Ускуустуба уонна култуура арктикатааҕы судаарыстыбаннай института

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ускуустуба уонна култуура арктикатааҕы судаарыстыбаннай института (нууч. Арктический государственный институт искусств и культуры) - Дьокуускай куоракка баар ускуустуба уонна култуура хайысхаларынан үөрэтэр, уус-уран хайысхаларынан чинчийэр уонна айар оскуолалаах үрдүк үөрэх кыһата.

Түөрт факультеттаах:

  • Толорор ускуустуба факультета (идэлэрэ: вокал ускуустубата, үнүстүрүмүөнүнэн толоруу, музыковедение, хорегорафия ускуустубата)
  • Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба факультета (идэлэрэ: эйгэ дизайна, көстүүм дизайна, графика, живопись)
  • Арктика омуктарын болкулуордарын уонна этнокултуураларын факультета (идэлэрэ: хореография, норуот уус-уран култууратын түөрүйэтэ уонна устуоруйата)
  • Информация, бибилитиэкэ технологияларын уонна култуураны салайыы факультета (идэлэрэ: бибилитиэкэҕэ информацияны таҥастааһын, тэрилтэни салайыы, прикладной информатика, уопсастыбаҕа-култуураҕа үлэ)

Устуоруйата

2000 сыллаахха СӨ таһымыгар хас да атын үөрэх кыһыларын Дьокуускайдааҕы филиаалларыттан таҥыллан төрүттэммитэ: МХАТ оскуола-устуудьуйата, Урааллааҕы судаарыстыбаннай консерватория, Красноярскайдааҕы судаарыстыбаннай уус-уран институт уонна Илин Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба акадьыамыйата.

Тэрийээччи ректор култуура уонна кут-сүр сайдыытын миниистирэ, СӨ норуотун артыыһа А.С. Борисов буолбута.

2007 сыллаахха институт бэдэрээссийэ көрүүтүгэр Арассыыйа култууратын министиэристибэтигэр бэриллибитэ. Ол сыл толору тургутууну ааспыта. 2008 сыллаахха институкка С.С. Игнатьева ректорынан анаммыта.

2011 сыллааҕы туругунан институука 832 устудьуон үөрэнэр этэ. 14 билим дуоктара, 42 билим хандьыдаата үлэлииллэрэ. 19 уһуйааччы судаарыстыба ытык сыбаанньатын сүгэллэрэ[1].

Быһаарыылар

  1. Энциклопедия культуры и искусства Якутии. / Министерство культуры и духовного развития РС(Я). Сост. В.А. Босиков и соавт., 2011. 33 С.