Каженкин Рустам Николаевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Каженкин Рустам Николаевич — бэйиэт, оскуола учуутала, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун эдэр литератордарын сүбэтин салайааччыта.

Олоҕун олуктара

1985 сыллаахха олунньу 6 күнүгэр Үөһээ Дьааҥы улууһугар Адыаччыга төрөөбүтэ.

Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ, идэтинэн филолог, литэрэтиирэ кириитигэ уонна эрэдээктэр.

2007 сыллаахха Адыаччы орто оскуолатыгар саха тылын уонна дитэрэтиирэтин учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Билигин Дьокуускайга “Айыы Кыhата” оскуола учуутала. Үрдүк категориялаах педагог.

Уопсастыбаннай үлэтэ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун эдэр литератордарын сүбэтин салайааччыта, "Сайдыы" төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ учууталларын ассоциациятын хос бэрэстээтэлэ, СӨ Норуот педагогигатын ассоциациятын бырабылыанньатын чилиэнэ[1].

Бэйиэт, 2013 сыллаахтан Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Хоһооннорун “Олук тыл” диэн бастакы хомуурунньуга 2007 сыллаахха, иккис “Таас тойуга” диэн хомуурунньуга 2015 сыллаахха, үсүһэ "Үс кустук" 2018 сыллаахха тахсыталаабыттара. Саха сирин элбэх сурунаалларыгар уонна хаһыаттарыгар айымньылара бэчээттэнэллэр.

Быһаарыылар

  1. https://www.sakhatyla.com/рустам-каженкин/биография/ Каженкин Рустам Николаевич, биография