Попов Дмитриан

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Попов Дмитриан (Димитриан) — Саха сиригэр үлэлээбит аҕабыыт, тылбаасчыт, учуутал, дьонуттан хаалбыт уонна биэс уонча сыл бэйэтэ суруйбут саха тылын быһаарыылаах тылдьытын Пекарскайга биэрбитэ.

Бэс ыйын 24 күнүгэр (эргэ ааҕыыннан бэс ыйын 12 күнүгэр) 1827 сыллаахха аҕабыыттар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Аҕата Покровскай сыаркабын диакона эбит. Аҕата уол тоҕустааҕар өлбүтүн кэннэ Дьокуускайдааҕы духуобунай училищеҕа үөрэммит. Дьонуттан илиинэн суруллубут «Саха тылын тылдьыта» хаалбыт, суруйа үөрэнэн баран Димитриан ол тылдьыкка саҥа тыллары эбэн киирэн барбыт. 1846 сыллаахха Иркутскайдааҕы духуобунай сэминээрийэни бүтэрбит, учуутал идэтин баһылаабыт. 1849 сыллаахха училищелар иниспиэктэрдэринэн анаммыт. Ол эрэн сахалыы үчүгэйдик билэрин учуоттаан Ытык-Күөлгэ аҕабыытынан анаммыт. Сибэтийэ Преображение сыаркабыгар Ытык-Күөлгэ 45 сыл 6 ый сулууспалаабыт. Улууска бастакы чааһынай оскуоланы арыйбыт, онно бэйэтэ суруйбут сахалыы учуобунньуктарынан саха тылын үөрэтэр эбит. Кэлин ол оскуола сыаркап приходун оскуолата буолбут.

Иннокентий Вениаминов тэрийбит итэҕэл кинигэлэрин тылбаастыыр хамыыһыйатын чилиэнэ. Эдуард Пекарскайы чинчийэр үлэнэн дьарыктанарга угуйбут буолуон сөп. Биэс уонча сыллаах үлэтин — быһаарыылаах тылдьытын — Пекарскайга туттарбыта уонна 13 сыл тухары тылдьыт оҥорууга көмөлөспүтэ биллэр.

Димитриан аҕабыыт 1896 сыллаахха муус устар 29 күнүгэр өлбүт.

Ылыллыбыт сирэ

175 лет со дня рождения Д. Д. Попова, одного из первых составителей учебного пособия на якутском языке (букваря) и переводчика