Борисов Тихон Петрович

Тихон Петрович Борисов — Ырыа Тиихээн (1863, Дьүлэй, Саха уобалаһа1917) — Ыраахтааҕылаах Арассыыйа кэминээҕи олоҥхоһут, импровизатор ырыаһыт, саха төрүт үгэстэрин, сиэрин-туомун тарҕатааччы.

Олоҕун олуктара

1863 сыллаахха Боотур Уус улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр (билигин Таатта улууһа) сэниэ ыалга төрөөбүтэ[1][2]. Оҕо сылдьан уоспанан ыалдьан, хараҕа суох буола сыспыта[2].

1917 сыллаахха өлбүтэ[1][2].

Айар үлэтэ

Айылҕаттан ыллыыр дьоҕурдаах (кылыһахтаах) эбит, эдэр сааһыттан Таатта биллиилээх ырыаһыттарын уонна олоҥхоһуттарын —Кээмпэһи, Бабыата Мохоробу, И. Н. Винокуров-Табахыырабы, ону тэҥэ аҕатын бииргэ төрөөбүт убайын Ырыа Киргиэлэйи — батыһа сылдьан истибит[2][1].

«Мачайар Баһылай», «Чабычах Ырыата», «Суор Ырыата» диэн тойуктары толороро[2][1]. Норуот үгэстэрин, уруу сиэрин-туомун, булка уонна атын да бэлиэ түгэннэргэ айыылартан көрдөһөр алгыстары этэрэ[1]. 1913 сыллаахха учуонай-лингвист С. А. Новгородов кини толоруутугар «Байанай алгыһа» («Байанайы ыҥырыы») диэн алгыһы суруйан ылбыта[1].

Тихон Борисов айар үлэтэ саха интэлигиэнсийэтин үөскээһинигэр дьайбыта. Судаарыстыбаннай диэйэтэл уонна суруйааччы Былатыан Ойуунускай оҕо сылдьан, эһэтэ Уйбаан Унаарапка Дьүлэй нэһилиэгэр ыалдьыттыы сылдьан, Тихон Борисовы, ону тэҥэ атын олоҥхоһуттары элбэхтик истибитэ[3].

Аатын үйэтитии

  • 1993—1994 сылларга «Доҕордоһуу» Өлүөнэтээҕи устуоруйа-архитектура түмэл-заповеднигар (Э. А. Алексеев бырайыага) былыргы мэҥэ таастар ансаамбыллара туруоруллубута, манна олоҥхоһуттарга анаммыт мэҥэ таастар ортолоругар — Борисов Т. П. (Ырыа Тиихээн) мэҥэ тааһа баар[4].

Библиографията

  • Живая старина. Вып. 3—4. — Петроград, 1914.

Сигэлэр

  • Новгородов С. А. Первые шаги якутской письменности. — М., 1977.
  • «Энциклопедия Якутии». — Якутск, 2000.
  1. 1 2 3 4 5 6 Борисов Тихон Петрович (рус.). Национальная библиотека РС(Я). Сигэнии күнэ: 25 Атырдьах ыйын 2026.
  2. 1 2 3 4 5 Импровизаторы (рус.). Хатасская СОШ. Сигэнии күнэ: 25 Атырдьах ыйын 2026.
  3. Ойунский впитал олонхо вместе с материнским молоком (рус.). Якутский музей. Сигэнии күнэ: 25 Атырдьах ыйын 2026.
  4. Народные мастера Таттинского улуса (рус.). Таттинская библиотека. Сигэнии күнэ: 25 Атырдьах ыйын 2026.