Борисов, Андрей Саввич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Борисов Андрей Саввич

Борисов Андрей Саввич — судаарыстыбаннай уонна култуура диэйэтэлэ, уhулуччулаах режиссер. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунаһын сайдыытын миниистирэ (1990-2014с.с.), Былатыан Ойуунскай аатынан Саха академическай тыйаатыр уус-уран салайааччыта, Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи.

Олоҕун олуктара

  • 1951 сыл сэтинньи 28 күнүгэр Кэбээйи улууһун Нидьили нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • 1974 сыллаахха М. С. Щепкин аатынан Үрдүкү тыйаатыр үөрэҕин (М. Н. Гладков кылааһа) бүтэрбитэ.
  • 1983 сылтан Саха тыйаатырын сүрүн режиссера.
  • 1976 сыллаахха армияттан кэлэн баран, Саха судаарыстыбаннай үнүбэрсиэтигэр тыйаатыр устуудьуйатын тэрийбитэ.
  • 1977—1981 сыллардаахха А. В. Луначарскай аатынан ГИТИС (маастар — А. А. Гончаров) устудьуона. Устудьуоннуу сылдьан В. В. Маяковскай аатынан тыйаатыр испэктээктэригэр кыттар.
  • 1982 сылтан Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын режиссера.
  • 1990 сылтан 2015 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунаһын сайдыытын миниистирэ.
  • 2000 сылтан 2007 сылга диэри АГИИК ректора.
  • 2014 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэhитэ.

Дьиэ кэргэнэ, аймахтара

Кэргэнэ — Борисова Степанида Ильинична, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, ырыаһыт, Российскай Федерация норуодунай артыыһа.

Айар үлэтэ

  • Суорун Омоллоон «Сайсары», исправник, 1974
  • Чингиз Айтматов. «Хаарыан хампа күөх кытылым», 1982. Бу испэктээк 1986 сыллаахха ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин ылбыта
  • В. Протодьяконов уонна А. Борисов «Мин хаалларбыт ырыаларым»
  • Н. Гоголь. «Кэргэн кэпсэтии», 1984
  • А. Софронов. «Бүдүрүйбүт көммөт», 1984. Бу испэктээги ССКП Саха обкома бобо сылдьыбыта
  • Суорун Омоллоон. «Көҥүл итии күнэ», 1985
  • Н. Лугинов. «Алампа, Алампа», 1986
  • Б. Брехт. «Сезуан үтүө киһитэ», 1987
  • В. Распутин. «Прощание с Матерой», 1989. Бу испэктээги Москуба куорат М. Горькай аатынан МХАТка туруорбута
  • П. Ойуунускай. «Улуу Кудаҥса», 1990
  • А. Борисов. «Танцплощадка», 1993
  • Вл. Соловьев. «Три разговора», 1993. Бу испэктээги А. С. Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырыгар туруорбута
  • М. Жирков уонна Г. Литинскай. «Дьулуруйар Ньургун Боотур», опера, 1993. Бу испэктээги Опера уонна балет тыйаатырыгар туруорбута
  • П. Ойуунускай. «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай», 1994
  • А. Чехов. «Хопто», 1995
  • М. Мусоргскай. «Борис Годунов», опера, 1996. Бу испэктээги Опера уонна балет тыйаатырыгар туруорбута
  • У. Шэкспир. «Илиир Хоруол», 1998. Бу испэктээк Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин ылбыта
  • В. Федотов. «Одиссея инока Якутского», 1999. Бу испэктээги А. С. Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырыгар туруорбута

Наҕараадалара уонна ааттара

  • Российскай Федерация норуодунай артыыһа,
  • Российскай Федерация уонна Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ,
  • ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата,
  • Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата,
  • СР П. А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата,
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык олохтооҕо (2011)[1]

Быһаарыылар

Өссө маны көр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина

Ылыллыбыт сирэ