Адыаччы оскуолата
Төрүттэниитэ
Эҥэ-Сайылыгар саха балаҕан дьиэтигэр аһыллыбыта. Манна Адыаччы, Табалаах, Дьааҥы ыччаттара үөрэнэ киирбиттэрэ. Оскуола маҥнайгы сэбиэдиссэйинэн Дмитрий Николаевич Ноговицын, Егор Алексеевич Дедюкин, Иван Алексеевич Архипов, учууталларынан Савва Семенович Филиппов, Вадим Николаевич Холмогоров, Засим Сергеевич Шалагин үлэлээбиттэрэ. Оччолорго нэһилиэнньэ олох да үөрэҕэ суоҕун тэҥэ этэ. Ол иһин нэһилиэккэ туох баар сырдыгы, саҥаны тэнитэргэ бу бастакы учууталлар көҕүлээччилэринэн буолаллара. Ол курдук Дьокуускайтан сиэмэ аҕалан уоппут быһыытынан бэл бурдук ыһан үүннэрэ сылдьыбыттара. 1934 сыллаахха партия райкомун боломуочунайа, Саха сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа Георгий Гаврилович Попов быһаччы салалтатынан, нэһилиэк дьонун түмэ тардан А.Сидоров саҥа оскуола тутуутун сыл аҥаарыгар тутан бүтэрбиттэрэ. Оскуола тутуутугар кыттыбыттара: Семен Афанасьевич Чириков, Степан Дмитриевич Чириков, Герасим Николаевич Божедонов, Григорий Григорьевич Чириков, Петр Николаевич Потапов уо.д.а. Саҥа тутуллубут оскуола директорынан Егоров Даниил Николаевич хас да сыл үлэлээбит. Кинини кытта сэрии иннигэр үлэлээбиттэр: Л.П.Романов, А.А.Жирков, Т.М.Пинигина, И.И.Сивцев, И.Е.Захаров, А.В.Никитин, М.С.Софронов, Г.М.Стрекаловскай, В.Г.Андреев. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии ыарахан сылларыгар оскуолаҕа 5, 6, 7 кылаастар салгыы арыллан, оскуола бастакы 7 кылааһын выпуһун 1943-1944 үөрэх дьылыгар таһаарбыта: 1. Татьяна Спиридоновна Потапова 2. Афанасий Егорович Атласов 3. Константин Петрович Чириков 4. Анна Кирилловна Слепцова 5. Гаврил Иванович Эверстов Бу оҕолор кэлин нэһилиэккэ, улууска биллэр, общественнай үлэттэн туора турбат дьон тахсыбыттара. Ол кэмҥэ үлэлээбит учууталлар М.А.Гурьев, П.Е.Жирков, Г.И.Протопопов, П.Н.Неустроев, И.В.Касьянов, Г.И.Миронов.
Сэрии сыллара
Сэрии кэннинээҕи ыарахан кэмнэргэ оскуола эмиэ начальнай буолбута. Оскуоланы бүтэрбиттэр Боруулаах оскуолатыгар баран салгыы үөрэнэллэрэ. Ол кэмҥэ оскуоланы тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата Н.И.Горохов, учууталлар М.Д.Гатилова, Н.Г.Божедонов, И.И.Потапов, араас специалистар Н.Е.Новгородов, И.О.Горохов, Н.Н.Аммосов үөрэнэн бүтэрбиттэрэ.
1950-60-с сыллар
1949-1950 сылларга 5-с кылаастан саҕалаан, 6-7-с кылаастар хос аһыллан, 1952 сыллаахха оскуола 7 кылаастаах буолбута. Бу сылларга эдэр учууталлар кэлиилэрэ маассабай буолбута. Директорынан Н.М.Неофитов, В.К.Слепцов, М.А.Слепцов, П.К.Чириков, учууталларынан В.С.Поисеев, Е.Е.Протодьяконов, З.Е.Сектяева, И.М.Протопопов, А.Р.Слепцов, Е.Д.Егоров, К.С.Постников, А.П.Местникова, А.И.Чибыева, Е.Я.Барашкова, С.П.Колосов, М.Ф.Маркова, А.П.Васильева, Н.П.Васильев, А.Ф.Власова, Т.В.Кулаева, А.С.Ларькина уо.д.а. үлэлээбиттэрэ. 1950-с сылларга учууталлар М.А.Слепцов – музыкаҕа, А.И.Чибыева - үҥкүүгэ, А.П.Местникова – ырыаҕа, К.С.Постников – спортка, З.Е.Сектяева – уус-уран ааҕыыга оҕолору угуйан дьарыктыыр этилэр. М.А.Слепцов бэртээхэй баянист, оҕолору балалайкаҕа, гитараҕа, мандалинаҕа, скрипкаҕа үөрэтэн струннай оркестр диэни тэрийбитэ. Кини баар суох билиитин, айылҕаҕа тапталын үөрэнээччилэргэ сатабыллаахтык биэрэрэ. Кини салалтатынан төрөөбүт кыраайы үөрэтэр элбэх походтар тэриллэллэрэ, ол түмүгэр оскуолаҕа музей тэрийбитэ. Адыаччы 8 кылаастаах оскуолата үүнэригэр-сайдарыгар 1960-с сылларга директорынан үлэлээбит Т.С.Адаров, М.А.Слепцов үтүөлэрэ улахан. Ити кэмҥэ завучтарынан Е.И.Сидорова, В.З.Кириллина, А.И.Чибыева кыһамньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Бэйэлэрин үлэлэригэр бэриниилээх, оҕолору таптыыр эдэр көлүөнэ учууталлар М.И.Бурцева, Н.Г.Божедонов, У.М.Новгородова, Т.Е.Слепцова, Е.А.Рожина, Х.Е.Чирикова, М.Д.Слепцова, Е.С.Неустроева, С.И.Юмшанов, М.В.Васильева, М.Д.Гатилова уо.д.а. үүнэн тахсыбыттара.
1970-80-с сыллар
1970-с сылларга директорынан үлэлээбит педагогическай үлэ ветерана Анастасия Ильинична Чибыева бу оскуола материальнай баазата хаҥыырыгар, ис-тас көстүүтэ тупсуутугар, эстетическай иитии таһыма үрдүүрүгэр, учууталлар үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыыга, бастыҥ педагогическай опыты киэҥник тарҕатарга педколлективы түмэ тардан, оскуоланы оройуон бастыҥ оскуолатын кэккэтигэр киллэрэргэ күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ оскуола выпускницата Т.Н.Аммосова интернат үлэтин салайар буолбута. 1980-с сылларга, оскуола директорынан Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, РСФСР учууталларын III съеһин делегата А.И.Колесова, завуһунан Г.Д.Баишева, иитэр үлэҕэ завуһунан Р.С.Чирикова үлэлээбиттэрэ. Математикаҕа, физикаҕа, химияҕа, черчениеҕа, биологияҕа, географияҕа, нуучча тылыгар олимпиадалары ыытыы үгэскэ кубулуйар. Элбэх үөрэнээччини хабан туран, предметнэй нэдиэлэлэр, тематическай биэчэрдэр, викториналар, конкурстар, КВН-нар интэриэһинэйдик ыытыллар буолаллар. Бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт, оҕо билии ыларыгар сыраларын харыстаабакка үлэлиир учууталлар элбэх этилэр. Ол курдук математикаҕа – А.И.Колесова, Г.Д.Баишева, нуучча тылыгар – Г.Е.Чирикова, Р.С.Чирикова, биологияҕа, химияҕа – Е.Н.Горохова, Е.С.Неустроева, алын кылаастарга – М.В.Васильева, М.Д.Гатилова, П.Е.Цыпандина, физкультураҕа – С.С.Колесов, черчениеҕа – В.С.Чириков үлэлииллэрэ. А.И.Колесова сатабыллаах салайыытынан, нэһилиэк салалтатын өйөбүлүнэн, 1979 сыллаахха оскуолаҕа эбии 4 кылаас уонна 1982 сыллаахха аһыыр сир, мастерской салаата тутуллубуттара. 1988 сыллаахтан оскуола директорынан Г.Е.Чирикова, завуһунан Р.С.Чирикова, иитэр үлэҕэ завуһунан эдэр үлэһит Н.Н.Баишева үлэлииллэр.
Орто оскуоланы бастаан бүтэрээччилэр
1989 сыллаахха оскуола – орто оскуола статуһун ылбыта. 1991 сыллаахха орто оскуола быһыытынан бастакы оҕолорун үөрэтэн, олох киэҥ аартыгар атаарбыта. Ол оҕолор үгүстэрэ үрдүк үөрэхтэнэн республика, оройуон салайар үлэтигэр үлэлииллэр: В.В.Аммосов – СГУ ИТФ, инженер-строитель идэтин ылбыта. Л.Н.Баишева – СГУ педфагын бүтэрбитэ. В.В.Неустроев – ДьГТХА экономическай факультеты бүтэрбитэ. И.А.Федоров – СГУ ФизФагын бүтэрбитэ. С.Я.Хабитов – Милиция үрдүкү оскуолатын бүтэрбитэ. Нь.В.Чириков – Московскай Землеустроительнай университеты бүтэрбитэ. В.Н.Юмшанов – СГУ ГРФ бүтэрбитэ. Атын оҕолор бары араас идэни баһылаан оройуоннарыгар, нэһилиэктэригэр төһүү үлэһит буолбуттара.
1990-с сыллар
1990-с сылларга Пионерскай тэрилтэ оннугар "Кэскил" оҕо общественнэй тэрилтэтэ үөскээбитэ. Маҥнайгынан, бу үлэни координатор Е.Х.Потапова салайбыта. Тэрилтэ үгүс оҕону бэйэни салайыныыга ииппитэ. "Кэскил" тэрилтэ лидердэринэн араас сылларга Вера Чирикова, Любовь Анисимова, Ваня Слепцов, Айта Потапова, Саргы Кириллина, Марианна Слепцова, о.д.а. талыллан көхтөөхтүк үлэлээбиттэрэ. 1993 сыллаахха оскуола салалтата бүтүннүү уларыйан, директорынан эдэр эрчимнээх киһи Н.И.Ушницкай ананан үлэтин саҕалаабыта, үөрэх чааһыгар директоры солбуйааччынан В.С.Слепцова, иитэр үлэҕэ завуһунан М.И.Горохова үлэлээбиттэрэ. 1996-2000 сылларга Е.С.Чирикова иитэр үлэҕэ завуһунан үлэлээбит кэмигэр айымньылаах үлэтин түмүгэр оскуолаҕа эстетическэй иитиини инники күөҥҥэ таһаарбыта. Ол курдук, "Адыаччаана" оҕо үҥкүү ансаамбыла, вокальнай-инструментальнай ансаамбыл тэриллэн, улуус-республика таһымыгар талааннаах оҕолор тахсыбыттара. Улуустааҕы "Хотугу сулус" күрэх дипломаннара, кыайыылаахтара буолбуттара. Оттон Елена Серафимовна саҕалаабыт улуус нэhилиэктэригэр гастроллуур үгэс билигин да салҕанан барар. Спорт эйгэтигэр орто оскуола ситиһиилээх выпускниктара: 1. Афанасий Омукчанов – мас тардыһыыга спорт маастарыгар кандидат. 2. Алексей Анисимов – мас тардыһыыга спорт маастара, троебориеҕа Россия спордун маастара. 3. Виктор Ощепков – көҥүл тустууга спорт маастарыгар кандидат. 4. Виктор Анисимов – көҥүл тустууга спорт маастарыгар кандидат, о.д.а.
Василий Семенович Чириков аатынан
Оскуола 2008 сыллаахтан САССР үтүөлээх учуутала Василий Семенович Чириков аатын сүгэр. Василий Семенович - черчение республикатааҕы олимпиадатыгар үгүс көлүөнэ чемпион үөрэнээччилэри бэлэмнээн таһаарбыта, Россияҕа киэҥник биллибит "Уһуйаан" аһаҕас микро-оскуоланы тэрийбитэ, республикаҕа холобур буолбут Уруһуй, Черчение холбоммут кабинетын бэйэтин күүһүнэн кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн тэрийбитэ, улууска биир бастакынан хомус охсуутун саҕалаабыта, бу эйгэҕэ ситиһиилэнэн, хас да үлэтэ Амынньыкы аатынан куонкуруска бэлиэтэммитэ. Билигин хас да хомуһа - Дьокуускайга Хомус түмэлигэр хараллан сытар. Маны таһынан хотугу сир оһуорун-мандарын анаан чинчийбитэ.
Литэрэтиирэ
Адыаччы оскуолата. - Баатаҕай: 2007 с.