаһалынан Саха сиригэр культурнай революция ыытыллыбыта. Хотону дьиэттэн араарыы, ыраастык туттан олоруу, сыстыганнаах ыарыылартан сэрэтии, трахоманы суох онорор дьаһаллар, о.д.а..
Амманы босхолооһун, Төхтүрү ылыы сэриилэриигэр илиитигэр саа тутан уоту ортотунан сылдьар. Кэлин, 1923 с. Пепеляев баандатын үүрэр сэриигэ эмиэ байыаннай бырааһынан тахсар. Сэрии буолар хонуутугар лазарет тэрийэн үлэлээн барбыттар. «Раненых было столько, что для передышки времени не оставалось. Хоть и осталось от них одна тень, но со своей задачей они справились с честью, этот факт лишний раз доказывает, насколько они были преданы своей цели», — диэн ахтар эбит гражданскай сэрии командира К. К. Байкалов.
Ыараханнык ыалдьан ахсынньы 1923 сылыгар өлөр.
Уола Владимир Иванович Аҕа дойду Улуу сэриититтэн төннөн кэлбэтэҕэ, кыыһа Надежда Ивановна аҕатын туйаҕын хатаран өр кэм быраастаан олорбута, республика главнай педиатра этэ. Сиэннэрэ Дьокуускай куоракка олороллор.
Скрябин И. Н. туһунан хаһыаттарга, кинигэлэргэ үгүс ахтыылар бэчээттэммиттэрэ, «Дьыллар уонна дьоннор», П. И. Филиппов «Араҥас сулус анныгар» диэн кинигэтигэр балачча сиһилии суруйан турар.
Туһаныллыбыт литература
- «Кыым» хаһыат, 15.04.2007. «Саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэрэ», Иннокентий Неустроев
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |