Борисов
Борисов — нуучча араспаанньата.
Араспаанньалаахтар
А
- Борисов, Андрей Саввич — судаарыстыбаннай уонна култуура диэйэтэлэ, уhулуччулаах режиссер. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунаһын сайдыытын миниистирэ, Былатыан Ойуунскай аатынан Саха академическай тыйаатыр уус-уран салайааччыта, Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи.
- Борисов Александр Ильич — СӨ судаарыстыба уонна түмэт дьайыксыта, П. И. Дудкин аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ сибээһин үтүөлээх үлэһитэ.
- Борисов Андриан Афанасьевич — устуоруйа билимин дуоктара.
- Борисов Афанасий Дмитриевич — экэнэмиис.
Г
- Борисов Гаврил Гаврильевич — Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа.
- Борисов Георгий Дмитриевич — учуутал, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ, Иккис Аан дойду сэриитин кэмигэр эпиһиэр, сэрии кэнниттэн Австрияҕа комендатура сулууспалааҕа, Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэстээтэлэ, Анаабыр улууһун Ытык киһитэ, кинигэ ааптара.
- Борисов Георгий Иванович — саха прозаига, тылбаасчыт.
Е
- Борисов Егор Афанасьевич — судаарыстыба уонна бэлиитикэ диэйэтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.
И
- Борисов Иван Васильевич — суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ.
- Борисов Иннокентий Иннокентьевич — тимир ууһа, стахановец, «Бочуот Знага» орден кавалера.
М
- Борисов Михаил Васильевич — дыраама тыйаатырын уонна киинэ артыыһа.
- Борисов Михаил Гаврильевич — Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа.
- Борисов Михаил Егорович — Мэҥэ улууһун уопсастыбаннай диэйэтэлэ.
С
- Борисов Семен Захарович — ил уонна баартыйа диэйэтэлэ.
- Борисов Спартак Степанович — Саха Сирин политига.
Т
- Борисов Тихон Петрович — аатырбыт олоҥхоһут.