Кулун тутар 6

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кулун тутар 6 диэн Григориан халандаарыгар сыл 65-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 66-c күнэ). Сыл бүтүө 300 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • ЕвропаFlag of Europe.svg Европа — Европаҕа сиэрдээх дьон күнэ. Бу күн сэриилэр кэмнэригэр уонна тоталитаризм бүрүүкээн турбут кэмигэр атын дьону быыһыыр үлэнэн дьарыктаммыт дьону ахталлар
  • Норфолк арыыНорфолк арыы — Олохтонуу күнэ (1788 сыл). Бу Австралияттан арҕаа сытар дьоҕус арыы. Австралия бэйэтин салайынар соҕотох тас сирэ, Австралия генерал-күбүрүнээтэрэ икки сылга биирдэ аныыр администратора салайар, сокуон ылынар ассамблеялаах, Үрдүкү Сууттаах
  • ГанаFlag of Ghana.svg Гана — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан, 1957 сыллаахха)

Түбэлтэлэр

  • Б.э.и. 12 сыл — Рим импэрээтэрин Авгуһу Улуу Понтифик диэн ааттаабыттар.
  • 632Ислаамы олохтооччу Муһаммед тиһэх арахсар тылын эппит (хутба, хутбатуль вада).
  • 1454 — Отут сыллаах сэрии: Пруссия Конфедерациятын дэлэгээттэрэ Польша хоруолугар Казимир IV бирисээгэ биэрбиттэр, кини Тевтон рыцардарын утары охсуһууну салайар.
  • 1521Фернан Магеллан хараабыла Гуамҥа тиксибит.
  • 1665 — Лондоҥҥа Хоруол билимин уопсастыбатыгар «Хоруол уопсастыбатын бөлөһүөпүйэҕэ үлэлэрэ» сурунаал бастакы нүөмэрин кытта билиһиннэрбиттэр. Бу аан дойдуга саамай кырдьаҕас билим сурунаала.
  • 1868Дмитрий Менделеев Россия химия уопсастыбатыгар Периодтаах таабылын бастакы барылын көрдөрбүт.
  • 1882 — Серб хоруоллуга сөргүтүллүбүт.
  • 1899Bayer хампаанньа «Аспирин» диэн эргиэн мааркатын регистрациялаабыт.
  • 1913
    • Ургааҕа Монголияҕа бастакы хаһыат тахсыбыт. Аата — «Новое зерцало».
    • Арассыыйа импиэрийэтигэр ыраахтааҕы Романовтар дьиэлэрин 300 сыла.
    • Санкт-Петербург Казанскай собуоругар 300 сылы бэлиэтээһин кэмигэр анньыһыыга 34 киһи өлбүт.
  • 1917Финляндия автономията сөргүтүллүбүтүн туһунан Манифест тахсыбыт.
  • 1922Нестор Каландаришвили уонна кини штабын дьоно Табаҕа уонна Төхтүр икки ардыларыгар тоһуурга түбэһэн өлбүттэр. Сарсыарда 5 чааска Каландаришвили Төхтүртэн арахпыт, онтон 9 чааска Дьокуускайга Табаҕаттан илдьит киһи кэлэн быһылаан туһунан биллэрбит. Табаҕаттан 8 биэрэстэлээх сиргэ өрүс тас үөһүн (протока) икки кытылыгар оҥоһуллубут тоһуурга 100 кэриҥэ киһилээх, 100-чэ сыарҕалаах эшелон түбэспит. Быыһаммыт дьон сабаҕалааһыннарынан үрүҥнэр ахсааннара 300-тэн тахса үһү.
  • 1933Улуу депрессия: АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Д. Рузвельт «баан уоппускатын» биллэрэн, АХШ бааннарын барыларын сабан кэбиспит, үп хамсааһынан тохтоппут.
  • 1951Тымныы сэрии: АХШ-ка Этель уонна Юлиус Розенбергтары сууттааһын саҕаламмыт.
  • 1953 — Георгий Маленков Иосиф Сталин оннугар Сэбиэскэй Сойуус Хомуньуус баартыйатын бастакы сэкиритээринэн буолбут.
  • 1957Гана Сахаараттан соҕуруу сытар Африка сирдэригэр Британияттан тутулуга суох бастакы дойду буолбут.
  • Як-42 сөмүлүөт бастакы көтүүтэ.
  • 1990ССРС дьокутааттарын сийиэһэ бас билии бары көрүҥүн билиммит (бу иннинэ дойдуга чааһынай бас билии суоҕа). Ол эрээри сири бас билии уруккутун курдук судаарыстыбаҕа хаалбыт.

Төрөөбүттэр

  • 1475 — Микеландьело, Италия уруhуйдьута, скульптора, архитектора, бэйиэтэ уонна инженера.
  • 1929 — Сунтаар Хаҥалаһыгар Уйбаан Нуолур (19.01.1999 өлб.) — бэйиэт, суруйааччы, учуутал.
  • 1931 — Ньурба улууһугар Валерий Кочнев — Саха өрөспүүбүлүкэтигэр спорт уонна физкультура хамсааһынын устуоруйатын, итиэннэ саха төрүт оонньууларын чинчийбит учуонай, ХИФУ преподавателэ, педагогика билимин дуоктара, профессор.
  • Хомус Аан дойдутааҕы тэрилтэтин генеральнай сэкирэтээрэ, РФ уонна CӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС НА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, ХИФУ профессора, филология билимин дуоктара.
  • боксаҕа хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, XXIX Олимпийскай оонньууларга (Пекин, 1980) боруонса мэтээллээх боксёр, международнай кылаастаах спорт маастара, спорт үтүөлээх маастара.

Өлбүттэр