Борисов Иван Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Борисов Иван Васильевич — суруналыыс, 2001—2008 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ.

Олоҕун олуктара

1939 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Дүллүкү с. төрөөбүт.
Өр кэм «Якутский университет» хаһыакка үлэлээбит.
1976—1984 сс. — Саха АССР Гостелерадио редактора, старшай редактора.
1984 сылтан — Саха Сирин суруналыыстарын Сойууһугар үлэлээбит, эппиэттинэстээх секретарь.
1992 сылтан — Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
2001—2008 сс. — Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ.
ССРС суруналыыстарын Сойууһун VI, VII съезтэрин үлэтигэр кыттыбыт, ол кэннинээҕи аҕыс съезтэргэ делегатынан талыллан кыттыбыт.

Айар үлэтэ

Бастакы ыстатыйалара 1957 сыллаахха «Социалистическая Якутия» уонна «Молодой коммунист» хаһыаттарга бэчээттэммиттэр. Ол кэннэ «Советская Россия», «Красная звезда», «Советская торговля», «Советский спорт», «Пионерская правда» о. д. а. киин хаһыаттарга бэчээттэммит.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • И. А. Аргунов аатынан бириэмийэ лауреата
  • Дүллүкү нэһилиэгин Ытык олохтооҕо

Сигэлэр